Тува ураанхайдара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тувинецтар сайн-урянхаецтар диэн 13 үйэҕэ тыатааҕы Рашид-ад-дин туоhулуурунан, бу сайн-урянхилар тыалаах хайаҕа эрэ олорор буоланнар ураанхайдар диэн аатырбыттар, ол эрээри дьиннээх ураанхайдар буолбатахтар. Рубрук суруйуутугар оренгаи диэн Баргу хонуутугар олорор, туу хайыhарынан муус устун олус түргэнник сүүрэр булчут омук баарын бэлиэтиир. Манна Барãа, Баргузин диэн Байкал хоту-илин өртүгэр баар киэҥ хочо ааттанарын бэлиэтиэххэ син. Манна кырдьык Ураанхайдар истиэптэрэ диэн сир баар. Онон сайн-урянкаецтар тувинецтар өбүгэлэрэ 13 үйэҕэ олох да Байкал таhыгар олорбуттара буолаарай диэн ыйытыы үөскүөн сөп? Дьиикэй, тыатааҕы омук диэн өйдөбүллээх. Монголияҕа дархаттар биитэр урянкаецтар диэн бааллара биллэр, дьиҥэр кинилэр тувалар буолаллар. Кинилэр бэйэлэрин уйгуурдар дэнэллэр эбит. Дархаттар диэни көҥүл, босхоломмут дьон диэн өйдүөххэ син. Кинилэр өбүгэлэрэ монголларга унаган-боҕол ол аата кулут эбиттэр. Онтон Удачи диэн кинилэртэн полководец киhиэхэ биир тыhыынча ураанхай буойуннаах Чингисхан уонна кини удьуордарын көмүллүбүт сирдэрин харабыллыыр ытык эбээhинэс сүктэриллибит. Маны таhынан Арҕаа Монголияҕа Кобдо аймаҕар бэрт аҕыйах киhилээх урянх норуота баарын бэлиэтиэххэ син, кинилэр ойууннарын илдьэ сылдьаллар эбит, дархаттартан туhунан омук, кимтэн төрүттээхтэрэ өссө ситэ биллэ илик.

Манна тувинецтар Субудай урянкит бииhин киhитэ буоларынан өбүгэбит дии сатыылларын ырытыахха сөп. Өссө кини уола эмиэ аатырбыт полководец Урянхатай, Чыҥыс Хаан түөрт күлүгүттэн биирдэрэ Джэльмэ эмиэ бу биистэн төрүттээхтэрин ыйыахха син. Ол эрээри бу урянкит бииhэ тувинецтар өбүгэлэрэ буолар сайн-урянхайдартан олох атын, төрүт былыр монгол састаабыгар киирбит. «Ытык сэhэн» саҕаланыыта монгол өбүгэтэ Добун-Мэргэн табаны сүгэн иhэр ураанхай киhитин көрсөн таба үссэнэн аhаабыта сэhэргэнэр. Монгол төрдө буолбут Бодоньчар бэйэтин бырааттарын кытары ыаллыы ураанхайдары кулут-чаҕар дьон оҥостубута кэпсэнэр. Онтон ылата урянкиттар Чингисхан ууhугар борджигиннарга хамначчыт дьон буолбуттар, ол сиэринэн Субудай Чингисханы кыргыһыы кэмигэр харабыллыыр чаҕар киhинэн өр кэм олоро сылдьыбыт.