Тринитротолуол
Эстэр һэктэр уонна эстэр оҥоһуктар хайдах бэйэ оҥоһоллорун туһунан билии бобуллар
Тринитротолуол (атын ааттара: тротил, тол, ТНТ, 2,4,6-тринитрометилбензол) - саамай киэҥник туттуллар бризантнай үнтү тэбэр вещество. Саһархай кристаал көрүҥнээх, ууллар температурата 80,35 °C (оргуйар уугаа ууллар). Промышленоска туттуллар көрүҥнэргэ - гранулалаах, уулларыллан баран кутуллубут эбэтэр пресстаммыт.
Атын үнтү тэбэр эттиктэргэ холоотоххо, тротил ордуктардаах: уулларан баран ханнык баҕар халыыпка кутуохха син, эстибэккэ умайар, өр харайыытыттан буорту буолбат. Детонатора суох эстибэт.
Тротилы Юлиус Вильбрандт диэн ниэмэс фиизига арыйбыта.
Оҥоһуллуута
Оҥоһуллуутугар хас да кэрдиис баар:
Бастакы кэрдииһэ: толуолу нитруйдуллар, азотнай уонна сернай кислотааларынан. Сернай кислота ууну оморор.
- 2C6H5CH3 + 3HNO3 → C6H4CH3NO2 + C6H3CH3(NO2)2 +3H2O
Иккис кэрдииһэ: Онтон моно- уонна динитротолуол эмиэ нитруйданар, азотнай кислота уонна олеум булкааһыгар. Олеум ууну оморор:
- C6H4CH3NO2 + C6H3CH3(NO2)2 + 3HNO3 → C6H2CH3(NO2)3 +3H2O
Уонна бүтэһигэр, хаалбыт кислотаалары натрий гидрокарбонаатынан (аска туттуллар суода) суох гыналлар:
- NaHCO3+HNO3 → NaNO3 + H2O + CO2↑
- 2NaHCO3+H2SO4 → Na2SO4 + H2O + CO2↑
Свойствалара
- Чиҥэ: 1654 кг/м³
- Ууллар температурата 80,35 °C
- Оргуйар температурата 295 °C
- Эстэр итиитэ 4,23 МДж/кг
- Детонациятын түргэнэ — 6700–7000 м/с (плотность: 1,6 г/см³).
- Бризантноһа Гесс боруобалааһынан — 16 мм
- Бризантноһа Каста боруобалааһынан — 3,9 мм
- Фугасноһа 285 мл