Тоҕой Сэлэ
Ыһыах түһүлгэтин тула хахыйаҕынан кэккэлэччи сэлэ (сэлэлии диэн тылтан) анньаллара. ("Сэлэ астыбыт"). Туҥ былыргы өйдөбүлүнэн: Лаппа байбыт баай (олоҕун устата үстэн ордуга суох) урдук Айыыларга махтанан (алгыс ылаары) "Тоҕус Тоҕойдоох Сэлэни" анньара. "Тоҕус Тоҕойдоох" диэн "сэлэ тоҕус муннугар (өттүгэр), анаан туруоруллубут сэргэлэргэ(?), ыһыах кэмигэр баай сылгытын үөрдэрин тоҕус бастыҥ атыырдарын баайалларын этиллэрэ. Тоҕой Сэлэ хойукку өйдөбүлүнэн: Ыһыах тэрээһинэ диэн этэ. Ыһыах күнүн сарсыардатыгар үс (баҕана диэн ааттаах) титириги төбөлөрө хатыйа буолалларын курдук суоттаан, уһуктаммыт төрдулэрин кырыска батары анньаллара. Хатыйа төбөлөрун ситиинэн хам баайаллара. Ол баҕаналарга үс сытыары сурҕаах мастары баайаллара. Хас да күн көҕуөр симиирдэргэ көөнньүбүт уохтаах кымыһы сири иһиттэргэ саамылаан кутан сыарҕалаах оҕуһунан түһүлгэҕэ тиэйэн аҕалан сурҕаахтар анныларыгар олордон, иһиттэр үөһээнэн суптугур сирдэриттэн, баайталаан кэбиһэллэрэ.(Онтон бүгүҥҥү кэмҥэ Тоҕой Сэлэ туһунан ким хайдах буһарарынан өйдуур.)
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |