Тохсус хонугар атаарыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ийэ кут диэн киһи өйүн-санаатын төрүт кута. Бу өй-санаа оҕо кыра эрдэҕиттэн үгэстэртэн хомуллан үөскүүрүттэн төрүт кут диэн ааттанар. Оҕо аан маҥнай билбит үгэстэринэн ийэтин көмөтүнэн иитиллэриттэн ийэ кут диэн ааттаммыт уонна оҕо өйө-санаата сайдарыгар ийэ ылар улахан оруолун биллэрэр. Ол иһин ийэ кут иитиллэр диэн бэлэм билиилэринэн толорулларын этэллэр.

Оҕо кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ, ийэ кута тугу саҥаны билбититтэн, көрөн соһуйбутуттан үөскээн үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар мунньуллан иһэр. Ийэ кут маннык үөскээһинин сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ табатык быһаарар.

Сахалар оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэрин билэллэриттэн “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” улаатыннараллар этэ. Ол аата оҕо иитиитин бэйэлэрэ эрэ оҥороллор, үчүгэй диир быһыыларын элбэхтик оҥотторон үчүгэй үгэстэнэрин ситиһэллэр. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи үчүгэй быһыылары элбэҕи оҥорор кыахтанарын туһаналлар.

Киһи үйэтин тухары билбит үөрэҕэ, билиитэ өссө дириҥээтэҕинэ, хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан иһэр. Дириҥ билии диэн үгэскэ кубулуйбут билиилэр ааттаналлар. Үгэстэр өссө үөрэх, билии хос-хос хатыланыытыттан эмиэ үөскээн эбии мунньуллаллар. Ол иһин киһи сааһыран истэҕинэ үгэстэрэ эбиллэн иһэллэр.

Үгэскэ кубулуйбут билии умнуллубат буолар. Кырдьыбыт киһи оҕо, эдэр эрдэҕинээҕитин букатын умнубакка өйдүү сылдьара, ол билиилэрэ үгэскэ кубулуйбуттарын биллэрэр.

Санаа элбэхтэ хатыланан үгэскэ кубулуйдаҕына, уларыйдаҕына эрэ киһини табатык хамсатар кыахтанар. Быччыҥнары үгэс буолбут өй-санаа хамсатар кыахтанан үөрүйэх буолбут хамсаныылары үөскэтэр.

Тоҕус хонугунан киһи ийэ кута, өйө-санаата, үгэстэрэ үрэллэн, ыһыллаллар.  Биир эмэ, үөрүйэххэ кубулуйбут ордон хаалыан сөп. Өй-санаа бу үрэллиитин кэмэ баара экстрасенстар сүппүт киһини хаартысканан көрөн билиилэринэн чуолкайданар. Хаартысканан көрөн киһи өлбүтүн дуу, тыыннааҕын дуу быһаарыы тоҕус хоммутун кэннэ биирдэ биллэр, хаартыска көрүҥэр уларыйыы тахсар диэн этэллэр.

Сиэркилэҕэ аһара элбэхтик көрүннэххэ киһи көрүҥэ онно иҥэн, олорон хаалар диэн өйдөбүл баар. Эт-сиин өлбүтүн кут билбэтиттэн, мээнэ көрдүү сылдьан сиэркилэҕэ иҥэн хаалбыт көрүҥүн көрөн онно хаалан хаалыан, үөр буолуон, бу ыалы аймыан сөп.

Киһи өлбүтүн кэннэ 9 хонуга туолуор, ол аата ийэ кута үрэллиэр, барыар диэри сиэркилэни хара таҥаһынан сабыы үгэһэ ити быһаарыыга олохсуйар.

Өлбүт киһи ийэ кута этиттэн-сииниттэн арахсан туспа, Үөһээ дойдуга барарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарара аныгы науканан дакаастанан эрэр чахчы буолар. “Коллективное бессозна-тельное” диэн З.Фрейд арыйбыт дьон өйө-санаата мунньуллар сирэ баарын бары билинэн эрэллэр.

Сахалар Үөһээ дойду диэн ааттыыр өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан мунньуллар сирэ баарын былыргыттан, олоҥхо кэмиттэн ыла билэллэр. Былыргы кэмнэргэ ол эбэтэр анараа дойду диэн ааттыыллара. Ойууннар кыыран өй-санаа уларыйбыт туругар киирэн, Үөһээ дойдуга тахсан, онно олорор барыны-бары билэр араас айыылартан манньа биэрэн, ыйыталаһан туох баҕарбыттарын барытын билэллэр эбит.

Түүлгэ киһи үгэс буолбут өйдөрүн-санааларын илэ курдук көрөр. Бу уратыны өссө чуолкайдаан биэрдэххэ түүлгэ үгэстэр, ол аата бу көстөр бэлиэҕэ иҥмит өйдөбүллэр көстөллөр. Ол иһин түүллэр бэлиэлэринэн, онно иҥмит өйдөбүллэринэн тойонноноллоро син элбэхтик табыллар. (1,19).

Туох эмэ бэлиэ түгэн, аһара куттаныы, уолуйуу биирдэ көстөөт да үгэһи үөскэтэллэрэ, түүлгэ киирэн көстөллөрө биллэр. “Түүлгэ киирэн хаалыа” диэн төрөппүттэр кыра оҕолорго куһаҕан көстүүлэри көрдөрбөккө кыһаналлар.

Үгэстэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугар эмиэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсаллар:

1. Үтүө, үчүгэй, олоххо туһаны аҕалар үгэстэр.

2. Киһини куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөптөөх үгэстэр.

Баҕа санаа диэн киһи олоҕун сирдьитэ. Киһиэхэ үчүгэй баҕа санаалар бааллара хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Үчүгэй баҕа санаалары үгэс оҥостуу таҥараны үөскэтэр. Олохсуйбут үгэстэртэн таҥаралар үөскүүллэр. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи таҥаралаах киһи, олоҕор ситиһэ сатыыр сыаллардаах буоларыттан киһи быһыытын, сиэри тутуһар кыаҕа улаатар.

Үгэс буолбут өйдөр-санаалар киһи ийэ кутун үөскэтэллэр. Өлүү диэн киһи этэ-сиинэ өлөр, хаалар, көмүллэр. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, ийэ кута, үгэстэрэ ыһыллан Үөһээ дойдуга тахсан айыы буолан сылдьаллар. Манна ханнык айыы; үрүҥ, үчүгэй дуу эбэтэр хара, куһаҕан айыы буолаллара киһи үйэтин устата оҥорбут быһыылара хайдахтарыттан эрэ тутулуктанар.

Айыылар диэн өлбүт, биһиги иннибитинэ олорон ааспыт дьон өйдөрө-санаалара, оҥорбут ураты быһыылара, айыылара үгэс буолан сылдьаллара ааттанар. Айыылар икки аҥы арахсалларыттан билигин тыыннаах, баар дьоҥҥо туһалыылларынан үрүҥ айыылар ааттаналлар, онтон хара, куһаҕан айыылар умнуллар аналлаахтар.

Дьон бары өллөхтөрүнэ үрүҥ айыы буолан кэлэр көлүөнэлэригэр туһалыахтарын баҕараллар. Ол барыта олохторун устата оҥорбут быһыыларыттан тутулуктанарын билиэхтэрэ этэ. Киһи үйэтин тухары элбэх үчүгэйи оҥорбутун ахтаннар, кэпсээннэр, оҥорбут быһыыларын кэлэр көлүөнэлэр туһаналларыгар анаан үрүҥ айыы оҥороллор.

Киһи үтүө, үчүгэй үгэстэрин үрүҥ айыы диэн ааттаан кэлэр көлүөнэлэри иитэргэ, үөрэтэргэ анаан туһаныы сир үрдүгэр үчүгэй быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр. Өлбүт киһи өйүн-санаатын үрүҥ айыы оҥоруу нууччаларru:святой” диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр.

Өлбүт киһи куһаҕан үгэстэрин умналлар, ахтыбаттар, ол иһин хаалан хаалар. “Айыы этиитэ” диэн үгэс киһи куһаҕан санааларын кимиэхэ эмэ этэн Орто дойдуга хаалларарын үөскэтэр, ол иһин  Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, куһаҕан үгэстэрэ суох буолалларыгар аналланар. Үөһээ дойду өйө-санаата, өлбүт дьон көстүүлэрэ, дьоҥҥо түүллэригэр киирэн ийэ куттарын салайыан сөбүттэн үчүгэй үгэстэр онно мунньуллаллара туһатын улаатыннарар.

Өлбүт киһини атаарыы тохсус хонугар аймахтара уонна үчүгэйдик билэр табаарыстара сылдьаннар оҥорбут үчүгэй быһыыларын ахтан ааһаллар, үрүҥ айыы оҥороллор.

Киһи өлбүтүн тохсус хонугар атаарыы диэн туспа барар, ыһыллар, Үөһээ дойдуга тахсар ийэ кутун атаарыы ааттанар. (2,97).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Түүлү тойоннооһун. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 112 с.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2020. - 116 с.