Томский, Арсен

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Арсен Томский (20 cэтинньи 1973 с, филантроп, международнай технологическай хампаанньыйа inDrive төрүттээччитэ уонна генеральнай исполнительнэй дириэктэрэ, Арассыыйаҕа бастакы тутулуга суох интернет-издание — Ykt.Ru төрүттээччитэ, «inDriver: От Якутска до Кремниевой долины. История создания глобальной технологической компании» кинигэ автора.

Олоҕун олуктара

Үөрэҕэ

1995 сыллаахха Саха государственнай университет математическай факультетын бүтэрбит. 2021 сыллаахха Стэнфордскай высшай бизнес оскуолаҕа салайааччыларга аналлаах Стэнфордскай программаларын ааспыт[1].

Үлэтэ

1994 сыллаахха Саха Сиригэр урбаанньыт үлэтин саҕалаабыт, кини үп индустриятыгар программалары оҥорон саҕалаабыта [источник]. 1999 сыллаахха SakhaInternet хампаанньыйа төрүттээбитэ, кэнники Sinet Group диэн буолбута уонна Ykt.ru сайтын саҕалаабыта[2][3]. 2013 сыллаахха Дьокуускайга Арсен Томский inDriver хампаанньыйаны арыйбыта (Independent Drivers диэн этии кылгатыыта — тутулуга суох суоппардар)[4]. inDrive пассажирскай перевозка сервиһын үлэтин саҕалабыта. Уонна атын сервистэр эбиллэннэр, аҕыйах кэм иһигэр хампаанньыйа улахан грузовой перевозкалары саҕалабыта уонна куораттар ыккардыларынааҕы айаннары, курьер уонна куорат иһигэр өҥөлөрү оҥорон саҕалаабыта.

Тохсунньу 2020 сыллаахха inDrive 72 мөлүйүөн доллардаах аан бастакы бөдөҥ инвестицияларын ылан, 472 мөлүйүөн долларга сыаналаммыта, онуоха Bond Capital сүрүн инвестор быһыытынан кыттыбыт[5]. 2021 сыл саҕаланыытыгар inDrive единорог-хампаанньыйаннан билиниллибитэ[6], Insight Partners, General Catalyst уонна Bond Capital, курдук фондалар 150 мөлүйүөн доллар инвестициялаабыттар, кинилэр хампаанньыйаны 1,23 миллиард долларга сыаналаабыттара[7].

Билигин компания өҥөтө 700-тэн тахса куоракка, 47 дойдуга баар[8], оттон inDrive штаб-квартирата Маунтин-Вью, Калифорния баар.

2022 сыллаахха Арассыыйа Украинаҕа байыаннай киириитинэн сибээстээн, Арсен Томский inDrive үлэһиттэрин cыл бүтүөр диэри толору релокациялааһын туһунан уурааҕы ылыммыт[9][10].

Быһаарыылар

  1. Арсен Томский стал выпускником Стэнфорда, Ykt, 2021 https://news.ykt.ru/article/125004
  2. История успеха Арсена Томского: «Не бойтесь, не слушайте отговорок. Делайте!», Северо-Восточный федеральный университет имени М.К. Аммосова, 2013 https://www.s-vfu.ru/news/detail.php?ELEMENT_ID=14905
  3. CAN THIS SIBERIAN ENTREPRENEUR MAKE YOU HAGGLE FOR YOUR RIDE? OZY.com, 2019 https://www.ozy.com/around-the-world/can-this-siberian-entrepreneur-make-you-haggle-for-your-ride/92899/
  4. Арсен Томский: "В жизни – как на велосипеде, нельзя останавливаться в развитии" oyla.xyz, 2017https://www.forbes.ru/svoi-biznes/442151-osnovatel-indriver-arsen-tomskij-forbes-budem-delat-raundy-primerno-raz-v-god
  5. InDrive, Crunchbase https://www.crunchbase.com/organization/indriver
  6. Siberian-born unicorn is now among the world’s top ride-hailing apps, BNE, 2021 https://bne.eu/siberian-born-unicorn-is-now-among-the-world-s-top-ride-hailing-apps-221570/
  7. «Мы не благотворители, не патриоты. Мы развиваторы». Бизнесмен, который построит футбольные школы в малых городах России, sports.ru, 2022https://www.sports.ru/tribuna/blogs/voronin/3036711.html
  8. inDriver меняет название на inDrive, kapital.kz, 2022https://kapital.kz/business/109552/indriver-menyayet-nazvaniye-na-indrive.html
  9. Departure of Tech Workers Weighs on Russian Economy, The Wall Street Journal, 2022 https://www.wsj.com/articles/departure-of-tech-workers-weighs-on-russian-economy-11668172429?st=y7aj97u7uis7ukg&reflink=share_mobilewebshare
  10. Основатель inDriver Арсен Томский — о релокации в Казахстан, конкуренции с «Яндекс Такси» и потенциальной сделке с Uber, vc.ru, 2022 https://vc.ru/transport/514365-osnovatel-indriver-arsen-tomskiy-o-relokacii-v-kazahstan-konkurencii-s-yandeks-taksi-i-potencialnoy-sdelke-s-uber