Тиэтэйимэ, ыксаама

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тиэтэйимэ, ыксаама диэн киһи оҥорор быһыыларыгар сэрэхтээх буоларыгар ыҥырыы ааттанар.

Оҕо улаата охсоору тиэтэйэр, ыксыыр. Төһө улааппытын күн аайы кэмнээн көрөр, кэтэһэр кыахтаах. Өйө-санаата аһара сайдаары ыксатар, баҕа санаата халлаан куйаарынан сындыыстыы көтөр, сири сиксигинэн тилийэ сүүрэр. Баһын иһэ барыта араас баҕа санааларынан туолан, таһынан бараары таһымныыр.

Улаатан эрэр оҕо барыга бары улахан дьону кытта кыттыһа охсоору, кинилэр курдук буолаары, табах тардаары, арыгы иһээри, көҥүлүнэн, талбытынан кимиэхэ да дакылааттаабакка, ыйыппакка сылдьаары ордук тиэтэйэр.

Оҕо өйө-санаата тулуурдаах буолуутугар «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн этии үөрэтэр, уоскутар, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии киһиэхэ бэйэтигэр эмиэ сыһыаннааҕын биллэрэр. Оҕо этэ-сиинэ ситэ илигинэ өйө-санаата төһө да кинигэ билиитин билбитин иһин, ол билиилэрин туһанар кыаҕа суох. Олох үөрэҕэр үөрэнии кэмин иннинэ кыайан кэлбэт. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиини тутуһарга, толорорго, тулуурдаах буолууга үөрэнэргэ эрэ тиийиллэрин оҕо кыра эрдэҕиттэн билэрэ ордук. “Улаата түс, оччоҕуна билиэҕиҥ” диэн этии оҕо тулуурдаах буолуута сайдарыгар эмиэ туһалыыр.

Тыа оҕото улаата охсон, саалана, кустуу, куобахтыы охсоору олус тиэтэйэр, сааны көтөҕөлөөн көрөн хаһан кыайар буоларын кэтэһэр, улаата охсон хаһан саа саҕа буоларын манаһар.

Кыра эрдэххэ күн уһуна, каникул кэлэн биэрбэтэ, үөрэх дьыла бүтэн быстыбата олус кэтэһиилээх, кыһыҥҥы улахан тымныылар ааһалларын, саас кэлэрин оҕолор ордук күүтэллэр.

Оҕо тиэтэйэриттэн, оҥоро охсоору ыксыырыттан сыыһа туттара олус элбэх. Оҕону, кинини тиэтэтимиэххэ, ыгымыахха наада. Ону-маны оҥороругар аан маҥнай элбэхтик толкуйдаан, ырытан, санаатыгар оҥорон көрөн, субу оҥорор быһыытыттан туох содул үөскээн тахсарын быһааран баран оҥороро ордугун билэрэ туһалаах.

Пугач бэстилиэти оҥосто охсон баран боруобалыыр ытыытыгар туруупката хайа баран хаалан сирэйин буорахха сиэппит оҕо билбэтиттэн, тиэтэйбититтэн, ханнык эрэ туруупканы булан туһаммытыттан улаханнык дэҥнэммэтэҕэр үөрүөн сөп. Билбэтиттэн, саҥаны айан, айыыны оҥорон, онтун боруобалыы охсоору алдьархайга түбэһэ сыспыта хата этэҥҥэ ааспытыттан үөрэр.

Оҕо тугу оҥороругар куруук ыксыыр, тиэтэйэр, оҥоро-тута, улаата охсуон баҕата баһаам, таһынан таһымныыр. «Сэттэтэ мээрэйдээн баран биирдэ быс» диэн этэн үөрэтии саҥа ону-маны оҥоро үөрэнэн эрэр оҕоҕо ордук сыһыаннаах. Бу этии ону-маны оҥорууга тиэтэйбэт, ыксаабат, ыгылыйбат буолууга ыҥырар. Оҕо улаата охсор баҕа санаатыттан улахан дьон курдук көстөөрү табаах тардыыга, арыгыны иһиигэ кыахтаннар эрэ кыттыспытынан барарын бу этии тохтото, өйдөннөрө сатыыр.

Оҕо оҥоро-тута, бүтэрэ, ситиһэ охсоору ыксаабыт, тиэтэйбит санаатыгар «Чэ, маннык табыллыыһы» диэн быһа, ойута охсубута сыыһа буолан хааллаҕына, куһаҕаҥҥа кубулуйар. Тиэтэйэн, ыксаан оҥоруллубут дьыала сыыһа-халты буолара элбэх. Саһааны сабыта быраҕаттаан куһаҕаннык дьаарыстаатахха ситэ үрдээбэккэ эрэ сууллан хаалара, тиэтэйбэккэ үлэлииргэ туһалаах үөрэх буолар.

Киһи бары оҥорор дьыалаларыгар ыксыыра сыыһа, табыллыбат. Тоһоҕо күрүөнү синньигэс маһынан тутан салыбыратан түргэнник бүтэрэн кэбистэххэ үс-түөрт сылынан эмэҕирэн, онон-манан охтуталаан барыан сөп. Төһө да үлэтэ-хамнаһа элбэҕин иһин үс мастаах үүт күрүөнү тутан дьэргэтэн кэбистэххэ сүүс сыл холкутук туран элбэх туһаны аҕалар.

Туох барыта табыллыбатаҕына, кыаллыбатаҕына, туга эрэ сатамматаҕына сонно тута куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылааҕын үлэһит, бэйэлэрэ тутан-хабан оҥорор дьон ордук билэллэр. Олоххо, үлэҕэ-хамнаска сылдьан биир сыыһа-халты туттуу оҕо, эдэр киһи олоҕун төрдүттэн уларытан кэбиһиэн сөбүн төрөппүттэр өйдөөн оҕону иитиигэ «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн саха дьонун олохторун үөрэҕин туһаналлара ордук этэ.

«От сумы и от тюрьмы не зарекайся» диэн этиини киһиэхэ, үчүгэйбит диэн сананааччыларга, бэйэлэригэр, букатын сыһыана суох курдук саныыллар. Билигин эдэр уолаттар сыыһа-халты туттунан хаайыыга түбэһэллэрэ элбээбитин кэнниттэн, хойутаан да буоллар син өйдөнөннөр оҕону иитиигэ хаһан уонна ханнык сыыһалары, итэҕэстэри оҥорбуттарын ырытан, толкуйданан көрөр буоллулар.

Тиэтэйии, тиийэ охсуу ордук массыынаны ыытарга биллэр. Оҕо хаһан баҕарар тиэтэйэр, тугунан эмэ, туох эмэ тиэхиникэнэн түргэнник, кыаҕа баарынан барыыны боруобалаан көрбөтөх оҕо диэн суох. Кыра тэлиэскэнэн намыһах эниэттэн түспэхтээн баран, мыынар санаата киирэн үрдүк сыырга тиийэн аллараа түһүнэн кэбиһэн сирэйин-хараҕын хаппыт буорга тоҕо түспүт оҕо, сэрэхтээх буолууга эрэйдэнэн, кэһэйэн үөрэммитин да иһин түргэнник айанныыр баҕа санаата син-биир хаалан, сүтэн хаалбат.

Сокуон быһыытынан суоппардыырга, массыынаны ыытарга, ол аата түргэнник айанныыр, кутталлаах тиэхиникэни салайарга быраабы биэрии оҕо 18 сааһын туолбутун кэннэ биирдэ бэриллэр. Бу быһыы аныгы дьон санааларыгар хойутаан биэрии курдугун да иһин оҕо өйө-санаата сайдыытыгар сөп түбэһэр, олоххо уопутуран, үтүө үгэстэри иҥэриммитин кэннэ кутталлаах тиэхиникэни салайарын көҥүллүүрэ чахчы сөп.

Оҕо өйө-санаата сиппитин, киһи буолууну ситиспитин, тугу барытын толкуйдаан, ырытан, туох содул үөскүүрүн быһааран баран оҥорор буолбутун кэнниттэн биирдэ түргэнник айанныыр, кутталлаах тэрили ыытарга быраап бэриллэр.

«Ыт ыксаан-ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр» диэн этии тиэтэйэн, ыксаан туран оҥоруллубут дьыала туга эрэ табыллыбакка сатамматын, туһата суохха кубулуйарын быһаарар. Икки хараҕа суох ыт кимиэхэ да наадата суох. Сатамматах, табыллыбатах дьыала туһата суох хааларынан куһаҕаҥҥа кубулуйарын иһин итинник эппиттэр.

Оҕону тиэтэтэр куһаҕан. «Айыыны оҥор» диэн этии оҕону тиэтэтэр, дьон билбэттэрин, урут оҥорботторун оҥоро охсоору оҕо ыксаан сыыһа-халты туттунуон сөп балаһыанньатын үөскэтэр уонна элбэтэр. Олоххо ситэ уопутура илик, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн таба туһанарга үөрэнэ илик оҕо, биирдэ сыыһа туттан улахан алдьархайга түбэһиэн сөп.

Оҕо өйө-санаата улахан дьонтон уратытын, ийэ кута үөскээн иитиллэ илигин төрөппүттэр билэн оҕолорун үөрэтэллэригэр "Айыыны оҥорума", «Тиэтэйимэ, ыксаама» диэн үөрэҕи тутталлара ордук улахан туһаны аҕалар. Оҕо субу оҥороору турар дьыалатын өссө ырытан, толкуйдаан баран оҥороругар сүбэлээһин, тиэтэйбэккэ хайдах оҥороругар көрдөрөн биэрии сыыһа туттууттан, алҕаһы оҥорууттан харыстыырга аналланар.

Киһи быһыылаах киһи сыыһа туттунартан көмүскэллээх буолуута, туттунар, аһара барбат майгына оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутугар иҥэриллэр. Оҕону аһара барбат, бэйэтин туттунан тохтотунар буоларыгар кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр үөрэтии умнуллубатынан туһата улаатар. Кыра эрдэҕинэ олус мааны, атаах уол улаатан, арыгы истэҕинэ охсуһара, аһара туттара киирэрэ, хаайыыга хаста да түбэһэригэр тириэрдибитэ.

Сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ оҕо өйүн-санаатын харыстыырга, сыыһаны-халтыны оҥороруттан көмүскүүргэ аналланар. Төрөппүттэр, кэлэр көлүөнэлэрин туһугар кыһанар буоллахтарына былыргы өбүгэлэрбит үтүө, туһалаах үөрэхтэрин туһаныахтара этэ.

«Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этии кэлээри бэлэмнэммит кэмэ кэллэҕинэ хайаан да кэлиэҕэ диэни өйдөтөр. Бу этии ордук улаатан иһэр оҕоҕо сыһыаннаах. Оҕо улаатан этэ-сиинэ ситэн истэҕин аайытын өйө-санаата хаалан да хаалбакка, аһара да барбакка, тэҥҥэ сайдан иһэрин хааччыйдахха өй-санаа туруктаах буолуута үөскээн олоххо ордук ситиһиилэнэр, элбэх туһалаах дьыалалары оҥорор.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта этэ-сиинэ улаатан иһиититтэн хойутаан, хаалан да хаалбакка уонна аһара баран кэмин иннинэ уруттаабакка тэҥнэһиини тутуһан истэҕинэ туруктаах өй-санаа үөскүүр. Оҕо өйө-санаата сайдыыта уонна этэ-сиинэ ситиитэ «Кэмин-кэрдиитин» тутуһан истэҕинэ табыллар. Бу быһаарыы эмиэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэр уонна хайа-хайалара аһара барыылара куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөбүттэн сэрэтэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр коммунистар олус тиэтэйэн дьон өйүн-санаатын түргэнник көннөрө, тупсара охсоору араас репрессиялары ыыппыттара, көһөрүүлэри, көскө ыытыылары туһаммыттара. 1980 сыллаахха коммунизмы тутуохпут диэн албыннаабыттара сотору арыллан дьон итэҕэлин букатыннаахтык сүтэрбиттэрэ. Өй-санаа үөрэҕин, уларыйыыларын билбэт дьон итинник түргэнник сайдыыны ситиһэ сатаабыттара, кэлин албыннааһыҥҥа быһаччы кубулуйбута бэйэлэрэ эстиилэригэр тириэрдибитэ.

Олох хаамыытын ыган тиэтэтии, өйү-санааны быһалыы баран сайыннарыы кыайан табыллыбатын сэбиэскэй былаас эстиитэ дакаастыыр. Быһалыы баран, капитализмы ааһа көтөн социализмҥа быһа тиийии хаалыылаах өйдөөх-санаалаах, саҥа байыаннай коммунизмтан эрэ төлөрүйбүт Россия дьонугар ыараханнык дьайар. Баай-мал үллэстиитин кыра сэриилэригэр билигин даҕаны элбэх киһи өлө турар.

Өй-санаа сайдыыта төһө эмэ уһун кэми ыларын билигин үөрэхтээхтэр кыайан таба суоттаан билиһиннэрэ иликтэр. Арай сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ билинэринэн дьон өйө-санаата үс көлүөнэ солбулуннаҕына уларыйар.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта, этэ-сиинэ ситиитэ, киһи буолууну баһылааһына 25 сылы, үйэ чиэппэрин ылар. Кинини кыра эрдэҕинэ төрөппүтэ бэйэтин олоҕун үөрэҕэр баһылаан-көһүлээн, салайан үөрэтэн кэбиһэриттэн, ийэ кутун иитэринэн төрөппүтүн курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатара биллэр.

Олоххо уларытыыны киллэрэр туһалаах санаа оҕо улааппытын, өйө-санаата сиппитин, киһи буолууну ситиспитин кэнниттэн киирдэҕинэ туһата улахан, табыллара элбэх буолар. Бэйэтэ 25 сааһын лаппа ааспыт киһи олоххо киирбит уларыйыыны таба өйдүүр кыахтанар. Кини оҕотун үөрэтиитигэр урукку бэйэтин үөрэппиттэрин курдук үөрэтиини туһанара, оҕото олоххо үөскээбит уларыйыыны ылыммакка, уруккулуу өйгө-санааҕа иитиллэригэр тириэрдиэн сөп.

Улаатан, өйө-санаата сиппит киһи бэйэтин оҕотун уларыйбыт олох үөрэхтэригэр үөрэтэр кыахтанар. Билигин баар дьон сиэннэрэ саҥа олох уларыйыыларыгар кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэн улааталлар. Бу быһаарыыны тутустахпытына сахалар дьон өйө-санаата уларыйыытыгар үс көлүөнэ дьон олохторо сөп буолар диэн этиилэрэ чахчы таба буолар.

Биһиэхэ ырыынак сыһыаннарыгар кыра эрдэхтэриттэн үөрэхтээх көлүөнэлэрбит саҥа төрөөн эрэллэр. Билигин баар оҕолор улаатан оҕолорун ырыынак сыһыаннаһыыларыгар үөрэттэхтэринэ, оҕолоро, оннук өй-санаа кыра эрдэхтэриттэн иҥэриллэн улаатыахтарын сөп. Өй-санаа ырыынак сыһыаннарын иҥэринэн уларыйыыта салҕанан баран иһэр. (1,93).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.