Тихонов Петр Николаевич
Тихонов Петр Николаевич | ||||
---|---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1915 | |||
Төрөөбүт сирэ |
Бодойбо, Иркутскай уобалас |
|||
Өлбүт күнэ | 18 муус устар 1945 | |||
Өлбүт сирэ | Германия | |||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | |||
Сулууспалаабыт сыллара | 1941—1945 | |||
Солото | ||||
Чааһа | 40 ГТБ | |||
Кыргыһыылар/сэриилэр | Аҕа дойду Улуу сэриитэ | |||
Наҕараадалара |
|
Тихонов Петр Николаевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сапердар взводтарын хамандыыра.
1915 сыллаахха Бодойбоҕо Иркутскай уобаласка төрөөбүт.
Кыһыл Аармыйаҕа 1941 сыллаахха Чурапчы оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. Калининскай, Хотугу-Арҕаа, Воронежскай, 1-кы Украинскай фроннарга сэриилэспит.
Фроҥҥа 64-с отдельнай гвардейскай танковай биригээдэ сапердарын взводун хамандыыра этэ. Кыһыл Сулус уонна Аҕа дойду сэриитин икки уордьанынан наҕараадаламмыт.
Бииргэ устудьуоннаабыт саха кыыһыгар Корякина Евдокия Николаевнаҕа 1945 с. муус устар 12 күнүгэр (өлүөн 6 хонук иннинэ) суруйбут суруга «Социалистическая Якутия» хаһыакка 1980 с. ыам ыйын 9 күнүгэр бэчээттэммит. Ол сурукка оҕо уонна эдэр эрдэҕинээҕи табаарыстарым Леонид Северьянов, Петя Хоноехов, Серафим Синявин, Миша Винокуров уонна да атыттар өлбүттэрин иэстэһиэм диэбит. Тохсунньуга алҕас эн однокурсниккын артиллерист Гавриил Протодьяконовы көрсөн ааспытым, куустуһан, кыратык иһэн баран арахсыбыппыт диэбит.[1]
1945 сыллаахха муус устар 18 күнүгэр Берлиҥҥа барар суолга Требниц (ниэм. Trebnitz (Sachsen-Anhalt)) диэн нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар бойобуой соругун толоро сылдьан сэрии хонуутугар геройдуу өлбүт.[2][3]
Наҕараадалара
- Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана (08.05.1944[4]; 21.06.1945, өлбүтүн кэннэ[2])
- Кыһыл Сулус уордьана (16.07.1943)[5]
Быһаарыылар
- ↑ М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.
- ↑ 2,0 2,1 Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»