Тириини таҥастааһын
Тирии, түүлээх имитиитэ, таҥастааһына, өҥнөөһүнэ былыргы саха олоҕор биир сүрүн үлэ буолара[1].
Үүнээйиттэн өҥнөрү ылыы:
ыт мунна тэллэй, сиһик талах субата, кыһыл эмэх, алтан от, бурдук соломото, хатыҥ чээрэтэ, былыык (соһо) — бу балартан кыһыл, күөх, араҕас, хара, кугас өҥнөрү ылаллара.
Харамайтан ситимнээх өҥнөр:
Хаан, хаан оһоҕо, уҥуох күлэ, балык хабаҕа, сымыыт уоһаҕа, быар, сылгы хоруончахата, о.д.а.
Тириини тугунан сымнаталларай, оҕунуохтуулларай?
Миин хоргуна, анды арыыта, ис сыата, сылгы сыата, сымыыт үрүҥэ, унуох арыыта, балык арыыта, тар, суорат, аһыйбыт үүт хойуута, быар, кыыл-сүөл, сылгы, сүөһү, таба мэйиилэрэ, быыбакка, аһыйбыт сүөгэй, өһөх хааһы, сыалыһар быара, о.д.а.
Быһаарыылар
- ↑ Саха ойуута-бичигэ: альбом / Мандар Уус. Дьокуускай: Бичик, 2007. - 288 с.: ил. ISBN 978-5-7696-2696-8