Телевизор уонна компьютер оҕо иитиитигэр буортулара
Кэнники оскуола оҕолоро араас сэрии сэптэринэн элбэх киһини, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта учууталларын эмиэ ытыалаан кэбиһэр түбэлтэлэрэ тахсыталыыр буоллулар. Улаатан иһэр оҕолор маннык майгылара уларыйан ылыытын психиатрдар кыайан быһаара иликтэр. Арай оҕо бу курдук түктэри быһыыны оҥоруута сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн эрэ быһаарыллар.
Билиҥҥи кэмҥэ кыра оҕо өйө-санаата сайдыытын, ийэ кута үөскээһинин ситэ билбэт буолуу, кэлэр көлүөнэ дьону иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга улахан уустуктары оҥорор. Сайдыылаах омук дьонугар компьютер олоххо киирбитин кэнниттэн саҥа көлүөнэ дьон үөскээн улааттылар, кнопканы баттыалаан компьютерга оонньоон, араас кыыллары, дьону элбэхтик ытыалыы үөрэммит саҥа көлүөнэ иитиллэн таҕыста.
Сахалар сайдан иһэр кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар ийэ кут өйүн-санаатын аан бастаан сайыннарарга ыҥырар. Ийэ кут өйүн-санаатын сайдыыта киһи төрүт өйө-санаата буолан, кини ханнык баҕарар быһыытын олоҕун ханнык баҕарар кэмигэр хонтуруоллуу, көннөрөн биэрэ сылдьар. Төрүт өйү-санааны, ийэ куту үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн, оҕо олоҕун устата үтүө быһыылары оҥорор буолуутугар салайан биэриини оҥоруллуохтааҕын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар.
Сахаларга былыр-былыргыттан «Киһи илиитэ барбат» диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл оҕо өйүгэр-санаатыгар үөскээн олохсуйарыгар ийэ уонна аҕа бэйэлэрэ көрдөрөр холобурдара сүрүн оруолу ылаллар. аҕа бэйэлэрэ эйэлээх, охсуспат, этиспэт буоллахтарына уонна оҕолоругар бэйэлэрин холобурдарын көрдөрөн, охсуһума, киһини кырбаама диэн үөрэттэхтэринэ, оҕо ийэ кутугар итинник өйдөбүл үөскээн үгэс буолан иҥэн хаалар. Урукку кэмҥэ иитиллибит кырдьаҕас дьон хаһан даҕаны киһиэхэ илиилэрин көтөхпөттөр, куһаҕаны оҥорорго «Илиилэрэ барбат буола» үөрэммиттэр эбит.
Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута сайдар кэмигэр тугу көрбүтэ, истибитэ хос-хос хатыланнахтарына үгэскэ кубулуйаннар кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан хаалаллар. Оҕо бу өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэр өйдөбүллэр эбэтэр үгэстэр кини төрүт өйүнэн-санаатынан аатталлар. Аан бастаан ийэ оҕотугар иҥэрбит өйө-санаата ийэ кут диэн ааттанар. Кини кэлин улахан киһи буолан иһэн «Өйө баайыллан» эбэтэр туохха эмэ түбэһэн «Өйө көтөн» хаалбыт кэмигэр урут төрүт өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ууруллубут өйдөбүллэринэн туһанан салаллар. Бу быстах буолан ылар кэмнэргэ кини араас урут үөйбэтэх-ахтыбатах дьыалаларын оҥорон кэбиһиэн сөбө билигин Америка оҕолоругар биллэн эрэр.
Билигин эдэр оҕолор арыгылаан баран, «Өйдөрө көппүт» кэмигэр араас буруйу оҥорууларын ийэ кут итинник өйдөбүлэ олус чуолкайдык быһаарар. Биирдэ арыгы иһэн, итирэн хаалан ыарахан буру¬йу оҥоро охсон хаайыыга киирбит эдэр дьон элбээн иһэллэр.
Билигин сайдыылаах дойдуларга кыра оҕо өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар ханнык да өйү-санааны укпакка, кураанах кэриэтэ хаалларан, эбэтэр кыра эрдэҕинэ наар оонньотон эбэтэр компьютер ытыалыыр оонньууларынан толорон кэбиһии оҥоруллар буолла. Оҕо мэниктээбэтин, ону-маны куһаҕаны оҥорботун эбэтэр мээнэ барбатын диэн компьютеры холбоон биэрэн баран: «Олорон эрэ ытыалыы оонньоотун ээ, аралдьыйдын», - диэн быстах санааҕа оҕустаран элбэхтик оонньотоллор эбэтэр элбэх киһини өлөрсүүлээх-өһөрүүлээх араас боевиктары, триллердэри үгүстүк көрдөрөллөр. Оҕо бэйэтэ өйдөөбөтөҕүн да иһин маннык оонньуу эбэтэр киинэ көстүүлэрэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар суруллан ууруллан хаалаллара оннук үгэһи үөскэтэн олус куһаҕан, сиэри таһынан быһыылары оҥороругар тириэрдиэхтэрин сөп.
Телевизорынан көстөр киинэлэр, видиктэр оҕолору куһаҕаҥҥа үтүгүннэрэллэрин, киһи кыыллыы инстинктэрин көбүтэллэрин В.А.Кондаков бэлиэтиир. (1,88). Дьиэтигэр сөптөөх иитиини ылбатах, ырааҕы, дириҥи өйдөөбөт оҕо ити арыгылааһын, охсуһуу, өлөрсүү көстүүлэриттэн кыайан өйүн-санаатын көмүскэммэт, үтүктэн батыһарыгар эрэ күһэллэр.
Оҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэн салгын кута сайдыар диэри элбэх өлөрсүүлэри, киһи киһини кырбааһынын, арыгылааһыны көрбөтө ордук буолуон сөп эбэтэр сөбүлүүр, убаастыыр киһитэ куһаҕаны, үчүгэйи хайдах араарарга быһааран, өйдөтөн биэрэн истэҕинэ эрэ оҕо ийэ кутугар чахчы олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр иҥэн хаалан иһэллэр. Олох уустук боппуруостарын оҕоҕо быһааран, өйдөтөн биэрии хайаан да наада уонна бу быһааран биэрии аан маҥнай оҥоруллара ирдэнэр. Kини өйүгэр-санаатыгар олох сиэригэр сөп түбэһэр өйдөбүллэр, үчүгэйи оҥоруулар өйдөнөн, ууруллан хаалаллара буоллар кэлиҥҥи олоҕо быдан ыраас, сырдык диэки тардыһыылаах буоларыгар олук ууруллар.
Билигин оҕолору иитиини видик сэриилэрэ уонна компьютер ытыалыыр программалара буортулууллар диэн этэллэрэ оруннаах буолан тахсар. Бу буорту оҥоруу хантан саҕаланан, ханнык өйү-санааны буортулуура ситэ биллэ илик. Арай оҕо куруук компьютер оонньуутунан ытыалыыра уонна видик ытыалааһыннаах киинэлэрин көрүүтэ үгэс буолан өйүгэр-санаатыгар иҥэн хаалар. Бу иҥэн хаалбыт ытыалыыр өйдөбүллэр оҕо өйүгэр «Илии барбат» буолуутун өйдөбүлүн суох оҥорор буоланнар араас куһаҕан быһыылары оҥорортон туттунар быһыыта суох киһи буола улаатар. Оҕо компьютерга элбэх киһини тохтоло суох ытыалыырга үөрэнэн хаалбыта үгэс буолан кинини итинниккэ маарынныыр буруйу оҥорорго тириэрдиэн сөп.
Маннык тугу оҥороругар тохтотор майгына суох киһи ыксаан, ыгылыйан «Өйө баайыллан» хааллаҕына, тугу да оҥорортон, билэр дьонун да ытыалыыртан туттумматын Америка оҕолоро билэр оҕолорун уонна учууталларын кытта ытыалыыр буолбуттара көрдөрөр. Дьону ытыалыырыгар оҕо кыра эрдэҕинэ компьютер оонньуутугар элбэх киһини ытыалыы оонньообута олук буолара ханнык да саарбаҕа суох. Бу курдук иитиилээх саҥа көлүөнэ дьон үөскээн, элбээн иһэллэрэ үтүө санаалаах дьону санаарҕатар буолла.
Сир үрдүгэр дьон-аймах олоҕо ити курдук иитиилээх эдэр көлүөнэлэртэн олус улахан тутулуктаах буолара чугаһаан иһэр. (2,19).
Туһаныллыбыт литература
1. Кондаков В .А. Санаа уонна тыл ис кистэлэҥ күүстэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 128 с.
2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. -128 с.