Таҥара мөлтөөһүнэ
Таҥара мөлтөөһүнэ диэн этии дьон өйө-санаата уларыйар кэмҥэ кэлбитин биллэрэр.
Дьон олохторун таһыма үрдээһинэ, өйдөрө-санаалара, баҕара, ситиһэ сатыыр санаалара уларыйыытыттан кэмэ кэллэҕинэ таҥаралара эмиэ уларыйар. Сайдан, тупсан, уларыйан иһэр олоххо туттуллара аҕыйаан, дьоҥҥо туһата кыччаан иһэр таҥара, мөлтөөн иһэр таҥараҕа киирсэр. Мөлтөөбүт таҥараны өйөөччүлэр, бу кэмҥэ араас албастары булан таҥараларын күүһүрдэ, тарҕата сатыылларыттан, бюджет харчытыттан көмө көрдөһөллөрө эбиллэр.
Олус былыргы кэмҥэ үөскээбит таҥаралар сайдар, үүнэр кэмнэрэ ааһан турар. Бу таҥаралар былыргы кэмҥэ дьон өйө-санаата сайдыытын син быһаарар курдук эбит буоллахтарына, билигин бэйэлэрин “үчүгэйбит” диэн сананар салайааччылар быһаччы баһылааһыннарыгар киирэннэр, аһара тоталитарнай салайыныыны үөскэтэннэр, өй-санаа төрүттэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин аахсыбат, тутуспат буолбуттар, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа араарбыттар, атын-атын тылларынан этэллэриттэн хайдыһыыны, арахсыыны үөскэтэллэр, өйдөспөт буолууну улаатыннарар кыахтаахтар. «Айыы үчүгэй» диэн этээччилэр бэйэлэрин айыыларынан ааттанан баран атыттары, былыргы, өй-санаа сайда илигинэ, олоҥхоҕо курдук абааһыларынан ааттаатахтарына дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар өйдөспөт буолуулара олус улаатан сэриилэһиигэ, бэйэ-бэйэлэрин суох оҥоро сатааһыннарыгар тиийэн хаалар кыахтаналлар.
Салайааччылар бэйэлэрин ураты “үчүгэй” курдук сананалларыттан, үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн этинэллэриттэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны биир киһи оҥорор кыахтааҕын кистии сатыыллар. Улахан, мусульманскай уонна православнай таҥаралар дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсыытын, үчүгэй санааны уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа тылларынан этиини үөскэппиттэр.
Үчүгэй санааны уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа тылынан этэннэр, олору атын-атын дьон оҥороллорун курдук өйдөбүлү тарҕаталлар. Нууччалар үчүгэйи “хорошо” диир буоллахтарына, куһаҕаны “грех” диэн туспа тылынан этэллэр. Биһиги барыны-бары үтүктэн иһэр дьоммут эмиэ, итини быһалыы үтүктэн үчүгэйи айыы, онтон куһаҕаны “аньыы” диэн сахаларга хаһан да суох тылы буланнар, тус-туспа тылларынан этэн өйү-санааны икки аҥы араара сатыыллар, саха дьонун өйүн-санаатын буккуйаллар.
Былыргы кэмнэргэ үөскээбит уонна өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппит, Улуу Өктөөп өрө туруутун кэмигэр аҥардастыы баайдар диэки буолан үлтү сынньыллыбыт православнай таҥара үөрэҕэ билигин улаханнык мөлтөөн сылдьарын государствоны салайааччылар бэйэлэригэр туһанаары араастаан күүһүрдэ сатыыллара элбээтэ.
Билигин нууччалар мөлтөөбүт православнай таҥараны сайыннараарылар, урукку ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы туругар киллэрээри дьулуһаллар, урукку дьиэлэрин, баайдарын төннөрөллөр, араас сымыйа аҥардаах быһаарыылары, кур итирик дьон ону-маны көрүүлэрин булан таҥара баарын дакаастыы сатыыллара элбээтэ, араас буолар-буолбат холобурдары буланнар дьону итэҕэтэ сатыыллар:
- Былыт быыһынан икки киһи харахтара балтараа чаас устата көрөн турбуттара диэн интернеккэ уһулан көрдөрбүттэр. Таҥараны илэ курдук көрдөрө сатааһын быһаччы сымыйалааһыны үөскэтэр. Аныгы үөрэх-билии эбиллибит, сайдыыны, наука үөрэтэрин билбит дьоҥҥо таҥара баарын итинник дакаастааһын кыайан былыргы, сайдыыта суох, хараҥа кэмҥэ курдук кыаллымыан сөп.
- Аҥардастыы ону-маны көрдүбүт диэн сорохтор кэпсээннэринэн үөрэхтээх, аныгы, киэҥ билиилээх дьону итэҕэтэр кыаллыбат. Дьон уонча бырыһыаннара өйдөрө-санаалара мөлтөҕүнэн атыттар сабыдыалларыгар киирэн биэрэр кыахтаахтарын билиниэххэ, олор этиилэрин итэҕэйимиэххэ сөп.
- Уйулҕата хамсыы үөрүйэх киһи аһара улахан баҕа санаатын хараҕынан илэ көрөр курдук көрүөн сөп уонна таҥара араас көстүүлэрин көрбүт курдук кэпсэниэн сөп.
- Тугу да көрбөт киһи эмискэ көрөр буолан хаалыытын кытта таҥара оҥорбута буолуо диэн балыйаллар.
- Таҥара уруһуйдаммыт күлүктэрэ бэйэлэрэ ыалдьыбыт киһини үтүөрдэр кыахтара суох. Арай киһи бэйэтэ олус күүскэ итэҕэйдэҕинэ, санаатын түмнэҕинэ, күүһүртэҕинэ үтүөрүөн сөбүн таҥараҕа балыйаллар.
- Иконалар арыынан сыбанан хаалыылара “мира” диэн ааттанар. Химическэй састааба билигин да биллэ илик, ханнык эрэ органическай арыы буолуон сөбө быһаарылла сылдьар. (1).
Итэҕэйиэхтэрин баҕарар дьон ханнык эрэ кыра да буоллар дакаастабыл баар буоларыгар кырдьык наадыйаллар. Бэйэлэрэ мөлтөх, ыарыһах, кыаммат дьон ону-маны көрөллөрө элбэх, атыттар көмөлөрүгэр улаханнык наадыйаллар. Россия уон бырыһыан олохтоохторо инбэлииттэр, араас өрүттээх көмө кинилэргэ кырдьык наада. Ол ылар көмөлөрүн кимтэн эрэ илэ ылыахтарын баҕара саныыллар, “Надейся на бога, но сам не площай” диэн киһи таҥараҕа сыһыанын быһаарар этии баарын бэйэлэрэ тугу эрэ быһаччы ылыахтарын баҕаралларыттан умнан кэбиһэллэр. Көмөлөһөр, ыйан биэрэр, үтүгүннэрэр таҥара, ити дьоҥҥо олус диэн наада.
Александр Невзоров эдэр эрдэҕинэ духовнай семинарияҕа үөрэнэ сылдьан бырахпыт. Православнай таҥараны аһара өрө тутуу Россия үрэллиитигэр тириэрдиэн сөп диэн сэрэтиини оҥорбута, Россия атеистар дойдулара диэн эппитэ.
Православнай таҥара дьиэтэ аныгы олоххо сөп түбэспэт, ол иһин уларыйыылар наада буоллулар диэн Александр Невзоров биллэрдэ. Россия дьонун отут үс бырыһыаннара алкоголиктар. Кинилэр ону-маны көрдүбүт диэн этиилэрэ барылара олус арыгылаабыттарыттан “белай горячкалыы” сылдьан бытыылкаҕа абааһылары көрбүттэрин кэпсээннэрэ буоларын атын дьону итэҕэтэ сатааһын өссө куһаҕаҥҥа тириэрдиэ диэтэ.
Православнай таҥара дьиэтин үлэһитэ Всеволод Чаплин церковь тыыннаах организм буолар диир. Дьон уларыйан истэхтэринэ церковь эмиэ уларыйарын, дьон бэйэлэрэ сиэртибэ биэрэллэрин быһаара сатаата.
Ольга Кормухина церковь туттар былыргы тыла уларыйара наада диэн эттэ.
Церковь бизнеһинэн регистрацияланан баран дьарыктанара, чүмэчини, иконалары атыылыыра ордук буолуо этэ диэн эмиэ эттилэр. Араас шарлатаннар таҥара дьиэтигэр мунньустубуттар, Липецкэй уобаласка, Донское дэриэбинэҕэ отец Роман хоруоптары уонна кириэстэри оҥорон атыылыыр эбит. (2).
Бу быһаарыылар барылара олус былыргы билиилэргэ тирэҕирэр православнай таҥара үөрэҕэ кризискэ киирэн сылдьарын, салгыы сайдар кыаҕа суоҕун илэ билиниинэн буолаллар.
Олох салгыы сайдан истэҕинэ мөлтөөбүт, дьон үксүлэрэ итэҕэйбэт буолбут таҥаралара уларыйар кэмнэрэ тиийэн кэлэн иһэр. Үөрэҕи-билиини баһылаабыт, өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон үксээбиттэринэн, үгүс дьон баҕа санааларын таба сыаналаан, мөлтөөбүт, үгүстэр итэҕэйбэт буолбут православнай таҥараларын уларытарга үлэлэһиэ этилэр. Евразия дойдуларыгар барыларыгар, “тенгрианство” диэн аатынан биллэр сахалар таҥаралара оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын табатык быһаарарынан, кут-сүр үөрэҕин уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун тутуһарынан аныгы демократия олоҕор ордук сөп түбэһэрин өйдөөх-санаалаах дьон арааран билиэхтэрэ, туһаныахтара этэ. (3,69).
Туһаныллыбыт литература
1. Телепередача «НТВ». Доказательство бога. 8.08.2010.
2. Телепередача «НТВ». 10.07.2011. “Александр Невзоров против православной церкви”.
3. Каженкин И.И. "Харыстас" таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2015. - 128 с.