Татаринов Николай Иванович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Татаринов Николай ИвановичАҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

1923 сыллаахха Аллараа Халыма с. Аллараа Халыма улууһугар төрөөбүт. Аармыйаҕа Дьокуускайга үөрэнэ сылдьан 1942 с. ыҥырыллыбыт.

Ефрейтор Татаринов 1943 сыллаахха ахсынньы 17 күнүгэр Лемна дэриэбинэ [1] таһыгар кыргыһыыга өлбүт. Көмүллүбүт сирэ: Суражскай оройуон, Большая Любщина дэриэбинэ.[2]

Быһаарыылар

  1. Белоруссия, Витебскай уобалас, Суражскай оройуон, бу дэриэбинэ билигин суох.
  2. Информация в электронном банке документов ОБД «Мемориал»

Сигэлэр

М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.