Татаардар Сабантуйдара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сабантуйтатаардар саамай биллэр бырааһынньыктара, бэлиэтэнэр күнэ чопчута суоҕун да иһин, үгэс курдук, ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн бэс ыйа бүтүөн икки ардынааҕы кэм ханнык баҕарар күнүгэр ыытыллар.

Бу - кырдьык, татаар омук бар дьоно үөрүүлээхтик бэлиэтиир, ону кытта, араас күрэстэр буолар тэрээһиннэрэ. Күрэстэргэ идэтийбит спортсменнар эрэ буолбакка, бырааһынньыкка кэлбит дьонтон ким баҕалаах барыта кыттыан сөп. Ол, күрэстэһээччилэр ортолоругар араас соһуччу уонна көрдөөх түгэннэри биэрэрин таһынан, элбэх дьон мустарын, биир санааланарын көрдөрөр буолан, Сабантуй татаардар, уонна дьоро күнү бииргэ бэлиэтии кэлбит атын омуктар да, биир саамай сөбүлүүр бырааһынньыктара буолар.

Сабантуй Татарстаҥҥа уонна ыаллыы Башкортостаҥҥа судаарыстыбаннай суолталаах. Маҥнай, дэриэбинэлэргэ, онтон эрэгийиэннэргэ буолар, дьэ, ол кэннэ, икки өрөспүүбүлүкэ киин куораттарыгар Казаҥҥа уонна Уфаҕа түмүктэнэр. Ол эрээри, сабантуй Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр, оннооҕор кыраныысса таһыгар, ханна татаардар түөлбэлээн олорор сирдэригэр, эмиэ, бэлиэтэнэр. Сабан диэн тыл, татаардыыттан тылбаастаатахха хас да суолталаах: булуук, туорахтаах култууралар, сааскы ыһыы үлэтин кэмэ. Былыр, саас сири хоруталлара, ол олус ыарахан, элбэх сыраны эрэйэр үлэ этэ, ол иһин, татаардарга, сааскы ыһыы үлэтэ сабан диэн ааттанара. Онтон, сабан диэн тыл татаардыыттан тылбааһа булуук, туй - бырааһынньык диэн буоллалларынан, үгүстэр ити тыллары, чуолаан нуучча тылыгар, "Булуук бырааһынньыга" диэн туруору тылбаастыыллар. Дьиҥэ, ити бырааһынньык аата, сабан диэн тыл үһүс суолтатыттан - сааскы ыһыы үлэтэ диэнтэн тахсыбыт.

Сабантуй - сааскы ыһыы үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллан түмүктэммитэ аны күһүҥҥү баай үүнүүнү мэктиэлиирин бырааһынньыга, ону кытта, өлгөм үүнүү уонна этэҥҥэ буолуу, уйгулаах олохтонуу бырааһынньыга буолар. Үөһэ этиллибитин курдук, татаардар уонна түүр омук сорохторо, сабантуйу, сааскы ыһыы үлэтэ ситиһиилээхтик ыытыллан бүппүтүн уонна сайын саҕаланыытын кытта ситимнииллэр. Ол эрээри, Казаннааҕы аан дойду култууратын(ЮНЕСКО) судаарыстыбаннай үнүстүүтүн ректора Энгель Тагиров этэринэн, былыргы көс түүрдэр-татаардар уустарыгар Сабантуй, кини тус көрүүтүнэн үс тыһыынча сыл саастаах, бастаан утаа, саас кэлиитин, айылҕа тиллиитин бырааһынньыга эбит.

Ити дьоро күнү, бастакы сааскы күннэргэ - мэччирэҥҥэ тахсыы, биэлэри ыан кымыһы оҥоруу саҕалананыытыгар бэлиэтииллэр эбит. Үгүс, үөрэхтээх дьон этэринэн, эрдэ, ити күн Сабатуй - саба диэн тылтан тахсар ааттаах эбит. Саба - бараан биитэр, коза тириититтэн тигиллибит, акка ырдарга, кымыһы уонна атын да утахтары илдьэ сылдьарга табыгастаах иһит. Холобура, сибиир татаардарын сорохторо, билигин даҕаны, Сабантуйу Сабатуй диэн ааттыыллар. Сабантуй иннинэ, Джиен диэн былыргы, саас бэлиэтэнэр истиэп бырааһынньыга баара биллэр. Джиеҥҥа баһылыктар уонна аймах уустар бас-көс кырдьаҕастара арааһынай бэлитиичэскэй уонна хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаараллара. Холобура, мэччирэҥи үллэстиини уо.д.а., онтон бары, дэлэй уонна амтаннаах астары аһыыллара, ол кэнниттэн көр-нар уонна, саамай сүрүнэ, күрэстэр саҕаланаллара. Былыргы, сүдү улахан евразийскай истиэпкэ, күрэстэр олорор сирдэринэн чөкө, биитэр, бүттүүн истиэп күрэһэ диэн тэриллэллэрэ. Ол күрэс кэмигэр, Чуумпу акыйаантан(Кытай), Орто Азияттан Хара, Азовскай, Каспийскай муораларга уонна Карпат хайаларыгар диэри тэнийэр Улуу Истиэп бастыҥнара - оҕунан ытааччы, ат сүүрдээччи, сүүрүк аттар биллэллэрэ. Бүттүүн Истиэп оонньууларын кэмигэр тулхадыйбат ирдэбил олохтоноро - биир ыйга туох баар кыра, улахан иирээннэр, ол иһигэр сэриилэр эмиэ, тохтотуллаллара.

Энгель Тагиров гириэктэр Олимпийскай оонньуулара Сабантуйтан төрүттэммит буолуон сөп диэн сабаҕалыыр, Бүттүүн Истиэп күрэстэрэ гириэк култууратыгар, киммериецтэртэн( илиҥҥи Европаҕа баар буола сылдьыбыт көс биистэр) уонна да атын, киммериецтэр иннилэринэ олорбут көс омуктартан киирбит буолуон сөбүн ыйар. Истиэп олохтоохторун былыргы күрэстэрин туһунан кэпсиир элбэх туоһулар бааллар. Ол курдук, Арассыыйа археологтара араас иһиттэри, түөскэ иилинэр тимирдэри уонна да атын, курдарыттан ылсан туста сылдьар эр дьон ойуулаах маллары булбуттара.

Ол туһунан Кытай былыргы суруктарыгар, эмиэ, ахтыллар. Онтон Алтаайга, хайа тааһыгар ойууламмыт, петроглиф диэн, кыыллар, булт түгэннэриттэн ураты, ат сүүрдүүтүн уонна курдарыттан ылсан туста сылдьар эр дьон уруһуйдара бааллар. Сабантуй диэн көс уонна көс аҥаардаах омуктар, былыргы күрэстэрин бырааһынньыктара буоларын туһунан, билиҥҥи татардарга национальнай күрэстэр көрүҥнэрэ бааллара эмиэ, туоһулуур. Кинилэр ортолоругар куреш диэн курдартан ылсан тустуу көрүҥэ баар. Бу көрүҥҥэ атах туттуллубат. Куреш, аан дойдуга биллэр күрэс: бу көрүҥҥэ аан дойдутааҕы уонна континентальнай чемпионаттар ыытыллаллар. Куреш Олимпийскай оонньулар бырагырааммаларыгар киирэрин туһугар үлэ бара турар. Чинчийээччилэр этэллэринэн, бастаан утаа, бу күрэс аттаах дьон хапсыһыылара эбит, онно күрэхтэһээччилэр бэйэ бэйэлэрин курдарыттан тутан ылан ыҥыыр үрдүттэн сууллары тарда сатыыллара. http://www.caravanarba.org/index.php/ru/ru-tatarstan/ru-culture-tatarstan/51-ru-fete-sabantoui https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%B0%D0%B1%D0%B0%D0%BD%D1%82%D1%83%D0%B9

Сигэлэр

http://www.caravanarba.org/index.php/ru/ru-tatarstan/ru-culture-tatarstan/51-ru-fete-sabantoui https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%B0%D0%B1%D0%B0%D0%BD%D1%82%D1%83%D0%B9