Таможеннай голова

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Таможеннай голова — диэн айан суолугар турар таможня дьиэтин тойоно ааттанара. Таможеннай голова "Айан грамотатын" биэрэрэ. Маннык Грамотаны ылбыт атыыһыт дойду хайа баҕарар муннугар тиийэн атыылыыр бырааптанара. Дьокуускай куоракка остуруок аттыгар таможня дьиэтэ баара. Сүрүн үлэтинэн кэлэр-барар атыыһыттар табаардарын ааҕыы, көрүү-истии, нолуогун хомуйуу буолара. Таможеннай голова көҥүллээх эрэ буоллаҕына атыыһыт табаарын киллэрэн баһаарга, ырыынакка, дьаарбаҥкаҕа атыылыыр кыахтанара. Таможеннай голова быыбарданар соло. Болдьоҕо биир эбэтэр икки сыл буолара.

Ылыллыбыт сирэ

  • Голова таможенный // Брокгауз уонна Ефрон Энциклопедическэй тылдьыта (нууч.)