Талат Текин
Талат Текин (Анкара университетын биллиилээх професссора, «Түүр төрүт тылга төрүккү уһун дорҕооннор» диэн курдук улахан кинигэлэригэр саха тылын төрүккү уһатыылаах аһаҕас дорҕооннордоох тылларын киэҥник хабан ханыылыы тутан ырытар.
Түүр тыллаахтар, түүр төрүттээхтэр, түүр омуктар диэн аан дойдуга сүүһүнэн мөлүйүөн ахсааннаахтар. Олор ортолоругар саамай элбэх ахсааннаахтара – туроктар. Туроктар Турцияҕа эрэ буолбакка, Францияҕа, Германияҕа, Арассыыйаҕа, Болгарияҕа, Узбекистаҥҥа, Великобританияҕа о.д.а. дойдуларга бэрт киэҥник тарҕанан, ыһыллан олороллор.
Туроктар XI – XIII үү. Малай Азияҕа көһөн кэлбит оҕустар (огузы) уонна туркменнар диэн сүөһү ииттэр көс омуктартан үөскээн тахсыбыттар. Омук быһыытынан туругуруулара XV үйэттэн саҕалаан XX ү тиийэ салҕанан барбыта. 1923 сылга диэри туроктар бэйэлэрин османнарбыт дэнэллэрэ. Османскай империя сууллубутун кэннэ баһылыктара Мустафа Кемаль Ата-Тюрк ааппытын уларытыахха диэн этиитин ылыммыттара. Кемаль Ата-Тюрк – туроктар национальнай геройдара.
1977 сыл балаҕан ыйыгар Алма-Атаҕа тюркологтар Бүтүн Сойуустааҕы улахан конференциялара буолан ааспыта. Онно атын да дойдулар бөдөҥ востоковед үөрэхтээхтэрэ ыалдьыттаан конференция үлэтигэр кыттыбыттара.
Олор истэригэр бааллара: Швеция биллиилээх дипломата уонна лингвиһэ Гуннар Ярринг, ГФР востоковеда К.Менгес, Польша тюрколога Э.Трыярскай, Турция тюрколога Талат Текин. о.д.а.
Талат Текин орто уҥуохтаах. Күн уотугар хараарчы кэриэрбит, саҥарбыт-иҥэрбит, чаҕылыҥнаабыт сытыы киһи этэ. Мэлдьи кинигэ бөҕөнү кыбынан баран, дьону кытта кэпсэтэн эргичийэ сылдьар буолара. Саха сирин дьонун көрсүөн баҕарарын истэн тюрколог Н.К.Антонов кинини кытта билсибит. Кинини Талат Текин түргэн баҕайытык туроктыы саҥаран көрсүбүт. Николай Климович кыратык татаардыы хардарбыт. Талат үөрэн, кинигэлэриттэн чараас биир брошюраны бэлэхтээбит. Н.Антонов эмиэ бэйэтин кинигэтин бэлэхтээбит. 1977 сыл саҕаланыыта Николай Климович Талат Текинтэн сурук туппут.
Бу олунньу ый 26 күнүгэр суруллубут сурук ис хоһооно маннык. Талат Текин Николай Климович ыыппыт хаартыскаларын, сурунаалы туппут. Улахан баһыыбатын тиэрпит. Хаартыскалары хайҕаабыт, 1960 сылтан университекка тюркология уруоктара баралларын туһунан истэн сэргээбит, биһирээбит. Н.Антоновы татаар тылын билэриҥ, кэпсэтэриҥ үчүгэй, турок тылын эмиэ билэҕин дуо диэн ыйыппыт. Саха тылын олус былыргы устуоруйалаах, ыарахан тылынан билинэр. Саха тыла былыргы уһатыылаах аһаҕас дорҕоонун сүтэрбэккэ илдьэ сылдьарын бэлиэтээбит. Ааспыт кыһын саха тылын үөрэтэн, устудьуоннарыгар уруок биэрэрин эппит. Саха тылын таптыырын уонна өссө үчүгэйдик үөрэтээри Саха сиригэр сайыҥҥы ыйдарга барыан баҕарарын туһунан ыйыппыт. Кинигэ ыыппыт, түүр төрүт тыллааҕы уһатыылаах аһаҕас дорҕооннорун туһунан. Талат Текин суругун түмүгэр саха тылыгар грамматика уонна литература кинигэлэрин, хаһыат, сурунаал ыытар кыахтааххыт дуо диэн ыйыппыт. Николай Климовичтаах кини көрдөһүүтүн барытын толорбуттар. Талат Текин барытын туппут уонна ис сүрэҕиттэн махтаммыт.
Туһаныллыбыт литература:
- Турция профессора Талат Текин туһунан. Хотугу сулус. 1986. 6 №
- Туроктар - саамай элбэх түүрдэр. Хатан. 2010. 6 №
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
- УРУБИИКИ:Категорията суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Ойуута суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Итэҕэтиилээх источниктара ыйыллыбатах ыстатыйалар
- Тыл сөпкө суруллуута, сыыһалара тургутуллуохтаах ыстатыйалар
- Дьон алпабыытынан
- 1927 сыллаахха төрөөбүттэр
- 2015 сыллаахха өлбүттэр
- Учуонайдар