Таатта улууһугар туризм сайдар кэскилэ.
Билэргит курдук, туризм социальнай кыһалҕалары быһаарыыга сүрүн оруолу оонньуур. Билиҥҥи кэмҥэ туризм экономика туругар олус сабыдыаллаах хайысхалартан биирдэстэрэ буоларынан биллэр. Ол курдук, туристическай компаниялар, транспорт, сибээс, ас-үөл урбаана, атыы-эргиэн, араас сувенирдар уонна продукциялар оҥоһууллуулара бүтүн регион сайдарыгар сүдү оруоллаахтар.
Ол да буоллар, Саха Сиригэр туризм ис кыаҕа толору миэрэнэн туттуллубат. Өрөспүүбүлүкэбит территориятыгар дэҥҥэ көстөр айылҕа, рекреационнай ресурстар, национальнай, культурнай, историческай уонна археологическай нэһилиэстибэлэрэ бааллар. Маннык киэҥ кэскиллээх туристическэй объектар уонна комплекстар инникитин Арассыыйа олохтоохторун эрэ буолбакка, омук дьон интэриэстэрин тардыан сөп.
Биллэн турар Саха Сирин кэрэтэ тыа сиригэр сытар буоллаҕа. Ол иһин ыстатыйабар Таатта улууһугар туризм инники кэскилин ырытарга сананным.
Бастатан туран Таатта улууһа кулун тутар 25 кунугэр төрүттэммитэ. Уопсай иэнэ 18,8 тыһ. кв. км. тэҥнэһэр. Улуус Дьокуускайтан хотугулуу-илин, Баайаҕа, Таатта, Ноху, Амма, Алдан үрэх хочолоругар турар. Өрүс уҥуордааҕы улуустар бөлөхтөрүгэр киирсэр уонна соҕуруулуу-арҕаа Чурапчы, хотугулуу-арҕаа Уус-Алдан, хотугулуу-илин Томпо, соҕуруулуу-илин Уус-Майа улуустарын кытта кыраныыссалаһар. Улуус киин нэһилиэгэ Ытык-Күөл. Уопсай киһи ахсаана 17,7 тыһ. тэҥнэһэр. Улууска 14 нэһилиэк киирэр.
Туристар интэриэстэрин тардар сирдэр
Таатта улууһа былыр- былыргыттан саха култууратын биһигинэн биллэр. Манна саха литературататын, политика уһулуччулаах деятеллэрэ, норуот маастардара төрөөбүттэрэ. Улуус кыраайы чинчийээччилэрин, туристар интэиэстэрин тардар, ол курдук сүрүн бэлиэ сирдэрэ: 1. Ытык-Күөллээҕи литературнай-художественнай «Таатта» түмэлэ
Д. К. Сивцев- Суорун Омоллоон көҕүлээһининэн 2001 сылаахха үлэҕэ киирбитэ. Түмэл улуус 5 чулуу дьонугар ананар: саха литературатын төрүттээччигэ уонна улуу суруйаачыларга А. И. Софронов-Алампаҕа, Н. Д. Неустроевка уонна А. Е. Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөйгө; саха маҥнайгы идэлээх уруһуйдьутугар И. В. Поповка; саха театрын солисткатыгар, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» операҕа сүрүн оруолу толорбут А. И. Егороваҕа.
2. Чөркөөхтөөҕү мемориальнай түмэл — Саха Сиригэр бастакы аһаҕас халлаан анныгар этно-географическай түмэл.
Төрүттээччи - норуот суруйааччыта, Д. К. Сивцев-Суорун Омоллоон. Түмэлгэ 20 объекка 3798 кэриҥэ этнографическай мал уурулла сытар. Саҥалыы оҥоһуллубут дьиҥ политсыылынайдар олорбут ураһаларыттан ураты дэҥҥэ көстөр саха былыргы тутууларын көрүөххэ сөп.
3. Сэлии Хайата
Бу хайа сиригэр сэлии, хайа хапсаҕын хахайын, плейстоценовай таба өлүгүн булбуттара.
Уонна да атын киһи интэриэһин тардыан сөптөөх элбэх кэрэ, киһи өссө да көрө илик сирдэрэ элбэх. Мантан көрөн SWOT(англ. Ырытыы биир көрүҥэ) ырытыы оҥорорго быһаарынным.
Таатта улууһугар туризм сайдыытын ырытыы
Туризм сайдарыгар улуус күүстээх өттө:
- Улуус географическай балаһыанньата;
- Интэриэһинэй ресурстар;
- « Халыма» федеральнай суол ааһыыта;
- Табыгастаах суол схемата.
Туризм сайдарыгар улуус мөлтөх өттө:
- Кыра бизнес сайдыыта суох;
- Улуус өттүттэн үп көрүллүбэтэ;
- Сайдыыта суох сынньалаҥ инфраструктурата;
Сайдыы инники кэскилэ:
- Улуус географическай балаһыанньатын кыра бизнес сайдарыгар туттуу;
- Инвестиция;
- Атын улуустары кытта сибээс олохтонуута;
- Культурнай сынньалаҥ сайдыыта;
- Суол-иис оҥоһуллуута;
Инникки кутталлар:
- Федеральнай, региональнай уонна муниципальнай программалар үптэрин түһүүтэ;
- Тэрилтэлэр финансовай туруктарын түһүүтэ;
- Инвестиция түһүүтэ;
Тумук санаа
Ырытыы кэнниттэн маннык түмүккэ кэллим: улууска төһө да туризм сайда илик буоллар сайдар кэскиллээх, кыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ туризм оруола үрдээбитинэн уонна бүгүҥҥү норуот икки ардыгар сыһыаммытын учуоттаан туран, ис туризмы сайыннарыах тустаахпыт.