Сэт - сэмэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэт-сэмэ диэн киһи үйэтин тухары тутуһа сылдьыахтаах быраабылалара ааттаналлар.

Сэт диэн Айылҕа уонна дьон бииргэ олорууларын туһунан үөрэх буолар. Бу үөрэх этиитин халбаҥнаабакка тутуһуу киһи Айылҕаны кытта атааннаспакка биир тылы булунан эйэлээхтик олороругар кыах биэрэр. (1,168).

«Сэт-сэмэ» диэн дьон олоҕор мэлдьи тутуһулла сылдьыллыахтаах быраабылалар уонна сокуоннар буолаллар, тугу эмэ сыыһа туттаары гыннахха «Сэт-сэмэ» буолуо диэн этэллэр.

Саха дьоно уһун үйэлэр тухары сэт-сэмэ ыйыыларын, сокуоннарын кытаанахтык тутуһар эбиттэр. Бу ыйыылар, сокуоннар киһи олоҕун бары өрүтүн барытын хабан, дириҥник ырытан көрдөрөллөр. Бу үөрэххэ элбэх буруйу, айыыны оҥостубут киһи туохха тиксиэхтээҕэ, кини бэйэтин оҕолорун кыайан ииппэккэ, үөрэппэккэ, куһаҕан иитиилээх дьон оҥоруохтааҕа чуолкайдык быһаарыллар.

Сэт үөрэҕин барытын билэн, сэт-сэмэ сокуоннарын тутуһар оҕоттон киһилии киһи иитиллэн тахсар. Оҕону аҕата этэрин истэр киһи буолан иһэр. Оҕоҕо бэйэтин толкуйдуур өйө киирэ илигинэ иҥэриммит өйдөбүллэрэ, ол аата кыра эрдэҕинэ үтүктэн үөрэммит үөрэҕэ ордук кытаанахтык иҥэллэр. Бу өйдөбүллэр, бу үөрэх мунньулланнар киһи ийэ кутун үөскэтэллэр. Киһи өйүн-санаатын оҥкулун ити өйдөбүллэр, ийэ кута оҥорор.

Саха уус-уран айымньыларын хомуйааччы Г.Е.Федоров кут-сүр үөрэх туһунан суруйууларыгар сэт-сэмэ ыйыыларын эмиэ киллэртиир. Манна оҥоруллубут хара айыы иһин ханнык буруй-сэмэ тиксиэхтээҕэ ыйыллар.

Арсыын бытыктаах Арсан Дуолай диэн Аллараа дойдуга улуу кырдьаҕас олорор. Ол кырдьаҕас буоллаҕына, элбэх буруйдаах куһаҕан дьоннору бэйэтигэр ылар диэн сэһэргииллэрэ. (2,66). Бу быһаарыы элбэх айыылаах-харалаах киһи өллөҕүнэ, салгын кута Үөһээ дойдуга кыайан тахсыбакка, Аллараа дойдуга түһэр диэн былыргы сахалар өйдөбүллэригэр олоҕурбут.

Куһаҕан түөкүн, батыгаһа суох дохсун-бардам киһини этэллэрэ - күтүрү өлбүтүн да иһин кутун-сүрүн ийэ буора ылбакка (туппакка) илэ абааһы буолуох баҕайы сылдьар дииллэрэ. Онон буор куһаҕан киһини сирэр, буор кутун туппат буолар эбит. Ити иһин абааһы буолумаары, көнөтүк-көрсүөтүк сылдьарга, олорорго дьулуһар буолаллара. (1,83).

Бу хойукка диэри киһи мэҥэтин сөмүйэнэн ыйыллыбат этэ. Киһи тарбаҕын уҥуоҕа ытык ыарыы буолар диэн, билиҥҥинэн уҥуох сөтөлө. Киһи уҥуоҕун алдьатары олус айыыргыыр этибит. Киһи уҥуоҕун алдьаттахха, аймаххыттан саамай үчүгэй киһи өлөр, ол аата киһи уҥуоҕун алдьаппыт сэтигэр аймаххыттан толунуохтаах. Судургу эттэххэ өрөмүөннэнэр. Оҕолорго киһи мэҥэтин алдьатары, муокастыыры улаханнык сэрэтэр, өйдөтөр этилэр. (2,84).

Саха дьоно киһи ханнык айыыны оҥордоҕуна туох буруйга сэмэҕэ тиксэрин арааран бэлиэтииллэр. Бу буруй-сэмэ ханнык да суут-сокуон буруйа буолбатах, Айылҕа аныыр буруйа-сэмэтэ. Бу буруй-сэмэ туолуутун кэлиитэ сороҕор бэрт уһун кэми ылар. Сэт-сэмэ туолуута сорох түбэлтэҕэ хас да көлүөнэ киһи олоҕун устата тиийэр. Куһаҕан майгылаах, элбэх айыыны оҥорбут киһи оҕолорун кыайан киһилии үөрэппэккэ, онтон ол оҕолоро өссө куһаҕан иитиилээх буолан тахсалларын сэт үөрэҕэ бигэргэтэр. Улахан айыылаах киһи сэтэ кини оҕолоругар, онтон сиэннэригэр дьайа сылдьар. И.Г.Баишев «Сэт үөрэҕэ» диэн үлэтигэр чопчу ханнык буруйу оҥордоххо туох сэмэ тиксэрин быһааран суруйар.

И.Г.Баишев үлэтиттэн кылгастык быһа тардан киһи киһиэхэ хайдах сыһыаннаһарыттан тутулуктаах сэт-сэмэ ыйыыларыттан аҕыйах холобурдары аҕалабыт. Бу холобурдар сэт-сэмэ үөрэҕэ олус дириҥин, киһи уонна Айылҕа быстыспат сибээстээхтэрин туоһулууллар.

- Үөһээҥҥилэри олус үөтэримэ, алларааҥҥылары олус ыатарыма истэн тиийэн кэлиэхтэрэ, үүт-тураан олоххун аймыахтара.

- Өлбүт киһини сүгүн сытыар, наһаа ааттыаҥ, аһыйыаҥ - ыраах айана тардыллыа, ыыргар көстүө, биккэр биллиэ.

- Киһи тыыныгар туруу - оҕус тарпат айыыта, үрүҥ тыыныҥ хараҥарыа, дьонуҥ-сэргэҥ киэр хайыһыа. «Өлөрсүбүтү өлөрүллэр» диэн өбүгэ төрүт иэһэ.

- Туохха да туолбат, баҕаҥ хаммат, олус басыһар санааланыма, харбаат дьоннор уһун илиилэр, байарынан иирэллэр. Иҥсэ-обот, ымсыы быһыы иҥнэри ууран тэйиэҕэ. Буор биэтэк син-биир барыбытын тэҥниэҕэ.

- Куһаҕанынан сураҕырыы кутталлааҕа биллэр. Түөкүн буруйа-айыыта төрүөҕэр диэри иэстэнэр. Хаартыга хараара иирбит - оҕолорун дьоллорун туос эмэгэт майдааныгар уруттаан оонньоон кэбиһэр. Киһиттэн таһынан аатырбыт - чугас дьонун дьолун туомун толук туттан аһыыр-сиир. Барытын соҕотох апчарыйар.

- Уоруйах суола муҥур.

- Уоруйаҕы кытта олоруоҥ - уоруйах буолуоҥ.

- Кырдьыбыт, мөлтөөбүт дьону күлүү гынар оҕо кырдьарын саҕана бэйэтэ оннукка түбэһиэҕэ.

- Кими да күлүмэ - күлбүтүҥ бэйэҕэр кэлиэҕэ.

- Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.

- Муостаахпын диэн муҥутаама - муостаах муостаахтан өлүөҕэ.

- Кими да атаҕастаама - атаҕастабыл иэстэбиллээх.

- Мөлтөҕү атаҕастаабытыҥ сэтигэр бэйэҕинээҕэр күүстээххэ түбэһэҕин.

- Биэрбит тылгын кэһимэ - аатыҥ-суолуҥ намтаан иһиэ.

- Наар мөҕүллүөҥ, сэмэлэниэҥ - эйиэхэ тыл сэтэ иҥиэ.

- Атаах киһи арыгыһыт буолар.

- Арыгы үөрпүт үөрүүтүн иэстээн ылар өрүүтүн.

- Бэйэтин эрэ бэппин диэччи - соҕотох хаалан улуйуоҕа.

- Сымыйанан кынаттаныаҥ - бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуоҥ.

- Сарсыарда наһаа күннээбит - тоҕо эрэ киэһэ күлбэт.

- Этэҥҥэ эрэ сылдьаргар атас-доҕор өрө көтөр, куһаҕан күҥҥэр куотуохтара - бэйэҕэр эрэ эрэн. (3,82-86).

- Уокка силлээмэ – уоһуҥ бааһырыа.

- Хотоҥҥо айдаарыма - айыы сүөһүтүн, киһи кута долгуйуо.

- Мэнигилээмэ - дьиэ иччитэ эймэниэ.

- Таһырдьа айдаарыма - от-мас иччитэ ороһуйуо.

- Күөл үрдүгэр айдаарыма - күөл иччитэ эймэниэ.

- Хара тыаны эймэтимэ - булдуҥ ханныа.

- Титииккэ айдаарыма - титиик иччитэ эймэниэ.

- Сор диэмэ, айыы - түгэҕэ биллибэт эрэйгэ түбэһиэҥ. (4,28).

Саха киһитэ быһахха ураты убаастабыллаахтык сыаһыаннаһар. Харыстыыр, үчүгэйдик уура сылдьар. Кини хаһан даҕаны быһаҕы уһугунан киһиэхэ ууммат, дугдуруйбат. Өрүүтүн уһугун бэйэтин диэки тутан, биэрэр киһитин диэки угун туһаайан уунар үгэстээх. Быһаҕы хаһан даҕаны аһаҕас хаалларыллыбат. (5,17). Быһаҕы кыыныгар уган баран кичэллээхтик ууруллар. Сахалар оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн быһаҕынан сатаан тутта, сэрэхтээхтик илдьэ сылдьарга анаан үөрэтэллэр этэ.

- Быһах биитин тарбаххынан сотума - тарбаххын быһыаҥ.

- Быһах биитин салаама - тылгын быстыаҥ.

- Быһаҕы киһиэхэ утары уунан биэримэ – киһиҥ илиитин быстыа.

- Саа уоһун киһи диэки туһаайыма - саа биирдэ халлааҥҥа эстэр дииллэр.

- Уһуктааҕынан уонна биилээҕинэн киһини дугдуруйума - илииҥ иҥиирэ тардыа.

Сахалар бу сэт-сэмэ үөрэхтэрин хас биирдии ыйыылара уһун үйэлэр тухары элбэх көлүөнэ дьон олохторун холобурдарынан дакаастаммыттар. Төрөппүттэр бэйэлэрэ уһуну-киэни санаан эдэр, үүнэн иһэр көлүөнэлэрин бу сэт-сэмэ үөрэҕин ыйыыларын тутуһарга үөрэттэхтэринэ, саха дьоно сайдан-үүнэн, өйдөрө-санаалара үйэлэргэ салгыы сайдар кыахтанар. (6,108).

Туһаныллыбыт литература

1. Ф.Ф.Васильев. Военное дело якутов. Якутск: Нац.кн.изд-во «Бичик», 1995.- 224 с.

2. Федоров Г.Е. Егоров Н.Ф. Сэргэ төрдүгэр сэһэн: Үһүйээннэр. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.

3. И.Г. Баишев. Айыы тыына. Дьокуускай: Саха республикатын үөрэҕин министерствота. 1993.- 112 с.

4. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.

5. Тумат С. Батыһыннарыылаах биэ: Кэпсээннэр. Кыра саастаах оҕолорго. Дьокуускай: «Бичик» нац.кинигэ кыһата, 1997.- 80 с.

6. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.