Сэт - сэлээн

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сэт-сэлээн диэн киһи куһаҕаны оҥорбут быһыытыгар түбэһэр эппиэтинэһэ ааттанар.

Дьон-аймах уһун кэмнээх олохторун сайдыыта үгүс киһи үчүгэйи, дьоҥҥо туһалаах үлэни-хамнаһы оҥордохторуна олохторо көнөн, сайдан-үүнэн барар, онтон үгүстэр куһаҕаны оҥоруулара элбээн хааллаҕына дьон олоҕо кэхтэр, кэннинэн төннөр. Дьон майгылара куһаҕаны оҥоруу диэки салаллыытын сахалар сэт-сэлээн туолуута диэн ааттыыллар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан киһи куһаҕан быһыылары элбэҕи оҥордоҕуна сэтэ туоларын билэллэр. (1,13). Уһун кэмҥэ айыыны-таҥараны итэҕэйбэт «коммунизм» итэҕэлэ бүрүүкээбит кэмигэр кут-сүр үөрэҕэ бобуулаах этэ. Бу кэм сабыдыалынан билиҥҥи көлүөнэ дьон сэт үөрэҕин букатыннаахтык умнан кэбистилэр. Саха дьонугар билигин сэт-сэлээн туолуута диэн өйдөбүл эрэ хаалан сылдьар.

Сэт куһаҕан быһыылартан үөскүүрүн сахалар эмиэ билэллэр. Ордук ыарахан, куһаҕан, сэттээх-сэлээннээх быһыылары элбэҕи оҥордоххо сэт-сэлээн туолуута буолуохтаах.

Олус дьадаҥы киһи бэйэтин олоҕун сирэр, үчүгэй олоххо ымсыырар, тардыһар. Ордук оҕото үчүгэй олохтоох буолуон баҕарар. Россия дьонугар «коммунизм» ыра санаата киириитигэр ити өй-санаа улахан оруолу ылбыт. Дьон барыта олус дьадайаннар бэйэлэрин оҕолорун кыайан ииппэттэриттэн революция хамсааһына ордук улахан далааһыннаммыта быһаарыллар. Революция кыайыытын кэнниттэн дьадаҥы дьон баҕа санааларын олус түргэнник ситиһэ сатааннар, бэйэлэрин оҕолоро атын, «үчүгэй» олоххо олоруохтара диэннэр, кыра оҕолорун бэйэлэрин урукку олохторун үгэстэригэр уонна үөрүйэхтэригэр үтүгүннэрэн үөрэтэллэрин бырахпыттара. Бары оҕолорун үөрэхтээх киһи оҥоро охсоорулар, сороҕор сүрэҕэлдьээтэҕинэ: «Сүөһү көрөөччү буолуоҥ»,- диэн хомуруйар тылы тутталлара. Олус дьадаҥы дойдуга киһи барыта үрдүк үөрэхтээх буолара төһө эмэ эрдэтин иһин итинник ыҥырыы билигин да оҥорулла турар.

Октябрьскай революция былыргыттан олохсуйбут олох сиэрин үлтүрүтэн, былыргы үгэстэри уонна үөрүйэхтэри суох оҥорбутуттан кэлэр көлүөнэлэргэ сэт-сэлээн олохсуйбут буолуон сөбө хас да көлүөнэ дьон үөскээн олорон ааспыттарын кэнниттэн биллэн эрэр. Аҕыйах сыл иһинэн «коммунизмы» тута охсоору саҥа олоҕу тутууну, саҥалыы сиэри-туому тутуһууну саҕалаабыт дьон оҕолорун киһилии майгыга, үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэллэрэ аҕыйаан испит. «Коммунизм» дьонун иитэн-үөрэтэн таһаара охсоору, эдэр дьону барыларын үөрэхтииргэ туруммуттара. Хаалыылаах экономикалаах, сүрүн үлэлэрин үксүн илиилэринэн үлэлиир дьоҥҥо аһара үөрэхтээһин туһалыаҕынааҕар, төттөрү буолан таҕыста. Ол түмүгэр ыарахан үлэни үлэлиэхтэрин баҕарбат, үрүҥ, чэпчэки үлэни көрдүү сылдьар, баар олоххо соччо туһата суох "үөрэхтээх" дьон элбээтилэр.

Үөрэхтээһин төһө да үчүгэйин иһин, киһи салгын кутун бастаан сайыннарар. Киһи өйө-санаата сайдан барыытыгар оҕо аан маҥнай төрөппүттэрин үтүктэн үгэстэргэ үөрэнэрэ оруннаах этэ, ол аата, аан маҥнай оҕо ийэ кутун сайыннарыллыахтаах. Үчүгэй үгэстэргэ үөрэтииттэн оҕо ийэ кута сайдан бэрээдэктээх, өйө-санаата туруктаах буола улаатар.

Дьон олоҕун оҥкулун алдьатыы, сиэрин-туомун суох оҥоруу сэт суола арыллыытыгар тириэрдэн эрэр. Революция кэмигэр олус харса-хабыра суох барыы, эйэлээхтик олорор дьону өлөртөөһүннэр, киһи киһиэхэ кырыктаах буолуута бу сэт-сэлээн туолан барыытыгар ордук улахан оруолу ылбыттар.

«Коммунизм» идеята Россия дьадаҥы дьонугар киириититтэн, дьон олоҕун сиэрин, оҥкулун түҥнэри эргитииттэн, олохсуйбут үгэстэри уонна үөрүйэхтэри умнууттан, тутуспаттан Россия дьонугар сэт-сэлээн туолара кэлбит. Революция кэнниттэн үс көлүөнэ дьон олохторо ааһыытыгар сэт дьайыыта биллэн эдэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үөскээтэ. Үгүс эдэрдэр олоххо оннуларын булбаттар, эрэйгэ тэбиллэллэрэ элбээтэ.

Былыргылар сэт туһунан өйдөбүллэригэр маннык этиилэр баалларын Багдарыын Сүлбэ булан бэлиэтээбит.

Төрүү илик оҕолору быалаһыы дьылҕа хаантан көрдөһөн, алгыс тыл этэн, андаҕар андаҕайан оҥоһулларынан, арай оҕолортон биирдэһэ өлөр эрэ түбэлтэтигэр, Дьылҕа хаан ылымматах буоллаҕа буолан, сэтэ-сэлээнэ суох хаалыахтаах. Өскө хайа эмэ өттүттэн көтүллэр түбэлтэтигэр сэттээх-сэлээннээх - ол аата: өлүүнэн-сүтүүнэн, эстиинэн-быстыынан хайаан да иэстэбиллээх буолуохтааҕа үһү уонна быалаһыылаахтар атын кэргэннэнэллэрэ сатаммат, кэргэннэнэр түбэлтэлэригэр дьаһыыкка (көрсүү), оттон оҕолоннохторуна оҕолоро дьаһыыкка оҕо ааттанан, сааһын тухары күлүүгэ-элэккэ, үөҕүүгэ сылдьар киһи буолуохтаах эбит. (2,188).

Төрөппүттэр «Бэйэм эрэ үчүгэй буолуум» диэн бэйэлэрин тустарыгар аһара кыһаныылара кэлэр көлүөнэлэрин, оҕолорун өйдөрүн-санааларын буорту оҥорор. Маннык өй-санаа көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн муҥуругар тиийиитэ сэт-сэлээн туолуута диэн ааттанар. Бу аймах дьон ситимнэрэ быстыыта, аймахтарын-хааннарын салгыыр киһилэрэ суох буолуутунан түмүктэнэр.

Сахаларга «Баай дьон тоҕус көлүөнэ иһинэн дьадайаллар» диэн олохсуйбут өйдөбүл баар. (3,46). Маннык өйдөбүл атын сайдыылаах омуктарга эмиэ баарын улахан суруйааччылар таба көрөн бэлиэтииллэр. Артур Конан Дойль баай дьон көлүөнэттэн көлүөнэҕэ дьадайаннар эстиигэ тиийэллэрин холобурун суруйар. (4,205). Бу өйдөбүл үөскээһинигэр баай дьон бэйэлэрин оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэппэккэлэр, куруук бэлэмҥэ, сынньалаҥнык күүлэйдэтэ сырытыннараннар, кэлэр көлүөнэлэрэ букатын мөлтөх дьон буолан тахсаннар баайдарын-малларын ыһан-тоҕон бүтэрэллэрин бэлиэтээһиннэрэ олук буолар.

Е.Д.Андросов саха биллэр баайдара Оруоһуттар олохторун уһун кэмҥэ үөрэтэн баран төрдүс көлүөнэлэриттэн саҕалаан мөлтөөн, дьадайан барбыттарын бэлиэтиир. (5,110).

Сэт туолуута элбэх айыылаах-харалаах киһи бэйэтин оҕотун үчүгэй киһи гына, киһилии киһи тахсар гына кыайан үөрэппэтиттэн тутулуктанар. Элбэх куһаҕан быһыылары оҥорон бэйэтин майгына мөлтөөбүт киһи оҕотун кыайан үчүгэй майгылаах буоларга үөрэппэт. Кыра оҕо төрөппүтүн көрөн, үтүктэн, кини курдук буолаары, сирэйиттэн көрөн төрөппүтүн ис майгынын ылынан улаатан иһэр. Төһө да кистии сатаабытын иһин оҕо төрөппүтүн син-биир үтүктэрин былыргы дьон билэннэр «Яблоко от яблони далеко не падает» диэн аҕаны уонна ийэни өйдөтөрүн таһынан куһаҕан майгылаах дьон эмиэ аҕа уонна ийэ буолуохтарын сөбүн утарбат.

Маннык көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан барар куһаҕан майгы өссө куһаҕан буолан иһэр. Куһаҕантан өссө куһаҕан үөскээн иһэринэн бу аймах дьон олохторо салгыы баран иһэрэ өссө ыарыырын сэт үөрэҕэ бэлиэтиир. (6,111).

Туһаныллыбыт литература

1. «Илин» сурунаал. 1997. 1-2 N-рэ.

2. Багдарыын Сүлбэ. Ыал ийэтинэн. Дьокуускай: «Бичик» нацио-нальнай кинигэ кыһата, 1994.- 240 с.

3. В.Ф.Трощанский. Наброски о якутах якутского округа. Под ред. и с прим. Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Уни-верситета, 1911.- 144 с.

4. Артур Конон Дойл. Знак четырех. - Якутск: Кн. изд-во, 1991. - 320 с.

5. Е.Д.Андросов. Оруоһуттар. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 2000.- 288 с.

6. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.