Сэнээмэ
Сэнээмэ диэн дьонтон үрдүктүк туттума диэн үөрэх буолар.
Хас киһи барыта ураты, тус-туспалар. Өйдөрө-санаалара ордук уратылаахтар. Оннооҕор игирэлэр тус-туспа майгылара элбэх. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи киһиэхэ сыһыаныгар ытыктабыллаахтык, биир тэҥник сыһыаннаһарга үөрэтэр.
Айылҕаттан бэриллэр талаан баара киһи киһиэхэ сыһыаныгар тэҥнээн биэриини оҥорор. Бэйэтэ улахан, күүстээх, доруобай эттээх-сииннээх киһи «Бери больше, кидай дальше» диэн этиигэ сөп түбэһэр өйдөөх-санаалаах буолара былыргыттан биллэрэ, аҥардастыы күүһүнэн өттөйүү киһи киһиэхэ сыһыаныгар сөп түбэспэтин быһаарар.
Улахан уҥуохтаах дьон бэйэлэриттэн кыралары үөһэттэн таҥнары көрөллөрүттэн хайдах эрэ баһыйар курдук санааҕа оҕустараллара элбэх. Өй-санаа киһи уҥуоҕуттан тутулуга суоҕа быһаарыллыбыта ыраатта. Эт-сиин уонна өй-санаа бэйэ-бэйэлэрин кытта хардары-таары тутулуктаахтар уонна олор омук үйэтэ төһө уһунун кытта эмиэ сибээстээхтэр.
Бу тутулук «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэр. Ордук күүстээх эттээх-сииннээх саҥа омук икки араас омуктар холбоһууларыттан үөскээн, сайдан, ахсааннара эбиллэн, саҥалыы үөскээн тахсар. Саҥа омук үөскээтэҕинэ, өйө-санаата саҥалыы сайдан барыытыгар кырдьаҕас омуктартан арахсан бэйэтин туспа уратыларын билинэн барар. Өйө-санаата үгүс өттүнэн икки омук өйүттэн-санаатыттан холбонон, икки тылынан буккуйа саҥаран саҥалыы сайдан барар.
Омук этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан барыытыгар, ол аата уҥуохтара кыччаан иһэр кэмигэр өйдөрө-санаалара ордук мунньуллан үрдүк сайдыыны ситиһэр кэмнэрэ кэлэр. Бу этии дакаастабылынан киһи сааһыран истэҕинэ олоҕун уопута элбээһиниттэн өйө-санаата ордук эбиллэн, мунньуллан, күүһүрэн иһиитэ буолар.
«Киһини санаата салайар» диэн сахалар этэллэр. Киһи санаата ураты күүстээх, туохтан да иҥнибэт, хайа баҕарар киһиэхэ хантан баҕарар дьайыыта тиийиэн сөп. Саха дьоно былыр-былыргыттан бу үөрэҕи билэллэриттэн уонна туһаналларыттан кырдьаҕастары ытыктыыр санаалара хаһан да мөлтөөбөт, өй-санаа эбиллэн, күүһүрэн иһиитин таба сыаналыыллар.
Эдэр сэнэх эрдэххэ киһи күүһэ-кыаҕа элбэҕиттэн тугу барытын кыайа-хото тутуу, суоҕу да баар оҥоруу туһунан санаалара аһара элбэх буолаллар. Бу кэмҥэ эдэр киһи аһара барар санаата атыттар, арыыйда мөлтөхтөр, кыралар, кырдьаҕастар үрдүлэринэн көппөтүн, барбатын наадатыгар сахалар «сэнээмэ» диэн үөрэтэллэр.
«Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ» диэн этии дириҥ суолтатын ордук спортсменнар билэллэр. Урукку кэмҥэ киэҥник биллибит тустуук ханнык эрэ аата-суола суох күрэхтэһээччигэ кыаттарбыта соһуччу солун буолааччы. Эдэр күрэхтэһээччини ааттарынан-суолларынан саба баттаан кыайыыны-хотууну улахан эрэйэ суох ситиһиэхпит диэн быстах санааҕа оҕустарыы сыыһатын элбэхтэр, урукку чемпионнар билбит суоллара.
«Киһини сэнээмэ» диэн этии хайа да киһини сэнээмэ, анныгынан санаама, үрдүнэн барыма диэн үөрэтэр, сэрэтэр. Санаа төһө күүстээҕэ киһи уҥуоҕуттан тутулуга суох. Аһара күүстээх санаалаах сааһырбыт киһи ойуун, удаҕан буолуон сөп.
Бултуйбут балыксыт айаннаан иһэн биир кыра киһини көрсөн кэпсэппитигэр киһитэ «Балык амсайыа этим» диэбитин аххайбакка, истибэтэҕэ буолан ааһа турбут. Киһитэ хомойон: «Уу үөнүн харыһыйар. Балыккын барытын кыайан сиэбэтиҥ буолуо»,- диэн ботугуруу хаалбыт. Бу киһи балык уҥуоҕар харан улаханнык эрэйдэммитэ үһү.
Дьонтон ордук курдук туттума, үрдүктүк сананыма, атыттары анныгынан санаама диэн этии киһи санаата туохтан да иҥнибэтинэн, тугунан да тутуллубатынан дакаастанар. Сэнэнэн аанньа ахтыллыбат да курдук көрүҥнээх киһи санаата күүстээх буоллаҕына бэйэтин санаатын ситиһэр кыаҕа улаатар.
«Дьыбардаахха саҥарыма» диэн этии киһиргэс буолууну сэрэтэрин таһынан, аһара үрдүктүк туттума, улаханнык этинимэ диэн быһаччы өйдөбүллээх. Саҥа көрүүгэ синньигэс, кыараҕас, намыһах да курдук көстүбүт сири-дойдуну мыынан, аанньа ахтыбаты улаханнык саҥаран биллэрбит киһи эрэйгэ тэбиллэрин туһунан былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэр. Төрдүттэн куһаҕан өйдөбүлэ элбэх айыы диэн тылы улаханнык, элбэх киһи истэр гына саҥарыы, алгыска туһаныы табыллыбат.
Сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыы, аанньа ахтыбат буолуу сэнэбили үөскэтэр. Үөһээттэн таҥнары көрүү сэнэбил бэлиэтэ. Хантайан туран кэпсэтии, хантаарыҥнааһын, сэнэбиллээхтик, аанньа ахтыбаттык сыһыаннаһыыны көрдөрөр бэлиэ. «Хантайан туран силлээмэ, хараххар түһүөҕэ» диэн этии үөскээбит уонна сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыма диэн өйдөтөр.
Саха дьонун олохторун үөрэҕэ биир киһи олоҕунан муҥурдаммат, салгыы хас да көлүөнэ дьон олохторун барыларын холбуу ылан быһаарар. Бэйэтэ дьоҥҥо аанньа ахтыбаттык, сэнэбиллээхтик сыһыаннаһар киһи оҕолорун эмиэ соннук үөрэтэн кэбиһэрэ, эдэрдэр майгыларын бу уратыта өссө аһара барарыгар тириэрдэр. Куһаҕан майгы аһара барыыта сиэннэрин олохторун өссө уустугурдан, бу аймахтар салгыы өссө мөлтүүллэригэр, эстэллэригэр тириэрдиэн сөп.
Дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр кыайан тэҥнэһэр кыахтара суох. Үгүстэр үлэлээн-хамсаан, кыайан-хотон олохторун дьон курдук оҥостунар кыахтаахтар, онтон сорохтор доруобуйалара мөлтөҕүттэн, өйдөрө-санаалара тиийбэтинэн ону ситиһэр кыахтара кыра. Дьон кыахтаах өртүлэриттэн мөлтөхтөргө амарах, аһыныгас сыһыан эрэйиллэр.
«Кинини кытта аахсан да диэн», «Киһи аахсыбат киһитэ» диэн этиилэр, бу киһи кырдьык өйүнэн-санаатынан намыһаҕын, кыайан киһилии быһаарсар кыаҕа суоҕун биллэрэллэр. «Айыы киһитэ» диэн этии бу киһи өйө-санаата мөлтөөн-ахсаан Үөһээ дойдуга тахсара олох чугаһаабытын, бэйэтэ «Киһи аахсыбат киһитэ» буолбутун биллэрэр.
Дьон кыахтаах өттүлэрэ дьадаҥы, кыаҕа суох диэн сэнээбэккэ эрэ көрөн-истэн көмөлөһөн, өрө тардан, батыһыннаран биэрэр кыахтаннахтарына үгүстэр махталларын ылыахтарын сөп. Элбэх киһи үтүө санаата бииргэ түмүстэҕинэ туһалаах дьайыыта улаатарын туһунан сахалар билэллэриттэн тулалыыр дьон үтүө санаалара элбиирин туһугар кыһаналлар. (1,103).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.