Сэлээрчэх
Сэлээр диэн мээнэ ол-бу, буолар-буолбат тылга тииһэ сылдьар, ону-маны туһата суоҕу саҥарара элбэх киһини этэллэр. Көтүөккэлэс, чэпчэки майгылаах, тыал үрбүтүн хоту салаллан иһэр санаалаах, уу-хаар кэпсээннээх киһини сэлээр киһи дииллэр.
Сэлээр киһи диэн киһи эрэммэт киһитэ, субу тутан туран атыны туойан турдаҕына да көҥүлэ. Маннык майгы уратыта дьахталларга биллэрэ ордук элбэҕинэн кинилэри үөҕүүгэ элбэхтик туттуллар.
Сэлээрчэх диэн аһара чэпчэки майгыланыыны, дьахтар бииртэн биир эр киһиэхэ көтүөккэлии сылдьыытын сэмэлээһин ааттанар. Итини тэҥэ көрү-нары эрэ батыһар чэпчэки майгылаах дьахтары эмиэ этэллэр. Бу тыл куһаҕаны биллэрэр суолтата былыргытыттан кыратык даҕаны уларыйан көрө илик. Чэпчэки майгыланыыны биллэрэрин иһин дьахталлар, бу тылы чахчы сөбүлээбэттэр.
Билигин сэлээрчэх буолуу элбээн, сатайан турар. Үөрэхтэнэн эргэ барбакка сылдьар эдэр дьахталлар элбээһиннэрэ онно олук буолар. Ол курдук эт-сиин көрдөбүлэ амтаһыйбыт эдэр дьахтарга ордук күүстээҕинэн бииртэн-биир быстах сыһыаннаһыыларга, боруобалаһыыга киирэн биэрэн иһэллэрэ, сэлээрчэхтэр элбииллэрин үөскэтэр.
Сахалар олохторун үөрэҕэ сэлээрчэх буолууну сөбүлээбэт, куһаҕан быһыыга киллэрэр. Ол курдук дьахтар саҥаны айыыга баҕа санааланыыта аһара барыыта, ону ситиһиигэ турунара, саҥаттан саҥа эр киһини боруобалааһыҥҥа урутаан тиийэр кыахтааҕа, олоҕу чэпчэкитик сыаналыырыгар тириэрдиэн сөп. Ол курдук дьахтар эр киһини боруобалааһыҥҥа саҥаны арыйара, айыыны оҥороро олох үөрэҕинэн сэмэлэнэр. Ол иһин “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх бу балаһыанньаҕа туттулуннаҕына эрэ табыллар.
Сэлээрчэххэ кубулуйбут дьахтар ыал буолан, оҕо төрөтөн омук сайдыытыгар тириэрдэр кыаҕа аҕыйыыр. Элбэх эдэр дьахталлар сэлээрчэхтэнэ сылдьыылара омук эстиитигэр тириэриэн сөп. Ол курдук манныкка тиийбит дьахтар араас ыарыылаах оҕону төрөтөрүттэн уонна оҕотун киһилии быһыыланыыга кыайан ииппэтиттэн, аһара барар майгылаах оҥоруон сөбүттэн, сиэннэрин көрөрө уустугурар кыахтаах.
Сэлээрчэх диэн дьахтары анаан-минээн үөхсэр тылбыт. Элбэх туһата суох тыллаһар диэҥҥэ күүлэйдиирэ, эр дьону уларыта сылдьара элбэҕэ эмиэ эбиллэрин биллэрэр. (1,458).
Туһаныллыбыт литература
Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. - Дьокуускай: Бичик, 2008. - 680 с.