Сыҥаан
Сыгаан - асаһынан кэпсэлгэ киирбит Бүтэйдээх киһитэ.
Улуу баайдар Поповтар аатырар урууларыгар аһастаахтар күрэстэригэр икки кыайыылаах киһи уос номоҕо буолан билиҥҥэ дылы кэпсэнэн кэлбиттэр. "Ойбон арыы" диэн ааттаан ууллубуг арыыны иһэрдэллэр эбит. Биир урууга Сыгаан 1 боппууда (8 киилэ) арыыны иһэн баран астыммакка эбии көрдөөбүтүн ытык кырдьаҕастар боппуттар.
Иккис урууга Үөһэ Алтан Боодой диэн киһитэ 9 мээрэй арыыны иһэн баран онуһун көрдөөбүтүн биэрбэтэхтэр[1].
Быһаарыылар
- ↑ Нэһилиэгим нэһилиэстибэтэ. Родионов К.К., Көмүөл, Дь., 2010