Сутаковтар (Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сутаковтар - Биэкэнэҕэ Көмөр тамаҕа диэн сиргэ олорбуттар. Дьөгүөр Сутаков - Көмөр. Икки уол, икки кыыс оҕолоох оҕонньор. Кыргыттара Бөтүгүттэҕэ, Тараҕайга кэргэн тахсан барбытгар. Улахан уол Тообур Бүөтүр тустан кими да тулуппат, анньыыны астаҕына ким да ситэн баспат гына түргэнник барар кыанар киһи эбит.

Тообур хаастааҕа диэн сир баар. Тообур биирдэ туналгы маҥан кубаны бултаабыт. Ол кэннэ ыалдьан 9 сыл суорҕаҥҥа, тэллэххэ сыппыт. Өлөрүгэр бу булдун буруйдуу сытан бараахтаабыт. Бэйэтин Биэкэнэтиттэн ылбыт Ааныска диэн Махсыым Стручков кыыһа кэргэннээҕэ Махсыым диэн уолунаан огдообо хаалбыт Ааныска Мэхээлэ Тиэхэнэпкэ-Чоохуга кэргэн тахса сылдьыбыта. Өрүскэ от сии киирэн сылдьан Томторго Махсыым Тиэхэнэпкэ кэргэн тахсыбыт. Уола Петр Максимович Тихонов билигин ийэ олоҥхоһутунан киэҥник биллэр.

Көмөр кыра уола Байбал Дьөгүөрэбис Сутаков (1907 с.т.). Кыра үөрэхтээх. "Коммунар" колхозка киирэн үлэлээбит. Сахалыы аата Адаам диэн. Арҕаа хорсуннук сэриилэспит. "Хорсунун иһин" мэтээлэ кэлин кэлбит. 1946 с. эргиллибит, икки тиҥилэҕэ суох киһи кэлээт дьону кытта тэҥнэ үлэлээн барбыт. 1948 с. Евдокия Афанасьевна Семенованы кэргэн ылбыт. Аҕатын аатынан Дьөгүөр диэн Сутаковтары салҕыахтаах уол төрөөн өлбүт. Кэргэнэ Дьэбдьиэй бу үһүс ыал буолуута. Маҥнайгы кэргэниттэн оҕолоро Аполлон Семенович Стручков уонна Сөдүөрэ Гоголева буолаллар. Иккис кэргэнитгэн уола Уйбаан Стручков Байбал кыыһа Елизавета Павловна Бүтэйдээххэ Чыычаахсьптар диэн улахан ыал ийэтэ, эбэтэ. Кыра кыыс Маайа Кайзер диэн ньиэмэс кэргэннээр, Нижнэй Тагилга олороллор. Байбал биир уһун сылгы этэрбэстээх да буоллар, Кубалаах үрэҕэр күһүҥҥү тымныы ууну кэһэн араанньата бэргээн 1961 с. эрдэ өлбүт.

К.К. Родионов Төрүччү А.С.Шишигин кэпсээниттэн сурулунна.