Социальнай Көҕүлээһин (куонкурус)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

“Социальнай көҕүлээһин” (куонкурус) – түмэт урбаанын эйгэтин куонкуруһа.

“Социальнай көҕүлээһин” куонкурус “Норуот көҕүлээһинэ” судаарыстыбаннай биэдэмэстибэлэр социальнай уонна информационнай бырагыраамаларын өйүүр пуонда тэрээһинин ыытыллар. Куонкуруска түмэт урбаанын эйгэтигэр кылгас уонна уһун кэмнээх биисинэс бырайыактары олоххо киллэрэргэ көмөлөһөр гран ылар иһин киирсэллэр.

“Социальнай көҕүлээһин” куонкуруска уопсастыба социальнай сайдыытыгар үлэлэһэр кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр, биисинэс-инкубатордар, Арассыыйа, СНГ судаарыстыбаларын түмэт эйгэтигэр үлэлэһэр урбаанньыттара уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэрэ кыттыахтарын сөп.

Куонкурус сүрүн сыала: Арассыыйа түмэккэ урбаанньыттарын социальнай эппиэтинэстэрин уһугуннаран олох-дьаһах социальнай-экэнэмиичэскэй эйгэтин туспарыы, тирэхтээхтик сайыннарыы.


Куонкурус соруга:

  • Уопсастыба, биисинэс уонна былаас икки ардыгар коммуникационнай былаһакканы тэрийии;
  • Түмэт эйгэтигэр үлэлэһэр урбаанньыттары уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэри булуу, көрдөөһүн;
  • Саҥа көлүөнэ түмэт урбаанньыттарын, менеджердэрин уонна финансистарын иитии;
  • Биисинэс түмэт хайысхалаах буолуутугар үлэлэһэр урбаанньыттарга, кэмиэрчэскэй уонна кэмиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэргэ көмөлөһүү, үлэлэригэр-хамнастарыгар тирэх буолуу;
  • Түмэт урбаанын эйгэтигэр туһуламмыт идиэйэлэри уонна бырайыактары быһаарыы, олор олоххо киириилэригэр көмөлөһүү;
  • Түмэт саамай сүрүн, тутаах кыһалҕаларыгар дьон-сэргэ, уопсастыба болҕомтотун тардыы.

Куонкурус номинациялара:

  • “Түмэт урбаанын эйгэтигэр олоххо киирэн үлэлии турар бастыҥ бырайыак”;
  • “Түмэт урбаанын эйгэтигэр киирэн үлэлээн эрэр бастыҥ старт-ап бырайыак”;
  • “Аһымал санаа бастыҥ бырайыага” анал номинация.

Бастыҥ бырайыактар ааптардара “Дьыалабыай Арассыыйа” Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ Түмэт урбааҥҥа кэмитиэтин бочуоттаах чилиэннэрэ буолаллар.