Сосин Алексей Ильич
Сосин Алексей Ильич | |||
---|---|---|---|
Төрөөбүт күнэ | 1905 | ||
Төрөөбүт сирэ | Моорук нэһилиэгэ, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа, Саха уобалаһа | ||
Сулууспалаабыт дойдута | ССРС | ||
Сэриилэр көрүҥнэрэ | артиллерия | ||
Сулууспалаабыт сыллара | 1942—1945? | ||
Солото | |||
Кыргыһыылар/сэриилэр | Аҕа дойду Улуу сэриитэ | ||
Наҕараадалара |
|
Сосин Алексей Ильич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
1905 сыллаахха Моорук нэһилиэгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүт. Сэрии иннигэр Табаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдээбит. Аармыйаҕа 1942 с. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. 1942 сыл ахсынньытыттан Соҕуруу-Арҕаа фроҥҥа сэриилэспит. 221-с гаубичнай-артиллерийскай полкаҕа орудие хамандыырынан сулууспалаабыт. Бойобуой үтүөлэрин иһин Кыһыл Сулус уордьанынан, хас да бойобуой мэтээллэринэн, «Туйгун артиллерист» бэлиэнэн наҕараадаламмыт.
Сэрии кэнниттэн өр сылларга сэбиэскэй партийнай үлэҕэ сылдьыбыт. Сааһынан пенсияҕа тахсан баран өлбүт.
Наҕараадалара
- Кыһыл Сулус уордьана (27.11.1943)[1]
- «Хорсунун иһин» мэтээл (05.04.1943)[2]
Быһаарыылар
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
Сигэлэр
М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.