Слепцов Анатолий Игнатьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Слепцов Анатолий Игнатьевич - быраас идэлээх саха суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, эдэр суруйааччылар XVII сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа.


Олоҕун кэпсээнэ

Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгэр 1968 с. төрөөбүт. Биллиилээх мелодист Игнатий Слепцов сэттэ оҕотуттан саамай кыралара.

11-с №-дээх СПТУ-ну бүтэрэн баран армияҕа сылдьыбыта.

1986 с. Алданнааҕы медицинскэй училищены,

1999 с. мединституту иккиэннэрин кыһыл дипломнарынан бүтэрбитэ.

Ординатура кэнниттэн хирург идэлэммитэ.

2001 сыллаахтан улуус балыыһатын хирургическай отделениетын сэбиэдиссэйэ.


Айар үлэтэ

Кэпсээннэрэ "Чолбон" сурунаалга 2010 сыллаахха бэчээттэммитэ[1].

Сорох айымньыларын кытта Бикитиэкэҕэ билсиэххэ сөп.


Быһаарыылар

  1. "Чолбон", уус-уран литературнай уонна общественнай-политическай сурунаал, 2010, 8№, 9-16 сир.