Слепцовтар (Бүтэйдээх, Мэҥэ-Хаҥалас)
Слепцовтар - Бүтэйдээх нэһилиэгин ыаллара.
Аҕаларынан алтаннар, ийэлэринэн алаастар. Үөһээ Алтаҥҥа Улахан сыһыы диэн сиргэ олорбут аҕалара Бүөтүккэ Слепцов уонна ийэлэрэ эрдэ өлөннөр оҕолор тус-туһунан иитиллибиттэр. Хонооһой ийэтин аймахтарыгар Нотуукка Сэмэннээххэ сыстыбыт. Сааба эргэ тахсыбыт эдьиийин эҥээрдэһэн Бөтүҥҥэ олорбут, үөрэммит. Савва Петрович Слепцов-Таппарыйа армияҕа барыан иннинэ нуучча кэргэннэнэ сылдьыбыт. Сэриигэ штаб начальнигын ординареһынан сылдьыбыт. Ленинграды, Прибалтиканы босхолоспут. Үс бойобуой ол иһигэр, "Хорсунун иһин" мэтээллээх эргиллибит. Бөтүҥҥэ колхуоска үлэлээбит, бултаабыт. Холгуматтан Кууһума кыыһын Попова Александраны кэргэн ылан 3 оҕоломмут. 1963 с. Бүтэйдээххэ көһөн кэлбиттэрэ. Ийэлэрэ 1972 с. өлбүт. Сааба уһаммыт, бултаабыт. Кэлин Алтантан Попова Елена Гаврильевнаны кэргэн ылан кырдьар саастарыгар бииргэ олорбутгара. Сэрии бэтэрээнэ 1993 с. 73 сааһыгар өлбүтэ.
Убайа Хонооһой Слепцов нэһилиэккэ биллэр мас ууһа этэ. Ини-биилэр иккиэн да улахан уустар. Хонооһой алаас Түмэппий Стручков кыыһа Марыыналыын элбэх оҕоломмуттара. Хонооһойу Бүтэйдээххэ элбэх ыччаттара, тутуспут дьиэлэрэ, элбэх дьон махтала санаталлар[1].
Төрүччүнү оҥорууга А.С.Шишигин көмөлөспүтэ
Быһаарыылар
- ↑ Нэһилиэгим нэһилиэстибэтэ. Родионов К.К., Көмүөл, Дь., 2010