Славянофиллар
Славянофиллар — Арҕаа Европа сабыдыалыттан босхолонуу. Нуучча омуга ураты омук, Европа омуктарыттан атын суоллаах-иистээх буолуохтаах диэн санааннан салайтарбыт дьон. Кинилэргэ — личность атын личноһы кытта дьол иһин охсуһар буоллаҕына, биһиэхэ — община, кинилэргэ — бэлитиичэскэй көҥүллэр, биһиэхэ — ол наадата суох диэн, уо.д.а. көрүүлээх дьон. Сорохторо ону аһара баран нуучча омуга ураты эрэ буолбакка, кини — уһулуччу омук, диэн санааны күөн туталлара. "Биһиги былыргыбыт Арҕаа Европа дьайыытынан киртитиллибэтэх эҥкилэ суох ыраас, оттон билиҥҥибит наһаа элбэх аньыылардаах (грехи)" — дииллэр этэ[1].
Биллибит славянофиллар: Аксаков Иван Сергеевич, Киреевскай, Хомяков
Быһаарыылар
- ↑ Биографические очерки. Челябинскай, «Урал LTD», 1997