Ситникова Елизавета Анисимовна
Ситникова Елизавета Анисимовна — ыанньыксыт, ньирэй көрөөччү.
Олоҕун олуктара
Елизавета Анисимовна 1913 сыллаахха кулун тутар 15 күнүгэр I Маалтааны нэһилиэгэр Хаппар алааска Дмитрий Петрович уонна Анастасия Петровна Егоровтар диэн биэс оҕолоох дьадаҥы ыалга үһүс оҕонон төрөөбүт. Ийэтэ түөрт саастааҕар оҕолоноору өлбүт. Икки сыл алаастарыгар аҕаларын кытта олорбуттар. Онтон кыайан оҕолорун соҕотох иитиэ суох буолан аҕалара икки кыра оҕотун ыалга ииттэрэ биэрбит. Елизаветаны Дьэр Куудугар Мария Степановна уонна Дмитрий Афанасьевич Ситниковтар диэн ыал ылбыт. Ииппит ийэтэ Мария Степановнаны кытта 1932 сыллаахха диэри бииргэ олорбут. Ииппит аҕата Дмитрий Афанасьевич 1926 сыллаахха ыам ыйыгар “ыспаҥка” диэн улахан дьаҥ турбутугар ыалдьан өлбүт. Ол күһүнүгэр ийэтэ иккиһин Данилов Анисим Михайлович диэн Боруочайга олохтоох киһиэхэ кэргэн барбыт. Ити курдук икки ииппит аҕатын ааттарын ылан, Ситникова Елизавета Анисимовна диэн ааттаммыт. Елизавета Анисимовна оҕо, эдэр эрчимнээх саастара, ытык муударай сыллара барыта бу төрөөбүт түөлбэтигэр, Дьэр сирэ тупса, киэркэйэ турарыгар ананар. Елизавета Анисимовна 1931 сылтан 1972 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри бастаан холкуоска, кэлин “Өктөм” сопхуоска ыанньыксытынан, ньирэй көрөөччунэн үлэлээбит. Оҕо эрдэҕиттэн үлэ ыараханыгар, кытаанах кэм кыһарҕаныгар мискиллэн улааппыт.
1932 сыллаахха Елизавета Анисимовна Ситников Иван Яковлевичка (1901 с.т.) кэргэн барбыт. Кини Куудук олохтооҕо этэ, ол кэмҥэ кыһынын Алдаҥҥа таһаҕас таһыытыгар, сайынын Куудуктар Эркээйи диэн табаарысыстыба тыа хаһаайыстыбатын устаабын ылынан, баайдарын холбоон Строд аатынан холокуос буолбуттар.
1935 сыл сэтинньи ыйга Елизавета Анисимовна үс сылга дуогабардаһан доярка үлэтигэр көспүтэ уонна эбии биэс дояркаҕа арыыһыттыыра. Бэйэтэ сэттэ ынаҕы уонна сэттэ ньирэй көрөрө. Олунньу ыйга бастакы кыыһын оҕоломмут. Сайыҥҥы кэмҥэ бу үлэҕэ олус ыарахан этэ: биэс уон ынах үүтүун атааһын уонна бэйэтэ ыыр сэттэ ынаҕын көрүү. Үс сыл ити курдук үлэлээн баран дуогабара туолбутугар уурайбыт. Ол кыһын ферма оҕустарын көрөн, сайынын оҕуруокка үлэлээбит.
1937 сыл Строд норуот өстөөҕө аатыран холкуос Карл Макс аатын сүгэр буолбут.
1938 сыл иккис кыыс оҕоломмут. Оҕолонон баран биир ый буолаат, ахсынньыттан боруода бургунастары көрөн кыстаабыт. Сайынын Үрүҥ Бас сайылыкка көспүт кэннэ эмиэ арыыһытынан үлэлээбит. Ити курдук уон биир сыл, 1947 сыллаахха диэри, доярканан үлэлээбит. Кыһынын Куудукка кыстыыллара, сайынын Үрүҥ Баска сайылыыллара. Сэрии уонна сэрии кэннинээҕи кэм элбэх эрэйи аҕалбыта. 1941 сыл олунньутугар уол оҕоломмут. Ол сайын сэрии саҕаламмыт. 1943 сыллаахха кэргэнэ армияҕа ыҥырыллан барбыт. Бу сэрии сылларыгар холкуос кытаанах үлэтиттэн илиитин араарбакка. Ханнык да үлэттэн чаҕыйбакка, үс кыра оҕотун суос-соҕотҕун көрөн-харайан олорбут. Кэргэнэ Иван Яковлевич 1945 сыллаахха сэтинньигэ сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ уонна пенсияҕа тахсыар диэри холкуоска бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, хонуу үлэһитинэн , окко үлэлээбит. Кини сэриигэ 1034 стрелковай полк састаабыгар сылдьыбыт. Байыннай идэтинэн тутуу үлэһитэ эбит. Байыннай билиэтигэр атырдьах ый 9 күнүттэн 3 күнүгэр диэри Дьоппуон утары сэриигэ 1034 стрелковой полк састаабыгар саперунан сырытта диэн суруллубут. Иван Яковлевич сэрииттэн “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллээх эргиллибит.
Ити курдук 1948 сыллаахха диэри Елизавета Анисимовна доярканан үлэлээбит. Онтон уурайан сайынын оҕуруокка, кыһынын субан боруода сүөһү көрөн, ыанньык ынахтары аһатан, фуражирдаан үлэлээбит. Бөдөҥсүтүү политиката киирбитигэр, 1952 сыл бэс ыйыгар Ситниковтар Уулаах Ааҥҥа көһөн кэлбиттэр. 1954 сыллаахтан пенсияҕа тахсыах диэри ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит. Сылга 35-40, 80 ньирэйи көрөрө. Сылтан сыл аайы социалистическай куоталааһыыларга бастаан, ньирэйин сүүс бырыһыан тыыннаах хаалларан, күҥҥэ 530 грамҥа тиийэ эбиллиини ылара. Елизавета Анисимовна үлэҕэ бэриниилээхтик, чиэһинэйдик, ыраас суобаһынан, көнө сүрэҕинэн үлэлээбит, үлэни өрө тутар эппиэтинэстээх сыһыана бастыҥ холобур буолар. Кини үс төгүллээх Коммунистическай үлэ ударнига, Орджоникидзевскай оройуон Сэбиэтин исполкомун алтыс, сэттис ыҥырыытын депутатынан талыллыбыт, “Каландаришвили” холкуос, “Өктөм” сопхуос Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит. Кини сыралаах үлэтэ икки төгул Саха Республикатын Үрдүкү Сэбиэтин Прездиумун Бочуотунай грамоталарынан, “ССРС тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна” бэлиэнэн, Бүтүн Союзтааҕы норуот хаһаайытыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын үрүҥ көмүс уонна боруонса мэтээллэринэн, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Килбиэннээх үлэтин иһин. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сааһыгар” мэтээллэринэн уонна да атын үрдүк наҕараадаларынан бэлиэтэммит. Кэлин Елизавета Анисимовна “Улуус социальнай экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Саха сирэ россияҕа холбоспутун 370 сыла” бэлиэлэринэн, республика Вице-Президение махтал суругунан, “Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ”, “Үйэ саас” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыт, 2003 сыллаахха республика уһун үйэлээхтэрин чиэстээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт. Елизавета Анисимовна – Хаҥалас улууһун уонна Дьэр нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Туох-ханнык иннинэ, Елизавета Анисимовна улахан дьиэ кэргэн, аймах сүрүн баһылыга, дьиэ кэргэн сыаннастарын, үгэстэрин илдьэ сылдьар сүдү киһи. Хаан-уруу үтүө үгэһэ, сатабыллаах дьоҕура симэлийбэккэ салҕанан иһэригэр кини оруола туохха да да тэҥнэммэт кылаат. Сахалар киһи сытыы өйүн, муударайын көрдөрөргө “сир түннүгэ” диэн бэргэн тылы тутталлар. Бу тыл Елизавета Анисимовнаҕа анаммыт курдук. Кини билбэтэҕэ, стааабатаҕа диэн суох. Биир күн оскуола паартатыгар олорон үөрэммэтэх эрээри, сүрэҕин баҕатынан сахалыы ааҕа, кыратык суруйа үөрэммит. Кырыйдым диэн олорон хаалбакка, сахалыы тыллаах хаһыттан, телевидение биэриилэриттэн республика, дойду сонуннарын сэргээн ааҕар, истэр. Нэһилиэк, республика тэрээһиннэрин бэркэ кэрэхсиир, сылын аайы ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатын, түгэн түбэстэҕинэ Саха театрын туруолууларын киирэн көрөр идэлээх. Олоххо интириэстээх, күүстээх тардыһыылаах, хайа баҕарар боппуруоска тус көрүүлээх, дьону-сэргэни бэйэтин үтүө сыһыанынан тарда, истиҥ санаатынан арчылыы сылдьар, урукку кэми эндэппэккэ өйүгэр тута сылдьан, сааһылаан, наардаан кунун-ыйын ыйан кэпсиирэ киһини эрэ сөхтөрөр ытык мааны кырдьаҕас. Онтон, Елизавета Анисимовна сатабыллаах иистэнньэҥ буолара кини өссө биир сүдү талаана. Өҥү-дьүһүнү дьүөрэлээн, ойуу-дьарҕаа кистэлэҥин баһылаабыт уран тарбахтаах оҕуруо тиһээччи, сабынан ойуулааччы, этэрбэһиттэн саҥыйаҕар тиийэ барыны тигэр айылҕаттан айдарыылаах иистэннэҥ. Кини аҕыс сиэнэ, хос, хос-хос сиэннэрэ тоһуттар тымныылаах кыһыны сылаас таҥастаах, тоҥмокко-хаппакка, ыалдьыбакка туорууллара кини ахсаабат кыһамньытын, амарах сыһыанын туоһута буолара саарбаҕа суох.
Дьиэ кэргэнэ
Маны таһынан, Елизавета Анисимовна – минньигэс астаах, сайаҕас санаалаах дьиэ хаһаайката. Саха төрүт аһын, бурдук аһы сатабыллаахтык астыыр, саҥаттан саҥа, минньигэс ас арааһын мэлдьи оҥорор ыалдьытымсах, үөрүннэҥ киһи. Бириэмэтин мээнэ ыыппат, мэлдьи солото суох түбүгүрэр, олус үлэһит, хорсун санаалаах хаһаайка. Ситиников Иван Яковлевичтыын 56 сыл өйдөһөн-өйөһөн, дьоһун саха ыала дэппиттэрэ, үс оҕону улаатыннаран, барыларын үрдүк үөрэхтээх дьоһун, үтүө-мааны дьон оҥортообуттара. Ситниковтар оҕолоро: бастакы кыыстара Ольга Ивановна 1936 сыл олунньу 27 күнүгэр төрөөбүт. Кини 1964 сыллаахха Саха государственнай универститетын филология салаатын бүтэрбит уонна нуучча тылын уонна литературатын учууталынанбастаан Кэбээйи, Өлөөн оройуонун оскуолаларыгар үлэлээбит. 1964-1975 сылларга Уулаах Аан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар, кэлин 1989 сыллаахха пенсияҕа тахсыар диэри Өктөм орто оскуолатыгар үлэлээбит. Кини 27 сыл учууталлаабыт педагогическай үлэ ветерана. Икки кыыстаах, 5 сиэннээх. “Үлэ ветерана” бэлиэнэн, элбэх грамотанан, дипломунан наҕараадаламмыт. 2006 сыллаахха ыалдьан өлбүт. Иккис кыыс Матрена Ивановна 1938 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр төрөөбүт. Кини 1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн зоотехник идэтин ылбыт. Горнай, Аллайыаха оройуоннарыгар хомсомуол комитетын II сэкирэтээринэн, кэлин зоотехнигынан, Мэҥэ Хаҥаласка страховка агенынан үлэлээбит. Матрена Ивановна 29 сыл үлэ ыстаастаах. Үс оҕолооох, 5 сиэннээх, хос сиэннээх. “Үлэ ветерана” бэлиэнэн, элбэх грамотанан, дипломунан наҕараадаламмыт. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа Покровскай куоракка олорор. Уоллара Иван Иванович 1941 сыл олунньу 1 күнүгэр төрөөбүт. 1969 сыллаахха Саха государственнай университетын математика салаатын бүтэрбит. 1969 сылтан 2006 сыллааха диэри Өктөм орто оскуолатыгар математика уонна информатика учууталынан үлэлээбит. Кини 37 сыл үлэ ыстаастаах. “Саха Республикатын үтүөлээх учуутала”, “Үлэ бэтэрээнэ”, “Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина” бэлиэлэринэн, элбэх грамотанан, дипломунан наҕараадаламмыт. Үс уол оҕолоох, 7 сиэннээх, Өктөм сэлиэнньэтигэр олорор.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
- УРУБИИКИ:Категорията суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Ойуута суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Итэҕэтиилээх источниктара ыйыллыбатах ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Наһаа кылгас ыстатыйалар
- Тыл сөпкө суруллуута, сыыһалара тургутуллуохтаах ыстатыйалар
- Дьон алпаабытынан