Сирасе Нобу
Нобу Сирасе | |
---|---|
Нобу Сирасе | |
Төрөөбүтэ | Никахо, Акита, Дьоппуон |
Өлбүтэ |
1946 Биллибэт |
Идэтэ | Чинчийээччи |
Сирасе Нобу (чинчийээччитэ, Соҕуруу Полюска Р. Скотту кытта биир кэмҥэ кэлэн ааспыт. Төһө да, наука өттүнэн, кыра суолталааҕын иһин Дьоппуон дойдутугар биир кэмҥэ улаханнык биллэ сылдьыбыт уонна олохтоох дьон сүргэтин көтөхпүт киһинэн ааҕыллар.
Соҕуруу полюска бастакы экспедициятын Каинан Мару» (дьоп. 開南丸) диэн шхунанан Антарктидаҕа чугаһаабыт, ол гынан баран халлаан туруга мөлтөөн материкка кыайан түспэтэхтэр.
Иккис холонуута быдан ордуктук ааспыт, 1911 с. сэтинньи 19 туруммут уонна ахсынньы 21 күнүгэр полярнай эргиири ааспыт, өссө икки нэдиэлэнэн Антарктида кытылыгар кэлбит. Китовай хомоҕо тиийбитигэр Амундсен «Фрам» диэн ааттаах хараабылын көрсүбүттэр.
1912 с. тохсунньу 20 күнүгэр Сирасе Нобу, Терутаро Такеда уонна икки айн ыт көлүүрдьүттэрин кытта соҕуруу полюс диэки туһаайбытынан төһө кыалларынан ыраах бара сатаабыттар. Тохсунньу 28 күнүгэр кытылтан 250 км тэйэн баран төннүбүттэр. Муҥуутаан 80˚ соҕуруу устугар тиийбиттэр эбит. Чинчийээччилэр Дьоппуон былааҕын туруорбуттар уонна тимир баанка иһигэр бэйэлэрин ааттарын суруйан көмпүттэр. Олунньу 3 күнүгэр Антарктидаттан төннүбүттэр. 1912 с. бэс ыйыгар дойдуларыгар тиийбиттэр.