Семенов Николай Макарович
Семенов Николай Макарович, (1937 с. муус устар 7 күнэ, Хоро нэһилиэгэ, Сунтаар оройуона, Саха АССР), РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, үлэ, спорт ветерана.
Олоҕун олуктара
1937 сыллаахха муус устар 7 күнүгэр Сунтаар улууһун Хоро нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1946 с. - Хоро начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1956 с. 10 кылааһы бүтэрээт, Элгээйигэ киэһээҥҥи оскуолаҕа биир сыл учууталынан үлэлээн баран армияҕа сулууспалаабыта.
1961 с. - Ленинградка Герцен аатынан педагогическай институкка физика, радиотехника салаатыгар үөрэнэ киирбитэ.
1965 с. - Элгээйи орто оскуолатыгар физика учууталынан үлэтин саҕалыыр[1]
1977 с. - оскуола кылаас таһынан үлэтин тэрийээччи быһыытынан үлэлиир.
Семенов Н.М. үлэлиир кэмигэр үөрэтии научнай-практическай хайысхатыгар элбэх болҕомтотун уурбута. Техническэй айар үлэҕэ, самодеятельноска оройуонугар, республикаҕа элбэх бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Ленинград куорат Заславскай аатынан зоологическай музейыгар, Лена өрүс тардыытынан үөрэнээччилэр экспедицияларын салайбыта. Николай Макарович салалтатынан үөрэнээччилэр сайыҥҥы үлэлэрин тэрийиигэ "Ориентир", "Ритм", "Факел" үлэ-сынньалаҥ лааҕырдар базалара тэриллибитэ. Тыа хаһаайыстыбатын производствотын дириҥэтэн үөрэтиигэ, үлэ уруогун, механизация, животноводство кабинеттара саҥардыллыбыттара.[2]
Наҕараадалара, ытык ааттара
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна.
- “За освоение целинных земель» мэтээл.
- ЫБСЛКС КК “Молодой передовик производства” бэлиэ.
- “Победитель социалистического соревнования” бэлиэ[1].
Кини туһунан
- Норуот учуутала / [авт., хомуйан оҥорооччу А.М.Григорьева – Сандаарыйа ; ред. К.П.Семенова] – Дьокуускай: Сахаада, 2017
Сигэлэр
- ↑ 1,0 1,1 Норуот учуутала / [авт., хомуйан оҥорооччу А.М.Григорьева – Сандаарыйа ; ред. К.П.Семенова] – Дьокуускай: Сахаада, 2017
- ↑ Книга педагогической славы Сунтарского улуса / Упр.образования Сунтар.улуса, Информ-метод.центр Сунтар.упр.образования ; редкол П.А.Потапов и др. – Якутск : ОАО «Медиа-Холдинг «Якутия», 2010