Саха сиригэр оҕо спордун бастакы хардыылара
Саха Сиригэр оҕо спордун сайдыытын бастакы кэмнэрин туһунан архыып докумуоннара тугу кэпсииллэрий? Кэнчээри ыччаппытыгар анаан спорду сайыннарыы үтүө сабыдыаллааҕын уонна үрдүк суолталааҕын туһунан билигин эрэ кэлэн буолбакка, уруккуттан даҕаны билэллэр этэ. Саха Сиригэр Өрөбөлүүсүйэ иннинээҕи балаһыанньаны ылан көрөр эбит буоллахха, физическэй култуураны ыччакка диэн анаан олохтуу сатааһыын баарын туһунан туоһулуур докумуонартан биирдэстэринэн, «Инспектор народных училищ» диэн, СӨ Национальнай архыыбын пуондатыгар сытар докумуоҥҥа суруллубут. Манна этиллэринэн, 1915 сыл ахсынньы 23 күнүгэр, Норуот үөрэҕириитин министиэристибэтин департаменын Эмтиир-санитарнай чааһа Илин Сибиир училищаларын Сүрүн инспектордарыгар суруйбут: «Улуу сэрии (манна – 1-кы аан дойдутааҕы сэриини этиллэр) үөрэх кыһаларын үөрэнээччилэрэ Ийэ Дойдуну көмүскүүр санааларын күүһүрдэн, аармыйаҕа суруттарыыларын элбэттилэр. Бу үөрэнээччилэр Ийэ Дойдуларын ииннигэр ытык иэстэрин толороллоругар, 1915 сыл ахсынньы 8 күнүгэр тахсыбыт спорт мобилизациятын туһунан балаһыанньа улахан көмөнү оҥоруо этэ. Үөрэх кыһаларын тойотторо олохтоох байыаннай-спортивнай комитеттар тэриллэллэригэр бэйэлэрин болҕомтолорун ууруохтаахтар, байыаннай үөрэххэ үөрэтэр учууталлары наймылаһыахтаахтар... Биһиги эрэнэбит, ыччаппыт туох баар кыһамтатын ууран туран, Ийэ Дойдуну көмүскүүр иһин киирсиэҕэ». Бу сурукка этиллибит «спорт мобилизацията» диэн ааттаах 16-ттан үөһэ саастаах ыччаты бэлэмниир үөрэх, байыаннай-спортивнай кэмитиэттэр көрүүлэригэр бэрилиэхтээх этэ. Байыаннай үөрэх, «Главнонаблюдающий за физическим развитием народонаселения Российской империи» диэн ааттаах чүнүөбүньүк оҥорбут бырагыраамматынан ыытыллыахтаах этэ. Үөрэҕи бүтэрбит оҕолор экзамены ааспыттарын кэннэ, дастабырыанньа ылыахтаахтар эбит. Ол дастабырыанньаҕа үөрэнээччи харбыырга, хайыһардыырга, бинтиэпкэнэн ытарга, бэлэһэпиэтинэн, атынан, массыынанан итиэннэ мотоцикылынан айанныырга көҥүлэ баар буолуохтаах эбит. Экзамены этэҥҥэ ааспыт үөрэнээччилэр харчынан 20, эбэтэр инструкторынан үлэлии бардахтарына – 50 солкуобайга тиийэ ылыахтаахтар эбит. Хомойуох иһин, биһиги докумуоннарбыт көрдөрөллөрүнэн, спорт мобилизациятын балаһыанньаларын норуот училищаларын инспиэктэрэ толорботох. Инньэ гынан, 1915, 1916, 1917 сылларга биһиги эбэлэрбит-эһэлэрбит спордынан дьарыктаммакка хаалбыттар. Аны туран, хомуньуус былааһа кэлтин кэннэ оҕо спордун сайдыыта хайдах быһыылаахтык барбытын көрүөҕүҥ. Саха Сиригэр, оҕолор ыккардыларыгар физическай култуураны сайыннарыы үлэтин саҕалаабыттарын туһунан докумуоннар Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун пуондатыгар сөҥө сыталлар. Сэбиэскэй кэм кэлбитин кэннэ, дьон-аймах чөл олоххо олорорун туһугар былаастар дьаныардаах үлэни ыыппыттара. Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыытылыстыбата бэйэтин тезистэригэр эппит: «Кыах, хамсааһын, былааннаах тэрийсии уонна физкультура идеяларын политпросвет үлэһиттэрэ өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриниилэрэ эрэ наада. Оччоҕо хаалынньаҥ, ыарыһах Саха Сириттэн киһини чэгиэн-чэбдик, бигэ туруктаах, көҥүл санаалаах үлэһиттэрин, сэрииһиттэрин национальнай аармыйалара оҥоруохпут. Иннибит хоту физкультураҕа, кини соруктарыгар, сэллиги, хотону кыайарга, сахалар хаһаайыстыба, культура тутуутун үрдэтэллэригэр», диэн. Физкультура уруоктарыгар майгынныыр дьарыктары бастаан дьыссаат оҕолоругар киллэрбиттэрэ биллэр. Ол курдук, «Детский труд» диэн Дьокуускай куорат дьыссаадыгар 1923 сыллаахха икки баспытаатал дьахталлар кырачааннар группаларыгар «ритмические движения» диэн хамсаныылары оҕолорго сарсыарда 9-тан - 10-ҥҥа диэри ыыталлар эбит. 1923 сылга Саха Сирин Физкультуратын Үрдүкү Сэбиэтэ тэриллибитэ. 1927 сылга диэри Физкультура Үрдүкү Сэбиэтэ өрөспүүбүлүкэ иһинэн оҕо физическэй култууратын сайдыытын соҕотоҕун иилэ-салайа сылдьыбыта. Кэлин кини үлэтигэр Наркомпросздрав кытыыны ылбыта. Оччолорго ол оруннаах даҕаны этэ. Бүлүү эҥээригэр үлэлээбит доктор Шрейбер этэринэн, саха нациятын оҕолорун физическэй туруга, бу кэмнэргэ олус мөлтөх эбит. Оскуолаларга ыытыллыбыт медосмотрдар да ону бигэргэтэллэрэ. Физкультура Үрдүкү Сэбиэтэ 1925 сыл ахсынньы 29 күнүнээҕи мунньаҕын боротокуолугар Дьокуускай куорат оскуолаларыгар физкультура уруоктарын олохтуурга ыкса үлэ ыытар туһунан суруллубут. Элбэх дьон тыл эппититтэн, барыларынааҕар ордук Нейман диэн Физкультура Үрдүкү Сэбиэтин сэтээтэлин киһитэ эппит: «Линг диэн чинчийээччи физкультураҕа сыһыаннаах систиэмэтин өттүттэн ылан көрөр эбит буоллахха, биһиги оскуолаларбыт физкультураны үөрэтэргэ хайа да өттүнэн барсыбаттар» диэбит. Тиһэҕэр тиийэн, мунньах урааҕынан, оскуолаларга физкультураны үөрэтэр улахан суолталаах буолсу диэн быһаарбыттар, онно спортивнай инвентарынан, саалларынан хааччыйыы туһунан эппиттэр, физкультурниктары анал быраас кэтээн көрөрө наада диэбиттэр. Бу мунньах өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо физкультурата сайдарыгар олук уурбут да диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо дии саныыбыт. Физкультура Үрдүкү Сэбиэтэ Саха омугун ыччатын чөл олохтуурга улахан үлэни ыыппыта. 1924 сылаахха хайыы-үйэ 8 спортивнай куруһуок үлэлиир буолта. Ити куруоһуоктартан үһэ Совпаршколаҕа, Медтехникумҥа уонна Дьокуускай 2-с ступеньнаах оскуолатыгар, биир куруһуок «Саха Омук» уопсастыба иһинэн, биир национальнай ротаҕа уонна өссө үс партийно-профессиональнай кулууп иһинэн бааллар этэ. Бу кэмҥэ, өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы футбольнай хамаанда тэриллибитэ, Дьокуускай куорат 2-с ступеннаах оскуолатыгар оҕолору хайыһарынан хааччыйан үлэни күүскэ ыыппыттара. 1925 сыл ахсынньы 29 күнүгэр, саҥа тэриллибит Физкультура Үрдүкү Кэмитиэтин мунньаҕар, этиллибит: «Оскуолаларга физкультураннан дьарыктааһыны сөптөөҕүнэн ааҕарга. Дьарыктааһыны тупсарарга туох баарсуох миэрэни ыларга. Чаһыытын сарсыардааҥы кэмҥэ көһөрөргө. Физкультуранан дьарыктааһыны оскуола аллаараа эрэ этээһигэр ыытарга, оһохтор уонна дьиэ өһүөлэрэ дьаадьаҥнаабаттарын туһугар. Анал быраас наймылаһарга харчы буларга. Гигиена уонна санитарнай нуормалары тутуһарга физкультурнай хамаандалары бэйэлэрин үлэлэтэргэ», диэн эппиттэр. Онон, оҕолору оскуолаҕа эт-сиин өттүнэн эрчийэргэ бастакы олук ууруллубут. Физкультура Үрдүкү Сэбиэтин иннигэр ыччаты физкультураҕа үөрэтии соруктарын туруорбуттарыттан ылан көрдөххө элбэх араас ыарахан ыйытыктарга быһаарыыны ылыныахтаах эбиттэр. Ол курдук, Педтехникум уонна Бүлүү 2-с ступеннаах оскуолатын үөрэнээччилэригэр физкультураны эбэһээтинэй предмет быһыытынан киллэрэргэ, тыа сирин 1-кы ступеннаах оскуолаларыгар физкультураны судургу соҕус варианын киллэрэргэ, спортклубтары олохтуурга, спорду сахатытарга улахан болҕомтону уурарга, сахалар спортивнай оонньууларын сөргүтэргэ, кинилэр оҕоҕо педагогическай уонна физиологическай дьайыыларын үөрэтэргэ уонна олоххо киллэрэргэ, ыһыахтарга сахалыы оонньуулары киллэрэргэ, оскуолалары спортинвентарынан хааччыйарга игин диэн эппиттэр. Былаас дэриэбинэ оҕолорун физкультураҕа иитэргэ улахан болҕлмтону уурбута. Дэриэбинэҕэ физкультура бырааһынньыктарын 1929 сылга ыытар туһунан методическай сурукка, маннык диэн суруллубут: «Физкультура – маассалары политика, култуура өттүнэн иитэргэ уонна общественнополитическай тэрилтэлэр тула түмсүүгэ үөрэтэргэ олус наадалаах өрүтүнэн буолар. Физкультура – ыччат байыаннай бэлэмнэниитигэр туһалаах. Төһө да, физкультураҕа сыһыарар үлэ дэриэбинэҕэ 6-7 сыл нөҥүө өттүгэр саҕаламмытын иһин, биһиги күн-бүгүнүгэр диэри улахан ситиһиилэрэ суох олоробут. Саамай чугас кэмҥэ, физкультура дэриэбинэҕэ олохсуйарыгар туох баар сырабытын ууран туран үлэлэһиэхтээхпит. Онно биһи нэһилиэнньэ араас араҥатын сыһыарыахтаахпыт. Бүтэһик сыллар көрдөрөллөрүнэн, ити соруктарбыт олоххо киирэллэригэр физкультураҕа сыһыаннаах бырааһынньыктар, араас күрэхтэһиилэр бэркэ диэн туһалыыллар. Физическэй Култуура Үрдүкү Сэбиэтэ итинник бырааһынньыккүрэхтэһиилэри 1929 сылга оройуоннарга уонна округтар үрдүлэринэн ыытары сөптөөх диир... Бырааһынньыктар, тыа дьоно сир үлэтиттэн саамай босхоломмут кэмнэригэр оҥоһуллуохтаахтар», диэбиттэр.
Ааптар: Кэрээкин Бүөтүр Уйбаанабыс СӨ Национальнай архыыбын докумуоннары туһаныыга начальнига
Источнига: http://archivesakha.ru/wp-content/uploads/2019/01/Дети-спорт.pdf
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |