Саха Сирин бырааһынньыктара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саха Сирин бырааһынньыктара — Саха Сиригэр официальнайдык тургутуллубут өрөбүл күннэр, бэлиэ күннэр уонна национальнай бырааһынньыктар. Бырааһынньыктар Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонунан олохтоноллор.

Өрөбүллээх бырааһынньык күннэрэ

Күнэ Аата Хос быһаарыы
муус устар 27 Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ
бэс ыйын 21 Ыһыах

Бэлиэ күннэр

Күнэ Аата Хос быһаарыы
олунньу 13 Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ. СӨ бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев N 1294 Ыйааҕынан 1996 сыл олунньу 9 к. олохтоммута. Саха бастакы анал үөрэхтээх лингибииһэ Сэмэн Ноҕоруодап төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр.
Кулун тутар 5 Норуот маастарын күнэ СӨ бэрэсидьиэнин N 1227 Ыйааҕынан 2012 сыл олунньу 21 к. өрөспүүбүлүкэ омуктарын үгэс буолбут дьарыктарын өйүүргэ анаан олохтоммута.
Кулун тутар бастакы субуотата Табаһыт күнэ СӨ Ил Дарханын N 200 Ыйааҕынан 2020 сыл атырдьах ыйын 9 к. олохтоммута.
Кулун тутар 19 Аартыка күнэ СӨ Ил Дарханын N 200 Ыйааҕынан 2014 сыл ахсынньы 11 к. Саха сирин хотугу улуустарын өйүүр соруктаах олохтоммута.
Кулун тутар 23 Быраабы билии күнэ СӨ бэрэсидьиэнин N 284 Ыйааҕынан 2010 сыл алтынньы 5 к. олохтоммута
Муус устар бастакы субуотата (6—13) Булчут күнэ СӨ бэрэсидьиэнин N 1224 Ыйааҕынан 2012 сыл олунньу 17 к. олохтоммута
Муус устар бастакы баскыһыанньата (1—7) Аҕа күнэ СӨ бэрэсидьиэнин N 685 Ыйааҕынан 1999 сыл олунньу 15 к. олохтоммута
Муус устар иккис баскыһыанньата Уол оҕо күнэ СӨ Ил Дарханын Егор Борисов 2017 сыл олунньу 6 күнүгэр тахсыбыт ыйааҕынан бэлиэтэнэр.
Ыам ыйын 21 Ырыа күнэ Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сыл ыам ыйын 20 к. №2456 уурааҕынан бэлиэтэнэр
Ыам ыйын 22 Сайылык күнэ Ил Дархан Айсен Николаев 2018 сыл сэтинньи 6 к. уурааҕынан бэлиэтэнэр
Ыам ыйын 25 Оһуохай күнэ Ил Дархан 2023 сыл балаҕан ыйын 7 к. №2968 уурааҕынан бэлиэтэнэр
От ыйын 1 Саха бэчээтин күнэ СӨ Ил Дарханын N 1007 Ыйааҕынан 2020 сыл олунньу 13 к. олохтоммута
От ыйын 1 Сэрии бэтэрээннэрин күнэ Ил Дархан 2021 сыл ахсынньы 9 к. №2179 уурааҕынан бэлиэтэнэр
От ыйын 2 Өлүөнэ өрүс күнэ 2013 сыллаахтан бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын иккис баскыһыанньата (8—14) Дьокуускай куорат күнэ
Балаҕан ыйын төрдүс баскыһыанньата Урбаанньыт күнэ СӨ Президенын №1626 Ыйааҕынан 2001 сыл атырдьах ыйын 9 к. олохтоммута.
Алтынньы үһүс баскыһыанньата Ийэ күнэ СӨ Президенын №532 Ыйааҕынан 1993 сыл балаҕан ыйын 2 к. олохтоммута.
Алтынньы 23 Ювелирнай уонна алмааhы кырыылыыр бырамыысыланнас үлэhитин күнэ. СӨ Президенын №1905 Ыйааҕынан 2010 сыл муус устар 26 к. олохтоммута.
Сэтинньи 25 Олоҥхо күнэ СӨ Президенын 2006 сыл сэтинньи 15 к. №3036 уурааҕынан бэлиэтэнэр
Сэтинньи 27 Идэлээх сойуустар үлэһиттэрин күнэ. СӨ Президенын №626 Ыйааҕынан 2011 сыл муус устар 27 к. олохтоммута.
Сэтинньи 30 Хомус күнэ СӨ Президенын №769 Ыйааҕынан 2011 сыл бэс ыйын 27 к. олохтоммута.
Ахсынньы 5 Оҕо хамсааһынын күнэ СӨ Президенын №2526 Ыйааҕынан 2014 сыл кулун тутар 6 к. олохтоммута.
Ахсынньы 13 Сахалыы аат күнэ