Саха Республикатын народнай артыыската Анастасия Варламова
Анастасия Николаевна Варламова кулун тутар 23 күнүгэр 1948 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас Баатара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Анастасия Николаевна бэйэтэ этэринии, үс үрэх тардыытыгар, улахан буор хайалар, мырааннар быыстарыгар үөскээбитэ.
Саҥардыы тыллан эрдэҕинэ эбэтэ, ийэтэ, үөрэхтээх оҥороору, Муустаах муора модьоҕотуга, ыраах Аллайыахаҕа үлэҕэ аннаммыт таайыгар кыракый Настааны биэрэн ыыппыттара. Ол үһүк дойдуга дьон ыккардыгар сыһыан, үөрэх, оскуола олоҕо быһыйар үгүс өттө нууччалыы быһыыга-майгыга барар. Онтон, үс сыл буолан баран, төрөөбүт Баатаратыгар төннүүтүгэр чобуо Настаа сахалыы билбэт, үксүн нууччалыы эрэ саҥарар буолан кэлбитэ. Баатара 8 оскуолатыгар саха сахатыгар төннөр, эрэйдээх, элбэх харах уулаах, суругу кыайбат, ааҕыыга доҕолоҥнуур үөрэҕэ саҕаламмыта. Бэдьимэҕэ ахсыс кылааһы бүтэрэн, онуһу Хорообукка 1966 сыллаахха, салгыы Дьокусскай 1 №-дээх педучилищетын 1969 сыллаахха бүтэрэн дойдутугар эргиллибитэ.
Бэдьимэҕэ үлэлиир сылларыгар Анастасия Николаевна чулуу пионер баһаатай буолбута. Кини пионердара үөрэхтэригэр үчүгэй ситиһиилэнэн, туристическай слекка бастаан оройуон, республика үрдүнэн аатырбыттара. Оттон пионер баһаатай А.Н.Варламова Саха сирин пионерскай тэрилтэтин историятыгар бастакынан ССРС Правительствотын үрдүкү сэдэх наҕараадатын "Үлэҕэ килбиэнин иһин" мэтээлин туппута.
1975 сыллаахха учууталлыырын тэҥэ Герой Попов аатынан совхоз комсомольскай тэрилтэтин секретарынан, кэлин парт-кабинет сэбиэдиссэйинэн улэлээбитэ. Үөрэххэ баҕата баһыйан, 1981 сыллаахха Сахагосуниверситетыгар кэтэхтэн үөрэнэн, историк идэтин ылбыта.
1975 сылтан Мэҥэ-Хаҥаласка тэрийэр үлэҕэ үлэлиир сылларыгар А.Н.Варламова Саха комсомолун историятыгар биир чаҕылхай страницаны арыйсыбыта. Ол курдук кини айар үлэһит быһыытынан тус бэйэтэ герой Попов аатынан совхоз биир ыччат-комсомольскай ферматын кытта шефтэһэн, үлэһит ыччат культурнай олоҕор улахан сэргэхсийиини таһаарбыта уонна республика үрдүнэн бачыымм көтөхпүтэ.
1979 сыллаахха Майаҕа "Кыталык" ыччат үҥкүү народнай ансаамбыла тэриллэн, аан дойду үрдүнэн өрө күөрэйэн тахсыытыгар Анастасия Николаевна үтүөтүн күн бүгүҥҥэ диэри махтанан ахталлар.
80-с сылларга Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун биир даҕаны культурнай тэрээһинэ мелодист-ырыаһыт Анастасия варламовата суох ааспат этэ - культура эстафетата, ыаллыы көмүстээх алдан улууһун кытта "Сиэрпэ уонна Өтүйэ" бырааһынньыга, хаһыат күннэрэ, араас таһымнаах фестиваллар, уус-уран самодеятельность көрүүлэрэ.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһун социальнай-экономическай, общественнай, культурнай олоҕор А.Н.Варламова курдук улуус сэдэх ыччаттара бэйэлэрин сэмэй кылааттарын биллэрбиттэрэ мэлдьэх буолбатах.
Кырдьык, А.Н.Варламова - ырыа куттаах Мэҥэ-Хаҥалас киэн туттуута, кини улуус бочуоттаах гражданина.
Анастасия Валамова 1989 сыллаахха Дьокуускайга көһөн киирэн, Норуот айымньытын научнай-методическай киинигэр "Кыраһа" литературнай-музыкальнай түмсүүгэ кыттан, үгүс оройуоннарга гастролларга, көрсүһүүлэргэ барсара.
Ити сыллагра Анастасия Николаевна Саха сирин мелодистарын айар ассоциациятын тэрийсибитэ. Ассоциация ыытар араас хабааннаах үлэтигэр көхтөөхтүк кыттыбыта.
1991-2000 сс. Анастасия Варламова культура уонна искусство колледжын преподавателэ. Кини колледжка "История России", "История религии", "Основы философии" курдук уустук предметтэри үөрэппитэ. Айар үлэтин кистэлэҥнэригэр студеннары уһуйан, оҕолор уонна коллегаларын тапталларын уонна махталларын ылыан ылбыта.
2000-2001 сс. Анастасия Николаевна саха ырыатын инники кэскилин туһугар дууһалыын ыалдьан, тус бэйэтэ сүүрэн-көтөн, онуоха дьоҥҥо-сэргэҕэ авторитета улаханнык көмөлөһөн, туох баар айар, тэрийэр уопутун туһанан, үөһэ былаастар өйөөн, өр сыллаах баҕа санаата олоххо киирбитэ - СР ырыа айааччыларын союһа - мелодистар союзтара тэриллибитэ. Анастасия Николаевна союз бастакы председателинэн талыллыбыта. Салайааччы быһыытынан саҕалаан эрэр ырыа айааччыларга сүбэ-ама биэрбитэ, өйөбүл буолбута үгүс. Улуустарга тахсыталаабыта. Кини ыччаты олус сөбүлүүрэ, киниэхэ эрэнэрэ. "Ыччат буоллаҕа дии - норуот кэскилэ, норуот сарсыҥҥыта. Ыччакка олус болҕомтолоохтук, чараастык сыһыаннаһыахтаахпыт", - диирэ.
Саха улуу ырыаһыттарын үйэтитэн, "Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ" теелвизионнай циклга Екатерина Захарова, Илья Перевалов, Валерий Ноев айар үлэлэрин сырдаппыта. Кыайыы 60 сылыгар анаан "Ырыаһыт-фронтовиктар" телевидениенэн биэриини оҥорбута.
Анастасия Николаевна Үөрэх министерствотын кытта "Биһик ырыата" диэн ырыаһыт оҕолор конкурстарын көҕүлээбитэ, ол күрэс түмүгүнэн икки хомуурунньугу таһаартарбыта.
Кини биир улахан үтүөтүнэн Санкт-Петербург Саха Республикатын радиофондатыттан ылан "Умнуллубат куоластар" диэн үс компакт диискэни бэлмнээһинэ буолар.
Анастасия Варламова "Төннө туруом алааспар" (1992), "Мин дьолум - ырыа" (1998), "Эдьиий Марыына" (2000), "Ырыа туһунан санаалар" (2005) кинигэлэр автордара. К.Д.Уткин "Кэс тыл", "Кымыс иһиитин сиэрэ-туома" кинигэлэрин сахалыыттан нууччалыы тылбаастаабыта.
2000-2005 сс. "Ырыа кутаата" телевизионнай циклы поэт Н.урсуннуун эфиргэ бэлэмнээн таһаарбыта.
Анал музыкальнай үөрэҕэ суох да буоллар, А.Варламова бастакы ырыаларын бэйэтин тылыгар 1972 сыллаахтан айан барбыта.
Уопсайа 70-ча үрдүк гражданскай, патриотическай дуорааннаах Ийэ дойду, төрөөбүт норуотун дьылҕатын туһунан чиэһинэй ырыаларын хайа да саха киһитэ долгуйбакка эрэ истибэт - оччо кинилэр ураты тыыннаахтар(энергетикалаахтар).
ХХ үйэ бастыҥ ырыата буолбут "Аҕам алааһа" уостан түспэт күндү айымньы. Бу ырыа хас биирдии саха киһитигэр кини төрөөбүт төгүрүк алааһын, көлүччэ күөлүн, таптыыр хатыҥын, ийэ-аҕа тапталынан угуттаммыт дьоллоох оҕо сааһын санатар, ол иһин итини бар дьон юэйэтигэр, киниэхэ эрэ анаммыт курдук сүрэҕинэн-быарынан чугастык ылынар.
Республика культуратын сайдыытыгар үтүөлэрин, ырыа искусствотыгар киллэрбит тус кылаатын уонна үгүс сыллаах айымньылаах үлэтин иһин Саха Республикатын Президенэ В.А.Штыров Ыйааҕынан Анастасия Варламоваҕа "Саха Республикатын народнай артыыһа" үрдүк аат иҥэриллибитэ уонна туттарыллыбыта.
Туһаныллыбыт литература: "Саха алааһын иэйэхситэ" Кинигэни хомуйан оҥордулар: Ф.С.Тумусов, э.н.д., профессор, Ил Түмэн депутата, бырайыак автора З.Е.Тумусова, суруналыыстар Л.Д.Ноговицына, Е.Н.Баишева. Дьокуускай, 2007 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |