Сахачаан (Захаров Петр Петрович)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тохсус кылааһы бүтэрдэҕим сайын бииргэ үөрэнэр уолбунаан Петя Захаровтыын мас эрбээн харчы өлөрөргө сананныбыт. Кини хамандыыр, мин саллаат курдукпун. Төһө өйүөнү ылыахтаахпытын, хас саһааны эрбэттэхпитинэ тоһоҕо туруохтааҕын, үлэлиэхтээх дэлээнэбитигэр хайдах олоруохтаахпытын, тугунан айаннаан тиийиэхтээхпитин, о.д.а. боппуруостары барытын кини быһаарар – ааҕан-суоттаан бүтэрбит буолар. Төрүкү математикаҕа үчүгэй буолан олох мөккүһүннэрбэт. Арай мин өйдөбүлбэр биир ыйынан харчы бөҕөнү хоторуох курдукпут. Онон дьоммуттан харчы көрдөөн ылан үгүөрү соҕус өйүөнү атыыластыбыт.

Үлэлиир сирбит хата Бороҕонтон ырааҕа суох Тандалыыр айан суолун кытыытыгар буолбутуттан үөрдүм. Балаакканан түһэн сытабыт. Үһүөбүт – Петя аҕата Сахачаан баар.

Сахачаан күүстээҕин дьоҥҥо-сэргэҕэ маҥнай көрдөрүүтэ 1936 с. Чараҥ ыһыаҕар буолбутун туһунан урут элбэхтик суруллан турар. Ити ыһыах сүрүн уратытынан П.А. Ойуунускай дьарапалаанынан көтөн кэлэн уоттаах-төлөннөөх тыллары эппитэ буолбут. Үрдүк күүрүүлээх ыһыах тэриллэн ыраахтан-чугастан оччотооҕу күүстээхтэр-быһыйдар ыҥырыллан кэлэн күөн көрсүбүттэр, күрэх былдьаспыттар.

Ыһыах иккис уратытынан ыараханы көтөҕүү буолбут. Аналлаах халыыпка кутуллубут сибиниэс буруустары бэлэмнээбиттэр. 4 бурууһу үрүт-үрдүлэригэр ууран баран кирис өтүүнэн хамсаабат гына ыбылы кэлгийбиттэр. Төбөлөрүн диэки кылгас быанан тутаах оҥортообуттар.

Күрэхтэһии саҕаламмыт. Күүстээх Наһаарап Јспөхтөн, Бөҕө Сутурук Саһылыкаантан, о.д.а. күүстээхтэр киирбиттэр. Ким эрэ салгын киллэрбит, ким эрэ тутум өйдөппүт. Күүстээх Наһаарап кыайбытын биллэрээри турдахтарына эдэр уол Сахачаан киирэн тобугар диэри тардан таһаарбыт! Көрбүт эрэ дьон сөҕөн-махтайан суугунаһа түспүттэр. «Үчүгэй ыччаттаах эбиппит ээ» дэһэн үөрүү-көтүү, киэн туттуу саҕаламмыт.

Ол туһунан Сахачаан бэйэтэ бу курдук кэпсээбитэ: «Биэтэҥнэтэн албаһаабытым. Бастаан уҥа өттүн көтөҕөн баран төттөрү түһэрбитим. Онтон хаҥас өттүн өндөтөн баран уҥатын өрө тардан таһаарбытым. Оччоҕуна кыайтарар. Биирдиитэ 4 буут 15-тии муунталаах буруустар этилэр. Тутаахтарын бэрткэ баайбыттар этэ» - диэн.

Биир бэйэм итинник ыараханы көтөҕүүгэ Сахачаан тугу албаһаан барыһырыан сөбүн баччааҥҥа диэри кыайан быһаарбакка сылдьабын.

Сахачаан холуочуйдаҕына «оҕолор, маны аһан кулуҥ эрэ» - дии-дии арыгылаах бытыылка моонньун икки тарбаҕар кыбыта сылдьар буолааччы. 60-с сыллар ортолоругар кутуллубут водка бытыылкалара оруобуна лимонад бытыылкаларын курдук этилэр, хараҥа от күөҕэ өҥнөөх кылгас моойдоохторо. Сахачаан оннук бытыылка моонньун сөмүйэтин уонна ортоку тарбаҕын икки ардыгар олуйан тосту тутар идэлээҕин көрбүт дьоннор элбэхтэр – ол аата бүөтүн таарыйбакка «аһар» эбит. «Бу тарбахтар туттахтарына тугу ыытыахтарай, боробулуоха буоллахтара дии, һэ-һэ» дии-дии түөрт кырыылаах бэгэччэгин имэринэр буолара.

Сахачаан тарбахтара кылгас уонна модьу этилэр. Дьээбэлэннэҕэ буолан эрбэҕин ытыһыгар сыһыары тутан баран түөрт тарбахтарын сөбүгэр саратан дорооболоһооччу. Бука, боруобалаһар киһини көрдүүрэ эбитэ буолуо. Бороҕон дьоно эрэ буолуо дуо, кинини билэр дьон барыта салланнар, суолтатыгар тарбахтарын таарыйарбыт. Бэйэлэрин билиммит, оту-маһы тардан көрөр эр бэртэрэ хорсуннарын киллэрэн икки тарбаҕын үрдүгэр түһэн хам сыһыарбаттарын туһунан элбэхтик истибитим, олох «мас курдук» дииллэрэ.

Сахачаан эдэригэр от-мас үлэтигэр тэҥнээҕэ суох кыайыылаах үлэһит эбитэ үһү. От охсуутугар биир ый устата күҥҥэ ортотунан 1,5 гааны охсубутун туһунан урут суруйан тураллар.

Мүрү орто оскуолатын икки этээстээх мас дьиэтин оттук маһын соҕотоҕун хайытара дииллэрэ. Ону сааскы каникулга оҕолор саһааннаан ситэ бүтэрбэт үһүлэр.

Алааһы бүтэйдээһиҥҥэ төттөрү-таары хаамарын аҕыйатаары биир сиэрдийэҕэ тиһэн уонтан тахса баҕаналары сүгэн киллэртиирин көрбүттэр.

Үйэтин үгүс өртүн мас кэрдиитигэр анаабыт киһи. Күҥҥэ 30 саһааны туруорара дииллэрэ. Тиити тииккэ ыйаан баран сылбах курдук охторор идэлээҕэ үһү. Биһиги бииргэ үлэлиирбитигэр маһа сэдэх этэ. Ол да буоллар 3-4 тиити биирдэ охтороро.

Арай биир күн бултуохпутун баҕардыбыт. Соҕотох куобах баар. Үс ботуруоннаах саалаахпыт. Оҕонньор биһиги үүрдүбүт, Петя тоһуйар. Биирдэ саа тыаһаата. Кэлбиппит – киһибит сыыһан кэбиспит. Куобахпыт ыраах оол курдук сылдьар. Петябыт үөмэн тиийэн хаста эмэтэ ытан көрдө да саата эстибэт. Төннөн кэллэ. Сүбэлэстибит. Маарыын үүрэн иһэн көрдөхпүтүнэ куобах ороҕо баара. Онно Сахачаан тоһуйуох буолла.

Куобах ойуурга киирбит сирин көрбүппүт. Онон Петя биһиги ырааҕынан эргийэн үүрэ бардыбыт. Табылыннаҕына, куобахпыт бу орох устун кэлиэхтээх. Оҕонньорбут куобах билбэтин диэн көхсүнэн таҥнары туруох буолла.

Чугаһаабыппытыгар Сахачаан куобаҕын атаҕыттан таҥнары ыйаан турар. Биһиги үөрүү бөҕөтө. Оҕонньорбут буруйдаах курдук туттан «бу» диэн баран куобах төбөтүн туттаран көрдөрдө – онтукабыт баара куобахпыт төбөтүн уҥуоҕа хап-хачыгырас гына хааһы буолбут.

Сахачаан олох хамсаабакка туран атаҕын икки ардынан сүүрэн иһэр куобаҕы икки ытыһынан ибили охсон кэбиспит этэ.

«Дружбабыт» алдьанан маһы кыайан эрбээбэтэхпит. Оҥорор киһибит Петя. Мин техникаҕа сыһыана суоҕум мэһэйдээбитэ. Бириэмэбит бүтэн төннүбүппүт. Аһылыкпытын эрэ толуйдахпыт буолуо.

Ол эрээри онтон хомойбоппун. Чэппиэр күүстээх, ураты холку, үлэһит бэрдэ киһини кытта алтыһан ааспыттаахпын.

Бука, куобаҕы илиинэн бултааһын ханна эмэ баара дуу, суоҕа дуу? 1965 сыл сайыныгар Уус-Алдаҥҥа итинник түбэлтэ буолан турар.

С.И. Черноградскай