Сахалыы эт-хаан сайдыытын култуурата
Научнай чинчийии түмугүнэн саха сирин оҕото, эдэр ыччата, күүс-уох, эт-хаан өттүнэн соҕуруу дойду оҕотунааҕар хаалан иһэр, бытааннык сайдара бэлиэтэнэр. Бу биһиги, сахалар, хоту дойдуга олорорбут быһыытынан, айылҕабыт усулуобуйатыттан тутулуктаах.
Оскуола оҕотун, эдэр ыччатын эт-хаан сайдыытыгар иитии сыала-соруга диэн оҕо чэгиэн-чэбдик, доруобай, чөл олохтоох, эргиччи сайдыылаах буола үүнэрин ситиһии буолар.
Соруктара: 1. Оҕону кыра сааһыттан спорт национальнай көрүҥнэригэр дьарыктааһын. 2. Сахалыы оонньуулары, хамсааһыннары киллэрии. 3. Оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ үөрэтии (от үлэтигэр, балыктааһын, бултааһын, сир-астааһын).
Хамсаныы, дьарык, эрчиллии ханнык баҕарар норуот былыргы олоҕуттан-дьаһаҕыттан, үлэтиттэн, идэтиттэн сиэттэрэн үөскүүр. Саха киһитэ сүрдээх тыйыс усулуобуйаҕа олорон, бултаан аһылык булунаары элбэхтик хаамара, сүүрэрэ-көтөрө, буһара-хатара, сүгэрэ-көтөҕөрө. Онно сөп тубэһиннэрэн иллэҥ кэмигэр итиниэхэ маарынныыр хамсаныылары булан оонньуура, эрчиллэрэ. Хас да буолан көрүстэхтэринэ, күүс-уох, сытыы-сымса холоһуута буолара. Итинэн сиэттэрэн киирсиилээх, күөн көрсүүлээх оонньуулар, хамсаныылар сыыйа баар буолбуттара. Дьахтар оччотооҕуга булка-алка соччо орооспокко, дьиэни-уоту көрөр-харайар буолан, эр дьон хамсаныыларыгар мээнэ кыттыспат эбит. Ол иһин даҕаны кыргыттарга, дьахталларга туһааннаах хамсаныы, дьарык бэрт аҕыйах, суох да кэриэтэ. Онтон кэнникинэн дьахтар да оонньуур-көрүлүүр, сүүрэр-көтөр, оннооҕор мас тардыһар, тустар буолан барбыта. Сахалыы ооньуу, дьарык арааһын Верхоянскайга 1867-1876 сс. сыылкаҕа кэлэн олорбут И.А. Худяков аан маҥнай сурукка киллэрбитэ. Кини сахалар, ламуттар оонньууларын, күрэхтэһэр хамсаныыларын бөлөххө араартаан суруйбута. Сибиир историятын суруйбут академик А.П. Окладников сахалар эт-хаан сайдарыгар аналлаах хамсаныыларын биһирээн, кинигэтигэр киллэрбитэ, булка бэлэмниир гына айыллыбыттар эбит диэн быһаарбыта. Биллэрин курдук, олоҥхоҕо эрчиллии, күөн көрсүһүү, тустуу албастарын эҥин дьикти кэрэтик хоһуйаллар. Олоҥхо 1000 кэриҥэ сыллаахха айыллыбыт курдук диэн учуонайдар сабаҕалыыллар. Оччоҕо сахалыы дьарык үөскээбитэ өссө ыраатан тахсар.
Сэһэнтэн, үһүйээнтэн биллэринэн, сахалыы курэхтэһии ыһыахха XV-XVII үйэҕэ киирбит эбит. Оччотооҕу ыһыахха атах оонньуута, хапсаҕай, мас тардыһыы, ат сүүрдүүтэ, оҕунан ытыы, ыараханы көтөҕүү, араас оонньуу, оһуохай хайаан да баар буолара.
Революция кэнниттэн 1932с. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммута уон сыла туолуутугар анаан улахан спартакиада ыытыллыбыта. Программаҕа үксэ сахалыы күрэхтэһии киирбитэ. Онтон ыла хас спартакиада, фестиваль ахсын сахалыы күрэхтэһиини тиһигин быспакка киллэрэр буолбуттара. 1934 с. аан маҥнайгынан Ф.С. Андросов “Оонньуулар тустарынан” диэн брошюрата бэчээттэмитэ. 1945 с. сахалыы спорт көрүҥнэригэр быраабыла бигэритиллибитэ. Тустууну, мас тардыһыытын ыйааһынынан көрөн араарар буолбуттара.
1957 с. сахалыы көрүҥнэргэ разряд оҥоһуллубута, ол иһигэр “Саха сирин спордун маастара” диэн бочуоттаах аат киирбитэ. 1956 с. сахалыы ыстаныы арааһын Москваҕа Россия норуоттарын спартакиадатын аһыллыытыгар көрдөрбүттэрэ, ону улаханнык биһирээбиттэрэ. 1968 с. ыла Манчаары бирииһигэр аналлаах тыа сирин спортсменнарын сахалыы көрүҥнэргэ спардакиадата ыытыллар. 1970 с. сахалыы ыстаныы Бүтүн Россиятааҕы классификацияҕа киирэн, “Россия спортдун маастара” диэн бочуоттаах ааты бигэргэппиттэрэ. 1962 сылтан саҕалаан Сибиир уонна Дальнай Восток национальнай көрүҥҥэ спартакиадата ыытыллар. Онно Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата хаста да бастаан турар.
Сахалыы хамсаныыны, оонньууну, көрү-нары, спорт көрүҥнэрин тоҕо, туох сыалтан сайыннарар нааданый? 1. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сувернитет ылбытынан сибээстээн, оскуолаҕа национальнай концепция киирэрин учуоттаан, киһини эт-хаан өттүнэн иитии үйэттэн үйэҕэ бэриллибит национальнай хайысхалаах буолара ирдэнэр. 2. Сахалыы хамсаныыны, оонньуунан, сахалыы спорт көрүҥүнэн дьарыктанар киһи элбэх спортивнай малга-салга наадыйбат, бу оонньуулары толорор техника боростуой, ким баҕарар түргэнник ылынар, сатыыр кыахтаах. 3. Үгүс оонньуу куоталаһар, күөн көрсөр ис хоһоонноох буолан киһини олус сэргэхситэр, тардар. 4. Сахалыы көрүҥ спорт атын көрүҥэр бэлэмнэнэргэ көмөлөһөр да буолан, анал хамсаныы да быһыытынан олус наадалаах. 5. Атын омук дьоно сахалыы хамсаныылары, оонньуулары, спорт көрүҥүн сөбүлээн, норуоттар икки ардынааҕы сыһыан тупсар.
Бу үлэ оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ туһуланнаҕына уонна олоххо бириэмэтигэр киирдэҕинэ,чөл олохтоох, доруобай, спорт кэккэ көрүҥнэригэр ситиһиилээх, олоххо миэстэтин булунар киһи иитиллэн тахсыаҕа.
Туһаныллыбыт литература 1. Кочнев В.П. Национальные виды спорта Якутии. Якутскай 1980 с. 2. Федоров А.С. Өбүгэлэрбит оонньуулара. Якутскай 1991 с. 3. Шамаев Н.К. Эдэр ыччаты эт-хаан сайдыытыгар сахалыы ньымаларынан иитии. Якутскай 1994 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
- Спорт
- Спорт устуйоруйата
- Сахалыы спорт көрүҥнэрэ
- УРУБИИКИ:Категорията суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Ойуута суох ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Тылбаастаныахтаах ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Итэҕэтиилээх источниктара ыйыллыбатах ыстатыйалар
- УРУБИИКИ:Наһаа кылгас ыстатыйалар
- Тыл сөпкө суруллуута, сыыһалара тургутуллуохтаах ыстатыйалар