Сахалыы оонньуулар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыстаҥа

Сүүрэн кэлэн икки атахха олбу - солбу уон төгүл түһүөлээн баран, уон биириһигэр икки атахха тэһһэ түһүллэр. Сүүрүүтэ кылыы сүүрүүтүн курдук. тирэнэр атах уллуҥаҕар малтаччы соҕус үктэниллэр. Тирэнэн баран, өттүгү хамсатан, босхо атаҕы инники күүскэ быраҕыллар.

Киһи иннин диэки төҥкөччү соҕус туттан, киэҥник атыллаан ойор. Үрдүк кылаастаах спортсмен икки илиитин тэҥҥэ дайбанар, оттон саҥа саҕалаан эрэр оҕо олбу-солбу дайбаныан сөп. Үгүс киһи наһаа үөһэ эбэтэр сүүрэн эрэр курдук намыһахтык ойор, сототун олус инники быраҕар, атаҕынан тэҥэ суохтук анньынар буолар, ол сыыһа.

Кылыы

Кылыы - сүүрэн кэлэн аҥар атаҕынан уон төгүл ойон баран, уон биириһигэр икки атахха тэҥҥэ түһүллэр. Маҥнайгы сүүрүү 20-30 м уһун буолуон сөп. Тирэнэр атах уллуҥаҕар бүтүннүүтүгэр үктэниллэр, босхо атах тобуга токуйан, биэтэҥнээн - такыҥнаан, ойору күүһүрдэр.

Хайдах эрэ табыйар курдук буолан баран, чэпчэкитик дэгийэн тирэниллэр. Илиини атахха сөп түбэһиннэрэн кэнниттэн инники диэки дайбаныллар. Үчүгэйдик, сатаан кылыйарга туох ханнык иннинэ атах, илии былчыҥа хамсыыра, салгыҥҥа көтүү, тыыныы - барыта сөпкө дьүөрэлэһэрэ наада. Саҥа саҕалаан эрэр кылыыһыт маҥнай наһаа түһүнэн, сүһүөҕэ уйбат буолааччы эбэтэр сүүрэн эрэр курдук намыһахтык баран бүдүрүйэн хаалар. Наһаа үөһээ күөрэйэн кылыйар эмиэ соччото суох.

Маамыкта быраҕыы

Уһук хоту сир уонна Саха сирин соҕуруулуу - илиҥ өттүн аҕыйах ахсааннаах норуоттарыгар киэҥник тарҕаммыт көрүҥ. 15 м ыраахха 1,5 үрдүк остуолбаҕа таба муостаах макет саайыллар.

Үөрэнээччи биир сиргэ туран эрэн эбэтэр сүүрэн кэлэн быаны иилэ быраҕыахтаах. Кыттааччы үстэ холонор кыахтаах. Өскөтүн маамыкта көстөрө уустук буоллаҕына суон соҕус капрон быаны туһаныахха сөп. Быа биир төбөтө уктааланар, иккис төбөтө ону нөҥүө таһаарыллар. Маамыктаны иилистибэт гына төгүрүччү тутан түүрүллэр. Бырахтахха тас дьоҕус иитэ барыта субуруйан, маамыкта сыалга иилистэ түһүөхтээх.

Маамыктаны элбэхтик эрчиллэн таба быраҕар буолуохха сөп. Саха оҕотун мээчигинэн, маһынан таба быраҕарга кыра эрдэҕиттэн үөрэтиэххэ наада. Кэнники төбөтүгэр кыра дьаакырдаах быаны онно - манна быраҕа оонньуохтаах. Ол курдук сыыйа-баайа маамыктаны сатаан тутта үөрэнэр. Маамыктаны таба быраҕыыга конкус, күрэхтэһии тэрийэн ыытар сөптөөх.

Кыаһыланыы

Итии-куйаас кэмнэргэ ынах - сүөһү эмиийэ хатан эбэтэр кыымаайы , күлүмэн сиэн, дэлби бааһыран, кыайан ыаппат буолан хаалааччы. Ол иһин тэбиэлэммэтин, улаханнык мөхсүбэтин диэн кэлин атахтарын такымнарын үөһэ өттүнэн быанан кыаһылаан кэбиһэллэр.

Оҕолор элбэх буолан түмүстэхтэринэ «кыаһыланыы» диэн күрэхтэһии тэрийэллэр эбит. Икки бөлөххө арахсаллар. Оонньуу ыытааччы күрэхтэһээччи дьону барыларын атахтарын бэрбээкэйдэриттэн кыаһыланалларыгар этэр. Хаҥас бэрбээкэйдэрин куустаран ылан, иккитэ эрийэ тардан. уҥа атахтарын бэрбээкэйдэригэр аҕалан, сөллүбэт гына ыга баайан кэбиһэллэр. Оччоҕо атахтарын икки арда кыра арыттаах буолар.

Оонньуу ыытааччы 15 - 20 метр сиргэ күрэхтэһэр сир бэлэмниир. Икки бөлөх дьонун тус-туспа субуруччу туруортуур уонна бэлиэтэммит сири эргийэн кэлэн, урут турар икки киһи илиилэрин тэҥҥэ таарыйар. Кыаһылаах киһи, баҕар ойуоккалаан сүүрдүн, баҕар, хаамтын, ол бэйэтиттэн тутулуктаах. Оҕуннаҕына даҕаны туран сүүрүөх тустаах. Урут кэлбит бөлөх дьоно кыайаллар.

Өскөтүн сүүрэн истэҕинэ кыаһыта сөллөр күннээх буоллаҕына, көрө охсон тута бааныахтаах уонна салгыы сүүрүөхтээх. Бу оонньууну билигин кулууптарга, спортзалларга оонньотуохха сөп. Саха оонньууларыттан биир дьикти оонньуу. Кыахтаах эрээри, кыаһылаах буолуу.

Тоҕус былас суһуоҕу өрүү

Олоҥхоҕо этиллэринэн, тоҕус былас суһуохтаах Туналҕаннаах Ньуурдаах Туйаарыма Куо диэн күн бүгүнүгэр диэри уос номоҕо оҥостон, былыргы да, аныгы да ырыаларга ыллыыллар. Кыыс оҕо суһуоҕа төһөнөн уһун, намылхай да, соччонон кини өссө киэркэйэр, дууһалыын ырааһырар.

Былыргы биһиги өбүгэлэрбитбаай дьону кинилэр кыыстарын суһуоҕунан сыаналыыллара үһү. Улахан баай дьон кыыстарын баттаҕын тоҕус суһуох гына өрөллөрө. Оттон орто баай кыыһын баттаҕын сэттэ суһуох гына өрөллөр эбит. Сөбүгэр баайдаах дьон кыыстарын баттаҕын үс суһуох гына өрөллөрө дииллэр.

Оонньуу ыытааччы тоҕустуу киһилээх икки бөлөҕү тэрийэр. Бөлөхтөргө биирдиилэригэр төгүрүк иини биэрэллэр. Хас биирдии төгүрүк иигэ биир метр уһуннаахх сүүрбэ сэттэ сүмэх баттаҕы, сиэли, быаны (таҥас ыйыыр быа өрөргө ордук) сөллүбэт гына уһуктарыттан баайталаан кэбиһэллэр. Төгүрүк иилэри уунан тиийэр сиригэр биэтэҥнии турар гына ыйыыллар.

Оонньууну ыытааччы икки бөлөҕү төгүрүк иилэртэн уон метр тэйиччи субуруччу туруорар. Бөлөхтөртөн биирдии киһи сүүрэн тиийэн үс сүмэҕи кытаанах гына өрүөхтээх. Өрөн бүтэрээт, эргиллэн кэлэн, бэйэтин бөлөҕүн киһитин ытыһын тыастаахтык охсуохтаах, оччоҕо ол киһитэ суһуох өрө сүүрүөхтээх. Икки бөлөх дьоно суһуохтарын өрөн бүппүттэрин кэннэ, оонньуу ыытааччы хайа бөлөх төһө үчүгэйдик, кытаанахтык суһуохтары өрбүтүн уонна хайалара урут бүтэрэноннуларыгар турбуттарын бэлиэтиир.

Урут бүтэрбит гынан баран, суһуохтарын мөлтөхтүк өрбүт бөлөх кыайтарыылааҕынан ааҕыллар.

Суһуох өрүүтүн ханнык баҕарар саастаах дьон оонньуохтарын сөп.

Мас тардыһыы

Сахаларга ким күүстээҕин билэргэ ханна да буоллун: дьиэ иһигэр, таһырдьа, муостаҕа, хонууга, хаарга - мас тардыһаллара. Сороҕор быа эмиэ тардыһар буолаллара. Дьигиҥнэтэн тардыы, биэрбитэ буолан иһэн эмискэ төлө тардыы, маһы эрийии, туора төҥкөйүү уо.д.а. араас албас баара.

Кырдьаҕастар этэллэринэн, түөр уоҥҥа чугаһыыр албас баара эбитэ үһү. Мас тардыһыыта кэнники спорт көрүҥэ буолбутугар, соччо сөбө суох быраабыланы олохтооннор, бу киирсии көрөргө интириэһэ сүтэн хаалбыта.

Билигин сорох албас көҥүллэнэн, тирэнэр маска атаҕы араастык сыҕарыҥнатар буоланнар, мас тардыһыы наһаа кэрэхсэнэр күрэхтэһии буолла. Мас тардыһааччы урут кылгас, босхо хаптаһыҥҥа тирэнэн олорон, утарылаһааччытын сороҕор өрө тэбэн кэбиһэр этэ. Аныгы быраабыланан атах хамсыыра көҥүллэнэн, былчыҥы сөптөөх кэмҥэ сатаан күүрдэр, булугас, түргэн өйдөөх, олус сэргэх киһи кыайар буолан эрэр. Ардыгар алҕас хотторуу эмиэ баар. Ол аата бу спортка сөптөөх бэлэмнэнии наада. Тура күүһү быһаарсарга, кэпсэтии быһыытынан билигин да араас албаһы туттубакка тардыһыы эмиэ көҥллэниэх тустаах.

Тардыһыы ыытыллар сирэ 4 м уһун, 2 м кэтит көнө муоста буолар. ортотугар 2 м уһуннаах, 20-25 см кэтиттээх, 3-4 см халыҥ тирэх мас туруоруллар. Тардыһар мас төгүрүк, суона 2,3-3,5 см, уһуна 50 см кээмэйдээх тиит эбэтэр хатыҥ буолар. Сэрэбиэй кэнниттэн маһы ис эбэтэр тас өттүнэн ылыллар. Төлөрүппэт гына аҥар илиини үөһээттэн, аҥар илиини алларааттан тутуллар. Судьуйа хамаандатынан утарылаһааччылар бэйэ бэйэлэрин тардан ыла сатыыллар. Маһы төлө ыыппыт киһи хотторор.

Мас тардыһыы спорт биир ыарахан көрүҥэ буолар. Икки тэҥ киһи өр баҕайы ыгыстан олороро сүрэх үлэтигэр, хаан эргииригэр, сис иҥииригэр улахан буорулаах. Холобур, ыараханы көтөҕүүгэ 20-30 сөкүүндэттэн уһуннук ыгыстар олох сатаммат диэн дакаастаммыта ыраатта. Ол иһин мас тардыһыы кыргыттарга, дьахталларга спорт көрүҥүнэн киирбэт.Саастаах эр дьону да мас тардыһыннарар табыллыбат. Эдэр да дьон тоҥ иҥиирдэринэн тардыһаллара сыыһа. Эти - хааны үчүгэйдик ититэн, ордук сиһи имитэн баран киирсиллэр.

Мас тардыһыыга эрчиллии ньымата диэн былыр да, аны да суох. Ол гынан баран сиһэ, атаҕа күүстээх, илиитин табаҕайа, тарбаҕа сайдыбыт киһи тардыһыык буолара чахчы.

Ыарахан атлетикаҕа ити былчыҥы сайыннарар сөптөөх ньыма үөскээбитэ ыраатта. Холобур, табаҕайы, тарбах былчыҥын эрчийэргэ икки бууттаах гиирэни ыйаан баран эрийэн таһаара оонньуур тренажеры киһи бэйэтэ ханна баҕарар оҥостуон сөп.

Атах күүһүн сайыннарарга нэдиэлэҕэ иккитэ муҥутаан көтөҕөр ыйааһыҥҥыттан 80-90% штангаҕа ууран баран, биэс-алта төгүл төхтөрүйэн, иккилиитэ - үстүүтэ хатылаан, санныга сүгэ сылдьан дириҥник олоро олоро турар сөп. Бу эрчиллиини 3-4 ый оҥордоххо, атах биллэ сэниэлэнэр.

Сис күүһүн сайыннарарга ыарахан ыйааһыннаах штанганы атаҕынан, сиһинэн өрө тардыалааһын эбэтэр санныга ууран баран төҥкөйө-төҥкөйө төттөрү кэдэрийии көмөлөһөр. Эмиэ хас да ыйы быһа нэдиэлэҕэ иккилиитэ дьарыктаныахха наада. Хатылааһын, төхтүрүйүү ахсаана эмиэ били үөһээ этиллибитин курдук.

Аны былчыҥы күүрдэн, олорон эбэтэр туран эрэн ыарахан, хамсаабат эттиги тарда сатааһын( изометрическэй үлэ) улахан көдьүүстээх. Оскуола оҕото туран эрэн тардыһа, сосуһа оонньууртан, хомуур канат тардыһыыттан, хааһах хостоһууттан саҕалаан үөрэниэхтээх. Үрдүкү кылааска күрэхтэһии, конкурс тэрийэн ыытыахха син. Иккилии буолан тардыһар бэрт көхтөөх буолааччы. Тардыһыы техникатын, практикатын субу баар диэн киһи кыайан чопчу этэн үөрэппэт. Элбэх киирсии, күрэхтэһии түмүгэр халбархай, былчыҥынан, атаҕынан сатаан оонньуур буола үөрэниллэр. Хас биирдии утарылаһааччы туспалааҕын учуоттаан туттар албас наада. Дьэ ол эрээри мас тардыһыы сүрүн техниката - атаҕы эрдэ көннөрбөккө, сис күүһүн ыһыктыбакка тэбинии, сөпкө тыыныы, эмискэ түллэр түргэн күүһү туттуу, утарылаһааччы албаһын таба туһаныы.

Мас тардыһыытыгар бобуулаах албастар

1. Мас тардыһыытыгар бобуллар:

а) өттүгэстии охтуу

б) тэбилик хаптаһынтан атаҕы араарыы

в) тардыһар маһы туппут сиргиттэн илиини сыҕарытыы

г) эмискэ эмискэ дьигиҥнэтэн тардыы

д) тардыһар маһы иҥнэри тутан, тэбилик хаптаһыҥҥа эбэтэр сиргэ тирээн тардыы

е) тардыһар маһы эмискэ ыһыктан кэбиһии

ж) хамаанда бэриллиэн иннинэ тардыы

з) тардыһыы кэмигэр кэпсэтии, судьуйаны кытта мөккүһүү уо.д.а.

2. Бобуулаах албастары тутуннахха, быраабыланы кэстэххэ кыттааччыга сэрэтии бэриллэр. Иккис сэрэтии кэнниттэн күрэхтэһииттэн уһуллар.

Күлүүстэһии

Утарылаһар дьон ойоҕосторунан тураллар, аҥар атахтарын хатыйа тутан тирэнсэн баран , орто тарбахтарынан ыга ылсан тардыһаллар.

Миэстэтиттэн хамсаабыт, тарбаҕын төлө ыыппыт эбэтэр сулбу тардыбыт киһи хотторор. Атын илиинэн тардыһыахха эмиэ сөп. Бу сүнньүнэн күүһү быһаарсар киирсии буолар.

Оонньуу ыытааччы 2 м 50 см эбэтэр 3 метрдээх сир уһугар сурааһын тардар. Күрэхтэһэр дьон - икки киһи тардыллыбыт сурааһыннар истэригэр киирэн тураллар. Уҥа илиилэрин ортоку тарбахтарынан тардыһаары ыгыта тутуһан тураллар. Оонньуу ыытааччыта "Чэ!" - диирин кытта иккиэн тэҥҥэ сыыйа тардыһыахтаахтар. Тарбаҕар, илиитигэр күүстээх күрэхтэһээччи утарылаһааччытын бэйэтин кэннигэр баар сурааһыҥҥа диэри соһон аҕаллаҕына уонна ол состорон иһээччитэ сурааһыны атаҕынан таарыйдаҕына кыайыылааҕынан тахсар. Өскөтүн тардыһыы кэмигэр утарылаһааччы ортоку тарбаҕынан тардыспыта буола сылдьан көннөрөн, ыһыктан кэбистэҕинэ, ол киһи кыайтарыылааҕынан ааҕыллар. Бу оонньууну былыр күүстээх дьон оонньууллара үһү. Онтон билиҥҥи кэмҥэ спортивнай көрүҥҥэ киллэрэн хамаанданан күрэхтэһиэххэ сөп.

Оҕустар харсыһыылара

Өбүгэлэрбит кыстыктан көһөн, сайылыктарыгар киириилэрэ туспа биир кэрэ бырааһынньык буолара. Атыыр оҕус айаатааһына, оҕолор үөрбүт-көппүт аймалҕаннара, күөрэгэй ырыата, айылҕа, киһи - сүөһү үөрүүтэ - барыта биир тыын буолара.

Атыыр оҕустары харсыһыннарыы сайылык иһигэр биир дьикти түгэн этэ. Оҕустар харсыһан бүттэхтэринэ аны оҕолор харсыһа оонньууллара.

Оҕолор оҕустары үтүктэн, айаатыы-айаатыы буору ытыстарынан хаһыйан, тобуктаан сылдьан кынчыаттаһан кэлээт, төбө-төбөлөрүттэн тирэһээт, харсыспытынан бараллара. Харсыһар кэмнэригэр оонньууну ыытааччы үс метр сири мээрэйдиир уонна ортотунан сурааһын тардар. Икки харсыһар оҕолору ол сурааһын икки ардыгар туруорар, төбөлөрүн холботон баран: "Чэ!" - диэн хамаандалыыр. Харсыһааччылар эмискэ төбөҕө түһүө суохтаахтар.

Өскөтүн бастакы оҕо иккис оҕону сурааһыныттан 1 м 50 см тэйиччи үтүрүйэн илтэҕинэ, оччоҕуна иккис оҕо кыайтарбытынан ааҕыллар.

Бу оонньууну улахан да дьон оонньуохтарын сөп.

Куобах

Куобах - турар сиртэн эбэтэр чугастан сүүрэн кэлэн, икки атаҕынан тэҥҥэ тирэнэн, тохтообокко эрэ уон биирдэ ойуу. Тирэнэр кэмҥэ киһи тобуга бокуйар, икки илиитэ кэннин диэки буолар. Ойор киһи атаҕын күүскэ, түргэнник көннөрөн, илиитин иннин диэки эрчимнээхтик дайбаан саҕалыыр.

Көтүү кэмигэр атаҕы кумуччу тутуллар. Куобахтааһын икки суол көрүҥнээх: атаҕынан утары соҕус тирэнэн, дэгэйэн барыы эбэтэр батары түһүөлээн, атах күүһүнэн тирэнэн силлиргэччи ойуу. Саҥа саҕалааччы сүрүн алҕаһа диэн, илиитин сатаан хамсаппат. Хас ойуу кэнниттэн спортсмен илиитин маятник курдук хамсатан, олус түргэнник кэннин диэки илдьэ охсуохтаах. Сорох олус төҥкөччү туттан, умса хоруйа түһэрин эмиэ маҥнайгыттан ыйан, сатаан тирэнэрин ситиһиэххэ наада.

Сигэлэр

Федорова А.С., 2011., Саха төрүт оонньуулара. НКИ "Бичик" РС(Я), 20011.