Сам Шевваль
Шевваль Сам (туур. Şevval Sam; 1973 сыллаахха сэтинньи 11 күнүгэрэ төрөөбүтэ, Турция өрөспүүбүлүкэтэ, Стамбул куорат) — турок норуотун биллэр артыыһа уонна эстрадатын сулустаах ырыаһыта
Биографията
Шевваль Сам 1973 сыллаахха Турция Стамбул куоратыгар сэтинньи 11 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Леман Сам диэн эмиэ Турция биллиилээх ырыаһыта дьахтар, Аҕата — Селим Сам. Дьиэ кэргэнигэр Шевваль сааиай кыра кыыс этэ. Эдьиийэ — Шехназ Сам киниттэн икки сыл аҕа. Ийэлээх аҕата кыыс 6 саастааҕар сатаспакка арахсыбыттара.
Шевваль Сам алын уонна орто сүһүө үөрэҕи «Hasan Ali Yücel İlköğretim Okulu» диэн ааттаах оскуолаҕа ылбыта. Ол кэнниттэн «Zincirlikuyu İnşaat Teknik ve Yapı Meslek Lisesi» лиссиэй реставрация факультетын бүтэрбитэ уонна ол кэнниттэн Мармара изящнай ускуустубалар университеттарыгар графика кафедратыгар үөрэнэн үрдүк үөрэҕи ылбыта.
1993 сыллаахха «Бешикташ» футбол хамаандатын кыттыылааҕа Метин Текиҥҥа ойох тахсыбыта. 1997 сыллахха ыаллар Тарык Эмир диэн уол оҕоломмутара. Ол гынан баран, 1999 сыллаахха Шевваль Сам оҕонньоруттан арахсыбыта. Төрүөтэ -- сатаспатахтара.
Шевваль Сам аан бастаан тэлэбиисэр экраныгар 1993 сыллаахха «Süper Baba» — (Супер Папа) диэн элбэх сиэрийэлээх киинэҕэ көстүбүтэ. Киинэни 1998 сыллаахха диэри таһаарбыттара. Оттон ырыаһыт быһыытынан оччолорго эдэр кыыс аан бастаан 2006 сыллаахха тахсыбыта уонна өтөр «Sek» диэн ырыаларын альбомун сүрэхтээбитэ.
Дискографията
- 2006 — Sek
- 2007 — Istanbul Secret’s
- 2008 — Karadeniz
- 2010 — Has Arabesk
- 2012 — II Tek
- 2013 — Tango
Фильмографията
- 1993—1998 — «Süper Baba» — (Супер Папа)
- 1996 — «Feride» — (Фериде)
- 1999—2000 — «Aşkın Dağlarda Gezer» — (Любовь Бродит По Горам)
- 2002 — «Yıldızların Altında» — (Под Звёздами)
- 2002 — «Karaoğlan» — (Караоглан)
- 2002—2003 — «Gülbeyaz» — (Гюльбаяз)
- 2004 — «Müjgan Bey» — (Господин Мюжгян)
- 2004—2005 — «Çocuğun Var Derdin Var» — (Есть Дети, Будут И Проблемы)
- 2005—2006 — «Yine de Aşığım» — (Опять Я Влюблён)
- 2006 — «Yaşanmış Şehir Hikayeleri» — (Прожитые Городские Истории)
- 2008 — «Derman» — (Дерман)
- 2012 — «Acayip Hikayeler» — (Странные Истории)
- 2013 — «Muhteşem Yüzyıl» — (Великолепный век)
- 2016—2017 — «Bodrum Masali» —(Бодрумская сказка)
- 2018—по н.в. — «Yasak Elma» — (Запретный плод)
Кылгас киинэлэр
- 2004 — «Ziyaret» — (Визит)
- 2007 — «Sen Olmak» — (Быть Тобой)
- 2010 — «Caffe» — (Кафе)
Теле биэриилэр
- 1994—1996 — Müzik Ekspresi (TRT 1 — TRT 2 — TRT 3)
- 2001—2003 — Damak Tadı (TRT 1)
- 2005—2006 — Sanata Dair (tv8)
- 2006—2008 — Sanatla 30 Dakika (tv8)
- 2010—2011 — Şevval Sam’la Pazar’e’rtesi (TRT Müzik)
- 2011—2012 — Şevval Sam ile Müzik Atölyesi — TRT Müzik
Наҕараадалара
- 2007 — Yıldız Teknik Üniversitesi — En İyi Kadın Şarkıcı Ödülü
- 2009 — Toplumsal Etik Derneği — Şarkıcı ve Oyuncu Ödülü
- 2009 — YEKÜV Eğitime Katkı Ödülü
- 2009 — Pertevniyal Lisesi — En İyi Hafif Müzik Sanatçısı
- 2009 — Hürriyet Altın Kelebek — En İyi Kadın Sanatçı Ödülü
- 2009 — Yılın Halk Müziği Sanatçısı Ödülü
- 2009 — KralTV Video Müzik Ödülleri — En iyi Halk Müzik Sanatçısı
- 2009 — Karadeniz Teknik Üniversitesi — En İyi Kadın Halk Müziği Sanatçısı
- 2010 — Çukurova Üniversitesi — En İyi Kadın Şarkıcı
- 2010 — Konya Selçuk Üniversitesi — «İNOVASYON ZİRVESİ» Yılın Yenilikçi Sanatçısı Ödülü
- 2011 — Ondokuz Mayıs Üniverstiesi — «Yılın En İyi Sanatçısı» Ödülü
- 2011 — Avrupa Birliği Kalite Ödülleri Kapsamında — «Türk Halk Müziği Kadın Sanatçı»
Сигэлэр
https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D0%B0%D0%BC,_%D0%A8%D0%B5%D0%B2%D0%B2%D0%B0%D0%BB%D1%8C