Сальмонеллёз
Сальмонеллёз | ||
---|---|---|
Salmonella typhimurium бактерията электроннай микроскобынан көрдөххө | ||
МКБ-10 | A02.0 | |
МКБ-9 | 003.0 |
Сальмонеллёз (ааҥл. Salmonellosis) диэн ыарахан сыстыганнаах ис ыарыытын аата. Salmonella typhimurium диэн бактерия үөскэтэр. Salmonella typhimurium киһи уонна кыыллар оһоҕосторугар үөскүүр.
Ыарыы биллиитэ
Киһи температурата үрдүүр, туруга мөлтүүр, төбөтө ыалдьар, сүрэҕэ өлөхсүйэр, хотуолуур, иһэ ыалдьар, сыптарыныыр. Ыарыы ыарахан туругар көстөр: киһи этэ-хаана куурааһына (обезвоживание), быар уонна таал улаатааһына.
Ыарыы сыстыыта
Сальмонеллёһынан сүһүрбүт сүөһү, көтөр бородууксуйатыттан ыалдьахха сөп. Ону тэҥэ оргутуллубатах ууну истэххэ.
Ыарыыны эмтээһин
Сальмонеллёһы антибактериальнай препарааттарынан уонна антибиотиктарынан эмтэниллэр. Антибиотиктары ыары чэпчэки түгэннэригэр туттуллуо суохтаах. Уонна сальмонеллёзнай бактериофагтары туттуохха сөп.
Диагностика
Сальмонеллёз диагноһа лабораторияҕа бактерологическай уонна серокопическай чинчийиигэ биллэр.
Сальмонеллёзтан харыстанар ньымалар
Сальмонеллёһынан ыалдьыбат туһугар ньымалар:
Туттуллубут источниктар
- Сальмонеллёзы / В. И. Покровский, Н. Д. Ющук // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
- https://ru.wikipedia.org/w/index.php?title=%D0%A1%D0%B0%D0%BB%D1%8C%D0%BC%D0%BE%D0%BD%D0%B5%D0%BB%D0%BB%D1%91%D0%B7%D1%8B&stable=1