Сакып Сабанджи түмэлэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сакып Сабанджи түмэлэ

Сакып Сабанджи түмэлэ(тур. Sakip Sabanci Muzesi) - Турцияҕа Стамбулга Сабанджи университетыгар баар ойуулуур ускуустуба чааһынай түмэлэ. Турция бизнесмена Сакып Сабанджи олохтообут уонна 2002 с. арыллыбыт түмэл. Түмэлгэ каллиграфия ускуустубатын көрдөрөр үлэлэр, турция худуоһунньуктарын хартыыналара, ону кытта, осман эпохатын судаарыстыбатын уонна итэҕэлин устуоруйатын дөкүмүөннэрэ бааллар. Олохтоох быыстапкалары таһынан, түмэлгэ, национальнай уонна тас дойдулар худуоһунньуктарын быыстапката, онтон да атын култуурунай тэрээһиннэр буолаллар. Түмэл дьиэтэ, 1848 сылтан, хас да, үрдүк сололоох үлэһиттэр - осман Египетин салайар пашалар уонна хедивтар дьиэ кэргэттэрин бас билиилэригэр сылдьыбыт. 1884 с.султан Абдул-Хамид ll бирикээһинэн, Осман казначействотын бас билиитигэр киирбит уонна Черногория хоруолугар Николай l, бэлэххэ бэриллибит. Дьиэ, 30 сыл устата хоруол резиденцията уонна Черногория посольствота буолан турбут. 1913 с.Осман бырабыыталыстыбата дьиэни төттөрү ылбыт уонна онно, султан Мехмед V сиэнэ кыыс олорбут. Туурак Өрөспүүбүлүкэтэ олохтоммутун кэннэ, Хедив Исмаил-паша сиэнэ принц Мехмед Али Хасан, ол кэмҥэ быраҕыллан турар дьиэни ылбыт уонна Эдуард де Нари архитекторга саҥа дтиэни тутурыгар сорудахтаабыт. Ол да буоллар, дьиэ, өр кэмҥэ кураанах турбут. 1944 с. Египет принцин эдьиийэ ылан дьиэ гыммыт. 1951 с. Сакып Сабанджи аҕата, Sabanci Holding төрүттээбит Хаджи Омер Сабанджи особнягы, дьиэ кэргэнин кытта олорор сайыҥҥы дьиэ гыммыт. Сүрүн боруотатын иһигэр, аукциотан атыыласпыт, боруонсаттан оҥоһуллубут ат статуятын туруорбут. Скульптураны, Парижка Луи-Жозеф Даумас бырайыактаабыт. 1864 с. Вор Тибо боруонсаттан кутан оҥорбут. Дьиэ, Atli Kosk(Аттаах дьиэ) диэн аатынан киэҥник биллибит. Хаджи Омер уонна кини дьиэ кэргэнэ, ити дьиэҕэ, Хаджи 1966 с. өлүөр диэри олорбуттар. Ол кэннэ, 1969-1999 сс., дьиэҕэ, Сакып Сабанджи уонна кини дьиэ кэргэнэ олорбуттар. 1998 с.дьиэ, туох баар антикварнай мебелин, ускуустуба айымньыларын кэллиэксийэлэрин кытта, Сабанджи Университетыгар 49 сыл устатыгар куортамҥа бэриллибит. Бүгүҥҥү күҥҥэ, ханна да хатыламматах ураты көстүүлээх дьиэ аныгы галереятыгар, XlX уонна XX үйэлэрдээҕи ускуустуба айымньыларын баай кэллиэксийэлэрэ бааллар. Хаджи Омер Сабанджи, декоративнай, прикладной ускуустуба айымньыларын:статуэткалары, тимиртэн оҥоһуктары, фарфоры, ускуустуба биридимиэттэрин, мебели 1940 сыллаахтан хомуйан саҕалаабыт. Оттон, Сакып Сабанджи аҕата хомуйбут кэллиэксийэлэрин ситэри толорорго, 1970 с.ылсыбыт. Кэллиэксийэҕэ:Хlll уонна XlX үйэтээҕи кытай фарфора, полихромнай вазалар уонна уруһуйдаах тэриэлкэлэр; франция XlX үйэтээҕи фарфора, ол иһигэр, элбэх ахсааннаах, Севрга вазалара; Берлиҥҥэ уонна Венаҕа оҥоһуллубут немец фарфора бааллар. 400 кэриҥэ ахсааннаах каллиграфия кэллиэксийэтэ, Осман импиэрийэтин 500 сыллаах каллиграфиятын ускуустубатын бары өттүттэн көрдөрөр. Манна бааллар: илиинэн суруллубут Коран уонна молитвенниктар, каллиграфическай паннолар, укаастар, импиэрийэ дөкүмүөннэрэ, декларациялара, импиэрийэ бэчээттэрэ, поэтическай кинигэлэр уонна каллиграфия үнүстүрүмүөннэрэ. Көрдөрүүгэ, 320-тэн тахса, осман уонна республика эпохаларын саҕанааҕы: Осман импиэрийэтигэр бэйэлэрэ олорбут биитэр, придворнай худуоһунньугунан үлэлээбит биллиилээх осман уонна туурак худуоһунньуктарын, Осман Хамди Бей, Ибрагим Чаллы, Халил Паша, Назми Зия Гюран, Шекер Ахмет Паша, Фикрет Муалла уонна Европа худуоһунньуктарын, Фаусто Зонаро, Иван Айвазовскай хартыыналара бааллар. Ону таһынан, түмэлгэ көрдөрүүгэ Сабанджи дьиэ кэргэнин тус маллара, эмиэ, тураллар. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%9C%D1%83%D0%B7%D0%B5%D0%B9_%D0%A1%D0%B0%D0%BA%D1%8B%D0%BF%D0%B0_%D0%A1%D0%B0%D0%B1%D0%B0%D0%BD%D0%B4%D0%B6%D0%B8 http://calligraphy-expo.com/cognitivecalligraphy/museums_of_calligraphy/chastnyy-muzey-sakipa-sabandzhi