Сака дуу, саха дуу

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

перестройка кэнниттэн былыргы остуоруйалары үөрэтиигэ биллэр хамсааһыннар таҕыстылар, сахалар тустарынан киэҥ, научнай үлэлэр сурулуннулар.

Омук тылын үөрэтии бу омук былыргы төрүттэрин булууга улахан кылааты киллэриэн сөп. Омук тыла омук олоҕун кытта быһаччы тутулуктаах сайдар. Саҥа үөскээбит тыллар бэйэлэрин анал бириэмэлэригэр эрэ омук тылыгар киирэн иҥэллэр. Омук тыла саҥа тылларынан хайдах эбиллэн, сайдан иһэрин А.И.Эверстов үлэтиттэн булуохха сөп. (1,41).

Сакалар букатын былыргы омуктар. Остуоруйа үөрэҕэр ааттара-суоллара дириҥник иҥмит. Биһиги эрабыт биир тыһыынча сыл иннинэ Чернай муора хоту өттүнээҕи истиэптэригэр олохтоох дьону былыргы гректэр скифтэр диэн ааттаабыттар. Ол кэмҥэ Волгаттан илин билиҥҥи Казахстаан, Сибиир истиэптэригэр олорбут скифтэри былыргы грек, перс суруктарыгар сака диэн ааттыыллар. Кинилэри эмиэ иранныы тыллаах биистэр хотугу бөлөхтөрүгэр киллэрэллэр. Сака биистэрэ скифтэр курдук көс олохтоох сүөһү иитээччилэр эбиттэр. (2,16).

Былыргы Кушанскай империяны сакалартан төрүттээх юэчжилэр-кушаннар олохтообуттар эбит. Бу империя баһылаан олорбут кэмэ Индийэҕэ сака (шака) эрата диэн ааттаммыт. (1,28). Сакалар (сактар) тэнийбит сирдэрэ наһаа киэҥ, олорбут кэмнэрэ олус өрдөөҥү, биистэрин ааттара сүрдээх уустуктар, ол иһин кыайан ситэ үөрэтиллэ, чуолкайдана иликтэр.

Г.В.Попов элбэх үлэлэри дириҥник ырытан баран сакалар Семиречьеҕэ олорбут өттүлэрэ түүрдүү саҥарар буолуохтарын сөбүн быһаарар. Итини тэҥэ сака диэн тыл саха диэҥҥэ саҥарыллыытын уратытынан кыайан уларыйбатах буолуон сөбүн бэлиэтиир. (2,17-21).

Европа үөрэхтээхтэрэ сакалар иранныы тыллаахтар дииллэр. Кинилэр этэллэрин курдук сакалар элбэх биистэриттэн сорохторун тыллара иранныы да буолуон сөп. «Сака» диэн тыл иранныы «Таба» диэн буолар уонна таба көлө үөскээбит, тэнийбит кэмигэр эмиэ сөп түбэһэр. Сака, күн-дьыл ааһан истэҕин аайы, суолтата улам-улам кэҥээн, күн таба, салаа-лабаа, элбэх салаалаах-лабаалаах таҥара, күн, быйаҥ таҥаратын символа эҥин диэн буолбут. (3,121-122).

Сахалар олус былыргы төрүттээхтэрин бэлиэтиир «Таҥара табата» диэн табаны таҥараҕа тэҥнии туруорар суолталаах этии баар. Кэлин сахалар олохторугар табаны туһанартан тэйэ быһыытыйбыттар, салгыы сайдан ат көлөнү баһылаабыттар. Былыр табаны таҥараҕа тэҥнии сылдьыбыттарын, таба олохторугар олус туһалаах кэмэ баар буолан ааспытын ити «Таҥара табата» диэн этии баара бигэргэтэр. Бу этии сакалары кытта сахалар биир ситимнээхтэрин эбии чуолкайдаан биэриигэ эмиэ туһалыыр.

Таймырга олорор долганнар бэйэлэрин сакаларынан ааттаналлар. Бэйэлэрэ сахалыы саҥараллар. Көрүҥнэрэ былыргы түүрдэргэ ордук маарынныыллар. Нууччалар тоҕо эрэ бу омуктары бэйэлэрэ ааттаналларынан сака диэн сурукка киллэрбэккэлэр долган диэнинэн суруйбуттар. (4,3). Олус былыргы төрүттээх омуктарын билэр буоланнар, бэйэлэрин "улууларын" баһыттаран кэбиһимээрилэр, анаан-минээн уларытарга санаммыттар. Олус былыргы омук буолалларын Муустаах муора биэрэгэр тиийэ үтүрүллүбүттэрэ эмиэ туоһулуур. Олус кырдьаҕас сака омуктар олохторун кэнники суолугар биллэр сайдыыны кыайан ситиспэккэлэр, ордук күүскэ үтүрүллэннэр хоту муора биэрэгэр тиийэн хаалбыттар.

Бу үлэҕэ хаһан сака омук дьоно саха буола уларыйыылара быһаарыллар. Остуоруйа науката кэлин кэмҥэ лаппа сайынна. Быдан былыргыны өҥөйөн көрөр буоллулар, кытайдар суруйууларын кытта булан туһаналлар. Бу үлэҕэ омуктар саҥарар тылларын үөрэтии эмиэ көмөлөһөр. Сака да, саха да диэн тыллар төһө да маарыннаспыттарын иһин төрүттэрэ тус-туспалар. Сака диэн иранныы «Таба» диэн тыл буоллаҕына, саха диэн төрүт сахалыы тыл омук аата буолар.

Бу тылы быһаарыыга Г.В.Ксенофонтов саҕалааһына олук буолар. Сахаларга «Сах» диэн тыл «Уоту умат» диэн суолтаҕа туттуллар. Г.В.Ксенофонтов быһаарыытынан урукку кэмҥэ «Сах» диэн тыл тугу барытын билэр таҥара суолтатыгар туттулла сылдьыбыт. Ол ону сахалар «Сах билэр» диэн этиилэрэ туоһулуур. (5,245). Итинтэн салгыы кини «Саха» диэн тылы Күҥҥэ сүгүрүйэр киhи диэн быhаарар. Өссө элбэхтик туттулла сылдьыбыт «Сах сиэтин» диэн этии баар. Бу этии «Сах» уот буолан тугу барытын уматан, сиэн ыраастыырын быһаарар. Эмиэ таҥараҕа тэҥниир этии. «Сах», «Саҕар» диэн тыллар урукку кэмҥэ, ордук уоту чокуурунан саҕан уматар кэм саҕана ордук киэҥник туттуллар эбиттэр.

Сака омуктар ордук сайдыылаах биистэрэ тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаан бараннар, уоту ордук сөбүлүүр буолбуттар. Саҥа идэни баһылааһынтан кинилэр олохторо барыта уоттан быһаччы тутулуктаах буолуута үөскээбит, кыымынан ыһыахтанар кыһа уота таҥараларыгар кубулуйбут.

Омуктар сака эрдэхтэринэ көлүнэр көлөлөрө, астара, таҥастара табаттан тутуллар буолан таба таҥаралаах эбиттэр. Бэйэлэрин үйэлэригэр улуу саҥаны арыйыыны оҥороннор, таастан тимири уһааран таһаарар буолуохтарыттан ыла сака омук дьонун сорохторо таба көлөлөрүн бырахпыттар. Бу дьон үлэлиир, тутаах дьарыктара уларыйан таҥаралара эмиэ уларыйбыт «Сах» диэн ааттаммыт. Омуктарын аатын саҥа таҥараларын аатынан саха диэн ааттыыр буолбуттар.

Сахалар итэҕэллэринэн умайа турар кыhа уотун ханнык да абааhы кыайбат-хоппот, сандаарыччы умайар кыhа уота саха дьонун абааhы аймаҕыттан барыларыттан араҥаччылыыр, ол иhин кыhа уотугар сүгүрүйэллэр. Итини тэҥэ бу кыhа уотуттан сахалар төрүт дьарыктара, тимирдэрин уhаарыыта тутулуктанар. Саха дьоло кыhа уотугар, бу уот хайдах умайарыттан, сардаҥатыттан, үөрүү-дьол, кыайыы-хотуу, ситиhии тахсар. Ити курдук кыhа уота умайан сандааран, аламай маҥан Күн таҥараҕа кубулуйан билигин даҕаны саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэн сылдьар. (6,67).

Сахалар итэҕэллэринэн Аарыма Улуу ойууннара - улуу Уус, тимир ууhа буолар. Кинини эмиэ ханнык да абааhылар аймахтара кыайбаттар, бары киниттэн тэйэн биэрэллэр, кыhа уотун сарданата кинини эмиэ харыстыыр. Оччотооҕу кэмҥэ итэҕэли тута сылдьар сүрүн киһи тимир ууһа буолуута итэҕэл бэйэтэ тимир ууһуттан төрүттээҕин быһаарар.

Бу быhаарыы бэйэтэ былыргы сахалар төрүттэрин сүрүн дьарыктарынан тимири уhаарыы уонна тимиринэн уhаныы буоларын халбаннаабат гына дакаастыыр. Оччотооҕу кэмҥэ таастан убаҕас тимири уулларан таhаарыы, атын билбэт, үөрэҕэ суох дьон өйдөрүгэр-санааларыгар ураты күүhүнэн, ойуун абылааһынынан оҥоhулларын курдук өйдөбүлү хаалларара чуолкай. Тимир уһаарааччы уус улахан аптаах, хомуһуннаах ойууҥҥа тэҥнэнэр. (7,49).

Ойуун кыырарыгар кэтэр таҥаһа ураты оҥоруулаах тирии таҥас буолар. Бу таҥас сүрүн киэргэллэринэн анаан-минээн оҥоруллубут тимир тэриллэр, чуорааннар буолаллар. Улахан ойуун толору таҥаһа үс буут ыйааһыннаах тимир оҥоһуктардаах. (8,312). Ити таҥас оҥоһуута былыргы ойуун бэйэтэ тимир ууһа буоларын кэрэһилээн көрдөрөр. Ойуун дүҥүрэ быарык диэн тутарга аналлаах улахан тимир кириэстээх. Ойуун бу кириэстэн тута сылдьан дүҥүрүн эргитэн иһигэр туох баарын көрөөччүлэргэ үгүстүк көрдөрөр.

Былыргы сахалар атын омуктартан уратыларын туоһулуур бэлиэлэрдээхтэр. Бухатыырдара түөстэригэр иилинэр төгүрүк тимир куйахтара, ойууннарын таҥаһыгар тигиллэр төгүрүк тимирдэрэ күн диэн ааттаналлар. Дьахталлар түүлээх бэргэһэлэрин иннигэр күн диэн ааттаах үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгү иилинэллэрэ. (4,111). Дьахталлар түөстэригэр кэтэр симэхтэрин үрүҥ көмүстэн оҥоруллубут төгүрүгэ эмиэ күн диэн ааттанар. Ити бэлиэлэр барылара сахалар Күн дьоно буолалларын бигэргэтэллэр.

Саха дьахталлара былыргы кэмнэргэ эр дьону кытта тэҥҥэ сэриилэһэ сылдьыбыттара сөп. Бу быһаарыыны туоһулуур көстүүнэн саха дьахталларын түөскэ кэтэр илин кэбиһэр уонна көхсүгэ кэтиллэр кэлин кэбиһэр симэхтэрэ буолар. Бу симэхтэр оҥоруулара былыргы бухатыырдар тириигэ тигиллибит кэтэн кэбиһиллэр чыллырыыт куйахтарыгар маарынныыр. Дьахталлар симэхтэригэр баар күннэрэ уонна бухатыырдар куйахтарын күнэ биир суолталаахтара бу быһаарыы таба буоларын чуолкайдыыллар. Билиҥҥи саха дьахталларын кэтэр киэргэллэрэ былыргы сэрииһит тимир куйаҕа тупсарыллан, кыччатыллан, киэргэтиллэн оҥоруллубута буолар.

Саха дьоно уоттан ордук улахан тутулуктаахтарын бэлиэтинэн кинилэр ханна да сырыттахтарына уокка ас бэрсэн аhаталлара буолар, уот иччититтэн көмө-тирэх көрдүүллэрэ, бу бэлиэ сахалар уоту ураты ытыктыылларын бэлиэтинэн ааҕыллар.

Саха сиригэр олохтоох омуктар тимири уһааран туһанар буолбуттара биһиги эрабыт иннинэ бэһис эбэтэр үһүс үйэлэртэн саҕаламмыт буолуон сөп диэн учуонайдар быһаараллар. (9,79). Тааһы уулларан тимири уһааран уонна тимиринэн уһанан араас сэби-сэбиргэли оҥостон туһаныы, аан маҥнай бу сүҥкэн арыйыыны оҥорбут омуктар олохторугар, кинилэр сайдыыны-үүнүүнү ситиһиилэригэр олус улахан оруолу ылбыта биллэр. Сахалар кэлин 2,5 тыһыынча сыллааҕыта улуу арыйыылары оҥороннор тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылааннар сайдыылара салҕанан барбыт. Саҥа арыйыыларын туһананнар киэҥ сирдэри баһылаабыттар.

Сака омуктар сорохторун саҥарар тыллара сахалыы эрэ буолуон сөп. Сакалар бэйэлэрэ былыргы түүрдэр хос төрүттэрэ буоллалларын наука үлэһиттэрэ билиннэллэрэ чугаһаан иһэр. Саха тыла былыргы түүр тыла буолара дакаастанан турар курдук. Сакалар сахалар төрүттэрэ буолалларын быһаарарга сака диэн тыл саха диэҥҥэ хайдах уларыйбытын быһаарыы сүрүн оруолу ылар.

Былыргы кэмнэргэ таба таҥаралаах сака омуктар тимири уһаарар буоланнар үлэлиир үлэлэрэ, олохторун оҥкула уларыйан уот таҥаралаах саха омукка уларыйбыттар. Бэйэлэрин үйэлэригэр сайдыыны ситиһиилэрэ, тимири уһаараллара уонна уһаналлара итэҕэллэрин эмиэ уларытан, уот, «Сах» таҥаралаах саха омук буолбуттар. (10,35).

Туһаныллыбыт литература

1. А.И.Эверстов. Айыы аймахтара. Күн улуустара: Иккис түһүмэҕэ. Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1998.- 184 с.

2. Г.В.Попов. Хантан хааннаахпытый?: Саха народнай суруйааччыларын төрүттэрэ.- Дьокуускай: «Бичик» нац. кинигэ кыһата, 1994.- 144 с.

3. А.И.Гоголев. Якуты. Якутск: Изд-во ЯГУ, 1993.- 200 с.

4. М.Н.Борисов. Малочисленные этносы Севера: вчера, сегодня, завтра. (социологические очерки): В 2-х частях / РГАТА.- Рыбинск, 1995.- 155 с.

5. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публи-кации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север- Юг», 1992.- 318 с.

6. К.Д.Уткин. Черная металлургия якутов второй половины 19-го -начала 20-го вв. Якутск: Кн. изд-во, 1992.- 88 с.

7. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: «Бичик» нац . кн. кыһата, 1993.- 56 с.

8. И.А.Худяков. Краткое описание Верхоянского округа. Ленинград: Изд-во «Наука», 1969.- 440 с.

9. Н.Д.Архипов. Древние культуры Якутии. Якутск: Кн. Изд-во, 1989. -192 с.

10. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.