Сабит Муканович Муканов

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сабит Муканович Муканов.

(Бу ыстатыйа күрэскэ кыттар)

Сабит Муканович Муканов – казах норуотун классик суруйааччыта, казах литературатын төрүттээччитэ, бэйээтэ, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, академига, Казахстаан суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ. С.Муканов муус устар ый 13 [26] күнүгэр 1900 сыллаахха Таузарскай буоласка, Акмолинскай күбүөрүнэҕэ төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ сэттэ-аҕыс сааһыгар иккиэн өлөн туораабыттара, оҕо сааһа эрэйдээхтик ааспыта.

Сабит Муканов сүүрбэһис үйэ саастыылааҕа буолан, бэйэтин үйэтигэр хас да өрөбөлүүссүйэни, сэриилэри, репрессия ыар сылларын, олох балысханнык уларыйар кэмнэрин барытын ааспыта. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтэ сайдарыгар бары күүһүн-кыаҕын ууран үлэлээбитэ. Суруйааччылар сойуустарын салайан үлэлэппитэ, Үрдүкү Сэбиэт биэс ыҥырыытыгар барытыгар депутатынан талыллыбыта. Бэйэтэ айар үлэ бары көрүҥүнэн айбыта-туппута. 1966 сылтан Сабит Муканов Ч.Ч.Валиханов аатынан Казахскай ССР Наукаларын Академиятын бириэмийэтин лауреата буолбута, 1968 сыллаахха Абай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэнэн наҕараадаламмыта. Маны таһынан, Ленин уонна Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннарынан иккилиитэ, үгүс мэтээллэринэн наҕараадаланан айар үлэтэ, дойдута сайдарын туһугар сүүрбүтэ-көппүтэ кэмигэр сыаналаммыта. Кини айымньылара Казахстаҥҥа дойдутугар эрэ буолбакка, тылбаастанан, ситиһиилэнэн, ааҕааччы үрдүк сыанабылын ылан, аан дойдуну тилийэ көппүттэрэ.

Казах норуотун чулуу уола Сабит Муканов муус устар 18 күнүгэр 1973 сыллаахха бу олохтон букатыннаахтык барбыта. Интернет ситимиттэн. Ааптар Хабырыыл кыыһа.