Сааратыы
“Оҕону саарат эрэ” диэн кыра оҕону көрөргө анаан улахан оҕоҕо элбэхтик этэллэр. Туох эрэ оонньуурдары биэрэн оонньото сатааһын сааратыы диэн ааттанар. Бу олус былыргы ааттаах үөрэх кыра оҕону көрөргө анаан элбэхтик туттуллар эрээри, туохтан, ханнык өйтөн-санааттан сайдан тахсыбытын билии уустуктары үөскэтэр.
Бу олус былыргы үөрэх. Сааратыы диэн былыргы саар, улахан диэн тылтан үөскээбит, ол аата оҕоҕо улаатарга баҕа санааны иҥэрии, улахан оҕо өйүн-санаатын иҥэрэн биэрэн иһии үөрэҕэ буолар. Оҕо бүгүн билбитинээҕэр сарсын атыны, саҥаны билэн иһэрин үөскэтии, өйө-санаата сайдан, тупсан, эбиллэн иһэрин ситиһии сааратыы диэн ааттанар.
Оҕо өйө-санаата сайдан иһиитигэр бииртэн-биир уустугуран, тупсан иһэр оонньуурдарынан оонньуура өйө-санаата сайдан иһэрин түргэтэтэр кыаҕын сахалар билэннэр сааратыы диэн ааттаабыттар. Боростуой, тыаһыыр эрэ оонньууртан саҕалаан бэйэтэ сүүрэр массыынанан оонньуурга тиийдэҕинэ, өйө-санаата ол таһымҥа тиийэ сайдар. Улахан оҕо кыра оҕо тыаһыыр эрэ оонньуурдарынан сирэн оонньуу да сатаабат. Киниэхэ бэйэтин, улаатан иһэр көрдөбүлүгэр сөп түбэһэр оонньуурунан эрэ оонньуур.
“Кыра оҕо курдук буолума” диэн этии оҕо өйө-санаата тиийбит таһымыттан аллараа диэки түспэтин, төннүбэтин, намтаабатын ситиһэргэ аналлаах. Улахан оҕо бэйэтэ оҥоруон сөптөөх быһыыларын кыайан оҥорбото кыра оҕо таһымыгар түһэриэн сөп.
Оҕо баар-суох биир баҕа санаатынан улаатан иһии буолар. “Тотто да тойон оҕото” диэн этии кыра оҕо баҕа санаата туолуутун биллэрэр. Оҕо улаатан иһэр баҕа санаатын сааратыы толорон биэрэн истэҕинэ табыллар. Саҥаны, солуну элбэҕи билии-көрүү өй-санаа сайдан иһиитигэр тириэрдэр. Тугу саҥаны аан маҥнай билбититтэн оҕо ийэ кута үөскээн, өйө-санаата сайдан иһэр. Оҕо улаатар баҕа санаатын толороору элбэх ыарахаттары, ол иһигэр бары-барыта тиийбэтин кытта холкутук тулуйуон сөп.
“Оҕом улахан оҕо буол” диэн төрөппүт баҕа санаата оҕотугар тиийдэҕинэ оҕото кыайбатын да кыайар кыахтанар, өйө-санаата түргэнник сайдар, ситиһиилэри оҥоруон сөп.
Тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор, сатыыр буолуу оҕо улахан киһи өйүн-санаатын ситиһэн иһэрин биллэрэр. Оҕону иитии, үөрэтии сүрүн төрүтүнэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии, оннук үгэстэри иҥэрии буолар уонна киһи буолуу үөрэҕэ диэн ааттанар. Бу үөрэҕи ситистэҕинэ оҕо улахан киһи тугу оҥорорун барытын бэйэтэ оҥорор кыахтанар.
“Улахан киһи оҥорорун барытын сатыыр буолла” диэн улаатан иһэр оҕону хайҕааһын саамай улахан, киһи буолууну ситиһэн иһэрин бэлиэтиир үтүө хайҕааһын буолар. Оҕону сайдыы, элбэҕи-билии көрүү диэки салайыы таба суолунан баран иһэрин биллэрэр.
Оҕону куруук “кыра оҕо курдуккун”, “сатаабаккын” диэн хомуруйуу оҕо санаатын түһэриэн, билиигэ-көрүүгэ тардыһыытын намтатыан сөп. Ол иһин туттуллубата ордук. Маннык хомуруйуу төрөппүт оҕотун иитэрэ, үөрэтэрэ хаалан иһэрин бэйэтэ билинэрин биллэрэр. Итини тэҥэ оҕону куруук “эн кыраҕын” диэн этэн атаахтатыы сайдан, улаатан иһэр оҕо өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспэт, сайдыытын атахтыан, кыра оҕотугар төттөрү түһэрэн кэбиһиэн сөп.
Сааратыы диэн үөрэҕи соччо-бачча өйдөөбөт эрээри, бары туһанабыт. “Оҕону саарат эрэ” диибит, оонньуурдары эрэ ылан биэрии курдук саныыбыт. Ону баара оҕо өйө-санаата сайдан истэҕинэ оонньуур оонньуурдара эмиэ уларыйан, тупсан, уустугуран иһиэхтээҕин туһунан аахайбаппыт. Оҕону сытар сирин да уларытан биэрии атыны көрөн-истэн аралдьыйарын улаатыннарар кыахтаах.
Оҕо оонньуура аһара элбиирэ куһаҕан. Хас биирдии оонньууру өр оонньоон, бу оонньуур ис дьиҥин иҥэринэн истэҕинэ өйө-санаата олохтоохтук сайдар. Бииртэн биир оонньууру быраҕаттаан иһиигэ тиийдэҕинэ, мээчик ордук туһалыыра кэлиэн сөп. Аһара элбэх оонньуур оҕо өйүн-санаатын сайыннарбат, хата төттөрүгэ үөрэтэр, көтүмэҕин, талымаһын, тугу да аанньа ахтыбатын улаатыннаран кэбиһиэн сөп.
Ханнык да үөрэх, билии оҕоҕо халлаантан түһэн кэлбэт, барытын бэйэтэ билэн-көрөн, истэн, оҥорон көрөн, боруобалаан үөрэнэр. Үчүгэй иитиилээх оҕо диэн кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэммит, барыны-бары улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор-тутар, киһи буолууну баһылаан иһэр оҕо буолар.
Ханнык да төрөппүт оҕотун куһаҕаннык быһыыланыыга үөрэппэт. Арай үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэппэккэ хаалларан, үөрэнэр кэмин аһаран кэбиһэллэриттэн, ийэ кута иитиллибэккэ хаалан хаалар буолла. Иитиллибэккэ хаалбыт ийэ кут араас быстах санааларынан туолуута куһаҕан майгыланыыга түргэнник тириэрдиэн, улаатан иһэн бэйэтэ булан куһаҕан быһыылары оҥорон, куһаҕан үгэстэнэн хаалыан сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ.
Оҕо атаҕар туран хаамыаҕыттан ыла улахан киһи буолбут курдук сананара үөскүүр. Бу кэмтэн ыла тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэрэ, киһи буолууну ситиһэн иһэрэ эрэйиллэр. Киһи буолуу үөрэҕэр бэрээдэккэ, сыыһа-халты туттубакка үөрэнии аан бастакынан киирэн сылдьар.
Оҕону сааратыы диэн оҕоҕо улаатан иһиигэ санаатын көтөҕүү, өйүн-санаатын ол диэки салайыы, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго иитии, үөрэтии буолар. (1,90).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.