Россия олохтоохторун икки тус-туһунан өйдөрө-санаалара

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Бары государстволарга барыларыгар баай, сэниэ уонна дьадаҥы олохтоох дьон бааллар. Дьон өйө-санаата баайтан, малтан тутулуктанан уларыйаллар. (1,57).

Баайдар уонна дьадаҥылар икки ардыларыгар тус-туһунан өйдөөх-санаалаах буолуу, өй-санаа арахсыыта хас биирдии дойду аайы баар уонна бэйэ-бэйэлэриттэн улаханнык уратылаһаллар. Бу икки өй-санаа арахсыыта үгүс омуктарга көннөрү баай-мал, харчы ахсаанынан уратыланар уонна ханнык даҕаны улахан хамсааһыҥҥа, дьон бэйэ-бэйэлэригэр хаһан да эйэлэспэт гына өстүйүүлэригэр, харса суох өлөрсүүлэригэр уонна сотору-сотору уларыта тутууга тириэрдибэттэр.

Россия олохтоохторугар бу икки тус-туһунан утарыта турар өй-санаа адьас ураты өйдөбүллээхтэрэ уруккуттан, ыраахтааҕы былааһа салайан олорор эрдэҕиттэн биллэр. Бу икки өй-санаа арахсыылара Россияҕа баай уонна дьадаҥы дьон өйдөрүн-санааларын арахсыытыгар, сэриилээн кыайбыт уонна кыаттарбыт дьон туспа өйдөрө-санаалара эбиллэринэн ураты көрүҥнэнэр. Ити иһин балар бэйэ-бэйэлэригэр олус күүстээхтик утарыта турар өйдөбүллээхтэр уонна өтөр эйэлэспэт гына атааннаһа сылдьаллар.

Бу икки утарыта турар өй-санаа ыраахтааҕылаах Россия кэмин саҕана дьон маннык бөлөхтөрүгэр бааллара уонна иҥэн сылдьаллара:

1. Сэриилээн кыайбыт дьон өйдөрө-санаалара. Маннык өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо киирсэллэрэ: байыаннайдар, казактар, полиция үлэһиттэрэ, салайааччылар уонна үгүс ахсааннаах атын сирдэртэн саҥа кэлэр, кэлии дьон.

2. Кыаттарбыттар өйдөрө-санаалара. Бу өй-санаа иҥмит дьонугар киирсэллэрэ: бары олохтоохтор, кыра тойоттор, кэлии дьон дьадаҥы өттүлэриттэн сорохторо уонна үлэһиттэр үгүстэрэ киирсэллэр.

Учуонай Мурат Аджи «Полынь половецкого поля» диэн кинигэтигэр Россия хайдах үөскээбитин уонна сайдан-үүнэн иһиитин атын омуктар летопистарыгар олоҕуран ордук толорутук арыйар. Кини дакаастыырынан Россия барыта сэриилээн ылыллыбыт, кыаттарбыт уонна бас бэриммит дойду. Ити иһин Россия дьонун өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсыыта, икки тус-туһунан бэйэ-бэйэлэригэр өстөөх, хаһан даҕаны эйэлэспэт, кыайбыт уонна кыаттарбыт омуктар атааннаһыыларынан күүркэтиллэриттэн, уһун кэмнээх охсуһууга кубулуйан, Улуу Өктөөп өрө туруутугар диэри, үгүс үйэлэргэ иҥэн сылдьыбыт эбит. Бу охсуһууларга К.Булавин, С.Разин, Е.Пугачев салайааччылаах казактар сэриилэрин, Салават Юлаев баһылыктаах башкирдар өрө турууларын уонна да атыттары киллэриэххэ сөп. Сэриигэ кыайбыт государство кыаттарбыт өрө турааччылары барыларын кыргара, ыйыыра, көскө ыыталыыра.

Өй-санаа икки аҥы арахсыыта Россия үөскүөҕүттэн ыла саҕаланан барбыт. Былыргы бириэмэҕэ сэриилээн кыайбыт дьон кыаттарбыттары харса-хабыра суох кыдыйаллара, онтон ордубут өттүлэрин үүрэн-түрүйэн үрүҥ харахтарын өрө көрбөт гына оҥороллоро остуоруйа холобурдарыттан биллэллэр. Өрө турбут Емельян Пугачев казактарын ыйыы-ыйыы Волга устун болуотунан уһуннарбыттара, бэйэтин тутан ылан тимир килиэккэҕэ уган Москваҕа аҕалан сэймэктээн өлөрбүттэрэ.

Олохтоохтору сэриилээн кыайыы-хотуу кэнниттэн кыайыыны ситиспит кэлии дьон бары салайар дуоһунастары бас билэннэр олохтоох, кыра дьоҥҥо муҥура суох тойон буолаллара. Кэлии дьон олохтоохтору баһылыыр уонна дьаһайар быраабы ылыыларын У.А.Винокурова «Сказ о народе саха» диэн үлэтигэр арыйан көрдөрөр. Манна ыраахтааҕылаах Россия саҕана «кураанах Сибиири» аан маҥнай арыйыы кэмигэр олохтоохтору бас бэриннэрии туһунан ахтыллар. Ол кэнниттэн аһара тымныылаах Сибиир Россия «күлүүһэ суох хаайыытыгар» кубулуйбута. Соҕурууттан үүрүллэн кэлэр хаайыылаахтар туох да суута-сокуона суох олохтоох дьону көҥүл халыыллара уонна атаҕастыыллара биллэр. Ол туһунан В.Л.Серошевскай «Хаайыылаах» диэн кэпсээнигэр ордук арылхайдык суруйбута. Итинник ыарахан батталы тулуйбакка сотору-сотору өрө турар кыра омуктары, дьадаҥылары уонна казактары ыраахтааҕы былааһа туох да харысхала суох кыдыттарара остуоруйа үөрэҕэр сурулла сылдьар.

Кэлии дьон, салайааччылар эбэтэр тойоттор туспа өйдөрө-санаалара бүтүн Россия үрдүнэн итинник үөскээбитэ уонна тэнийбитэ. Бу өй-санаа туох да сокуона суох, ол эбэтэр кыайбыт дьон сокуоннарын бэйэлэрин тустарыгар сурунаннар, кыаттарбыт олохтоох дьону хайдах баҕарбыттарынан атаҕастыылларыгар уонна баттыылларыгар кыах биэрэрэ. Кэлии дьон салайар былааһы барытын бэйэлэрин илиилэригэр тута сылдьыылара олохтоохтору таптаабыттарынан дьаһайалларыгар көмөлөһөрө.

Кыайыы-хотуу, бас бэриннэрии кэнниттэн олохтоох дьону бэйэлэрин диэки тардаары, сорох бэйэлэрин диэки буолбут баайдарга кыра дуоһунаһы, чыыны биэрэн, ханнык эмэ тойон сыыһа оҥорон бэйэлэригэр кыттыһыннараллара. Бу кыттыспыт дьон ордук нуучча буола охсоннор бэйэлэрин биир дойдулаахтарын атаҕастааһыҥҥа аһара күүскэ ылсыбытынан баралларын В.И. Ленин бу курдук суруйбута биллэр: «Что среди людей (нередко обрусивщие лица другой национальности хотят быть, более русскими, чем сами русские)».

Москва государствота маҥнай үөскээн истэҕинэ, уһун кэмҥэ туох да сокуона суох, аҥардас сэриилээн кыайбыт дьон баһылыыр былаастарынан, быһаччы дьаһалларынан олорбута. Кэнники ыраахтааҕылаах Россия кэмигэр суруллубут сокуоннар эмиэ кэлии нуучча дьонун былаастарын күүһүрдэллэрэ. Бары былаас барыта, суут-сокуон, сэрии дьоно, полиция бука барылара кэлии дьон тустарыгар үлэлииллэрэ уонна салайар үлэһиттэрэ барылара, ол дьонтон талыллан ананаллара.

Кэлии салайааччылар, кыайбыттар олус үрдүктүк сананыыларыттан бэйэлэрин уратытык ааттаталларыттан нуучча тылыгар “вы” диэн тыл үөскээн олохсуйбута. Дьон билсэн, доҕордоһон бардахтарына “ты” диэн ыҥырсаллара бэйэтинэн хаалбыта.

Сокуоннар ханныктарын да иһин, дьаһалтаҕа бэрээдэги олохтууллара, дьаһаах, нолуок хомуллуутун бэрээдэктииллэрэ уонна буруйу оҥорооччулары эппиэккэ тардаллара. Кэлии тойоттор сокуоннары толорботторо, хайдах эмэ гынан тумна сатааһыннара уонна сокуоннар кыра, кыаттарбыт дьону сууттуурга, дьарыйарга эрэ аналлаахтарын курдук өйдөбүллэрэ үөскээн бүтүн Россия үрдүнэн тэнийбитэ олохсуйан хаалбыта.

Россияҕа кэлии дьон, тойоттор туспа өйдөрө-санаалара үөскээбитэ уонна кыаттарбыт дьону, дьадаҥылары, оробуочайдары уонна үлэһиттэри дьонунан да аахпат, кинилэртэн аһара үрдүктүк, улаханнык сананар туспа кылаас өйө-санаата буола үүммүтэ.

Кыаттарбыт, кулукка кубулуйбут, олохтоох дойдуларыгар «инородец» буолбут дьон өйдөрө-санаалара, ити тойоттор өйдөрүн-санааларын утары турарга ананан үөскээбитэ буолан баран, уһун кэмнээх ыар баттал, атаҕастабыл уонна тыыннаах буолуу эбэтэр өлүү-сүтүү соҕотох тойонтон эрэ тутулуктанара, бу муҥнаммыт дьон өйдөрүгэр-санааларыгар туспа уратылары киллэрбитэ. Ол уратылары манныктарга араарыахха сөп:

1. Тойону туох эрэ курдук көрүү, тойоҥҥо ньылаҥнааһын, аһара арбааһын, туох барыта тойонтон эрэ тутулуктааҕын курдук өйдөбүл үөскээһинэ - бу Россия норуоттарыгар олус күүстээх батталтан үөскээбит олохсуйбут былыргы хаалынньаҥ кэмэлдьи. Ити быһыы туох барыта соҕотох тойонтон эрэ тутулуктааҕыттан күүһүрэн «Тойону отунан-маһынан оҥорбоккун» диэн өс хоһоонун үөскэппитэ уонна империализм өр кэмнээх батталын түмүгэ буолар.

2. Тойон өлбүтүн, суох буолбутун, олохтон туораабытын кэнниттэн туох куһаҕаны оҥорбутун хостооһун дьэ саҕаланар. Маннык босхолонуу, олоҕу саҥалыы сыаналааһын, уруккуну төрдүттэн уларыта охсорго дьулуһуу олус күүстээх былаас барыта биир киһи илиитигэр мунньустубута уларыйарыттан үөскүүр быһыы буолар.

Кыра, дьадаҥы, үлэһит дьон өйдөрө-санаалара бу курдук уратылардаммыттарын да иһин, аан маҥнай сэриилээн кыайбыт кэлии дьону, онтон тойону абааһы көрүүгэ, утары турарга аналлаахтара уонна бэйэлэрин төрөөбүт тылларын, омуктарын уратыларын, итэҕэллэрин харыстыыллара.

Бу курдук Россияҕа икки утарыта турар өй-санаа баарын уонна итилэр хаһан да эйэлэспэт кыр өстөөхтөрүн В.И.Ленин таба көрөн олус туһаммыта. Кини салайан оҥотторбут революциятын түмүгэр дьадаҥы, атаҕастаммыт, киһинэн да ааҕыллыбат оробуочайдар, үлэһиттэр өрө тураннар, ыраахтааҕы былааһын уонна ити былаас көмөлөһөөччүтүн, православнай таҥара дьиэтин суулларан баран, өссө үгүс үйэлэргэ атаҕастаммыт иэстэрин ситиһэн, баһылыыр тойон кылааһын эмиэ туох даҕаны харысхала суох үлтү сыспыттара, урукку кэмҥэ бэйэлэрэ хайдах быһыыламмыттарын курдук өлөртөөбүттэрэ - өһөртөөбүттэрэ уонна киэр кыйдаабыттара.

Ыраахтааҕыны бэйэтин тутан ылан кэргэттэрин барыларын 1918 сыллаахха ытыалаан өлөрбүттэрэ.

Большевиктар, үлэһиттэр, дьадаҥы дьон сэриилэһэн кыайан былааһы илиилэригэр ылаат даҕаны олохтоох былааһы бөҕөргөтөн, кэлии дьону былаастан туоратан барбыттара. Олохтоох норуоттар бэйэлэрин республикаларын тэрийиигэ, бөҕөргөтүүгэ туруммуттара. Сотору буолаат большевиктар партиялара маннык политиканы, «олохтооҕумсуйуу» диэн ааттаабыта уонна биир салайар партия ыытар политикатыгар сөп түбэспэт диэн туоратарга ыҥырбыта. Ити кэмҥэ саҥа тэриллибит салайар үлэһиттэр эмиэ урукку тойоттор ыарыыларыгар ылларбыттара, кинилэр санааларыгар соҕотох киһи, биир партия баһылыыр былааһа Россия элбэх ахсааннаах норуоттарын дьаһайарга сөп түбэһэр, ордук курдук буолбута. Большевиктар бүтүн Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн соҕотох киһи, биир партия баһылыыр былааһыгар төннүүлэрэ саҕаламмыта.

Бу былаас уларыйыыта олус күүстээх репрессия түмүгэр ситиһиллибитэ, олохтоох былаастар бары салайар үлэһиттэрэ суох оҥоруллубуттара, хаайыллыбыттара, ытыллыбыттара. Репрессия түмүгэр нуучча омук баһылыыр оруола олус үрдээбитэ, былааһы барытын соҕотох партия, коммунистар партиялара илиитигэр кытаанахтык ылбыта, хас биирдии кыра тойон, салайааччы барылара коммунист буолаллара ситиһиллибитэ. Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын барыларын холбоон, кыра омуктары симэлитэн, соҕотох, сэбиэскэй норуоту оҥоро сатааһын үлэтэ олус күүскэ ыытыллыбыта.

Урукку тойоттор дьаһайар, дьарыйар оруоллара коммунистарга көспүтэ. Аны ити бириэмэҕэ коммунист буолбатах дьон туоратыллар кыра дьонунан ааттаммыттара, үүнэр-сайдар, салайар үлэҕэ кыттыһар дьылҕалара быһыллыбыта. Олохтоохтору салайар үлэҕэ эмиэ, сотору-сотору солбуһа сылдьан үлэлиир кэлии дьону олордуу олус киэҥник тэнийбитэ.

Дойдуну салайыы биир киһи илиитигэр киирбитин да иһин дьон өйө-санаата икки аҥы арахсыыта эмиэ саҕаламмыта. Маннык арахсыы туспа «номенклатурнай» диэн ааттаах саҥа тойоттор, салайааччылар кылаастара үөскээһинигэр тиэрдибитэ.

Дойдуга үөскээбит маннык балаһыанньаны туоратарга аны кыра революция, уларыта тутуу наада буолбута. Бу революция эйэлээхтик «перестройка» диэн ааттанан уһуннук барбыта уонна эмиэ кыра, үлэһит дьон кыайыыларынан, Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитинэн, элбэх «суверенитеттар», тус-туспа государстволар эйэлээхтик үөскээһиннэринэн түмүктэммитэ.

Россия сүүрбэттэн тахса сыл устата демократия олоҕор олоруута тус-туспа норуоттар сайдыылара тус-туспатык барыахтаах кэмэ кэлбитин арылыччы арыйда. Салайар былаастаах элбэх ахсааннаах нуучча норуота мөлтөөһүнүн кэмэ кэлиитэ, экономиката хаалыытыттан, биир тылы булумматтан уонна ахсаан өттүнэн эбиллибэтиттэн, көҕүрээн иһиититтэн тутулуктаах. Демократия тутаах сокуонунан ахсааннара эбиллэн иһээччилэр баһылыыр оруолга сыыйа тахсан иһиэхтээхтэрэ Россияҕа билигин тутуһуллубат.

Бу кэмҥэ Россия салайар үлэһиттэригэр урукку тойон өйүн-санаатын тобоҕо син-биир иҥэн сылдьар. Саҥа тойоттор, син-биир урукку тойоттор курдук ханнык даҕаны сокуоннары, дуогабардары билинимиэхтэрин баҕараллара, бу өй-санаа сүгүн сүппэтигэр тириэрдэр.

Бу өй-санаа дьайыытынан соҕотох биир партия, тойоттор партиялара салайар кэмигэр эмиэ эргийэн кэллэ.

Россияҕа күүһүнэн хам тутуллан бэйэ-бэйэлэрин кытта бииргэ олорорго күһэллэр элбэх республикалардаах. Бу республикалар сорохторо ханнык да барыстаах үлэни-хамнаһы сайыннарбаккалар, аҥардастыы Россия бюджетын көмөтүгэр олороллоро, утарааччылар элбэх террактары оҥороллоро экономика сайдыытын, дьон өйө-санаата тупсуутун хааччахтыыллар.

Тойон туспа өйө-санаата үөскээһинин сахалар олохторун үөрэҕэ «Бил баһыттан сытыйар» диэн өс хоһоонунан быһаарар. Бу өс хоһоонун быһаарыытынан баай дьон оҕолорун «Көҥүлүнэн барыы» өйүгэр-санаатыгар иитэннэр, ханнык да сиэри-туому тутуспат, дьону кытта уопсай тылы кыайан булбат, быстах быһыылаах буола улаатыннараллар. Маннык өйгө-санааҕа иитиллибит эдэрдэр үгүстэрэ арыгыһыт буолбатахтарына, быстах быһыыларга түбэһэллэрэ элбиириттэн баай дьон оҕону иитэр ньымалара үлэһиттэри, омук ахсаанын элбэтээччилэри иитиигэ-үөрэтиигэ букатын сөп түбэспэт.

Омуктар олохторун суолугар сайдыыны ситиһии кэмэ уонна мөлтөөһүн, үрэллии кэмнэрэ хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэрин таба өйдөөн, оннук кэмҥэ түбэспити таба сыаналаан, уларыйыы кэлбитин ылыныллр. Билигин дьон-аймах өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр омуктарга маннык кэм кэлиитигэр ордук тулууру уонна сокуоннары тутуһууну күүһүрдэн биэрии, демократия үөрэҕин тутуһуу ирдэнэр.

Хас биирдии киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан салайтаран Конституцияттан саҕалаан, сокуоннары толоро үөрэннэҕинэ, бу курдук, кыайбыттар уонна кыаттарбыттар диэн өй-санаа икки аҥы арахсыыта сыыйа симэлийэн барыан сөп. Хас биирдии тойон салайар дьонун олохторун биллэҕинэ, кинилэр тустарыгар дьиҥнээхтик кыһаннаҕына уонна дойду сокуоннарын, дуогабардарын атын көннөрү, кыра дьоннооҕор ордук кытаанахтык тутустаҕына эрэ тойоттор туспа өйдөрө-санаалара бары дьон өйдөрүттэн сыыйа-баайа сүтэн барыа этэ.

Россия дьонун өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан барыытыгар олус былыргы кэмнэртэн уларыйбакка сылдьар кэлии дьон баһылааһыннара суох буолара улахан туһаны аҕалар. Бары салайааччылар бары бүттүүн куоластааһынынан быһаарыллан, кээмэйдэммит бириэмэҕэ талыллан үлэлииллэрэ, уларыйаллара сыыйа-баайа дьон өйүн-санаатын көннөрөр.

Дьон өйө-санаата сайдыыта кэмиттэн кэмигэр уларыйан өй уонна күүс хардары-таары солбуйсан салайар, баһылыыр кэмнэригэр кииртэлээн ааһар. Өй-санаа олоххо хаалыыны, “застойу” үөскэттэҕинэ, сайдыы суолун ыйан, сирдээн биэрбэтэҕинэ, утарар күүс үөскээн, олоххо уларыйыылар тахсаллар. Күүс баһылаан салайар кэмигэр дойдуларга хамсааһыннар, долгуйуулар үөскүүллэр, ким баһылаан салайыытын былдьаһар кэм тиийэн кэлэр. Бу кэмҥэ мөлтөөбүт, ахсаабыт омук эйэлээхтик, быыбардар көмөлөрүнэн туоруо этэ, туораабатаҕына күүс көмөтүнэн туоратыахтарын сөп.

Олус былыргы кэмнэртэн күүс дойдуларга армия, сэрии күүһүгэр мунньуллар. Дойдулар икки аҥы арахсыылара, утарыта туруулара армияны, сэриини күүһүрдэн иһэллэрин үөскэтэрэ күүс мунньулларыгар тириэрдэр. Саҥаны айыыны элбэхтик туһанан үгүс саҥа сэрии сэптэрин оҥостуу улахан Аан дойду сэриитин саҕалыырыттан сэрэниллэр.

Россияҕа бу кэмҥэ икки утарыта күүстэр бэйэ-бэйэлэригэр утарыта туруулара күүһүрэн иһэр. В.В.Путин баһылыктаах центристэр салайар былааһы ылан баран сайдыыны, уларыйыылары ситиһэ сатааччы уҥалары былааска чугаһаппакка, туората сатыыллара былааһы сөбүлээбэттэри элбэтэр. Бу икки өрүт күөнтэһиитигэр центристэр баһылаан иһэр курдуктар эрээри, православнай таҥараны аҥардастыы өрө тутууга салаллан хааланнар, сайдан, уларыйан иһэр олоххо халыйыыны үөскэттилэр.

Православнай таҥараны итэҕэйээччилэр билигин аатыгар эрэ элбэх курдуктар. Ыраахтааҕы былааһын саҕана аҥардастыы баайдар, эпписиэрдэр диэки буолбут, үлэһиттэри ытыалатыыга кыттыспыт православнай таҥара үлэ дьонугар ханнык да туһата суоҕа быһаарыллыбыта ыраатта, ол иһин итэҕэйээччилэр аҕыйахтар.

Россияҕа элбэх оҕону оҕолонор мусульманнар ахсааннара хас сыл аайы биллэрдик эбиллэр. Мусульманнар ахсааннара эбиллэриттэн күүһүрэн, атын дойдуларга тарҕанан, баттааһыны оҥорон иһэллэр. Бу хамсааһын Аан дойду үрдүнэн барытынан тарҕанна.

Мусульманнартан ордук куттанар Европа сайдыылаах дойдулара православнай таҥаралаах нууччалар диэки буолалларын ордоруохтарын сөп.

Россияҕа мусульманнары кытта күөнтэһииттэн, үтүрүссүүттэн күүс ылан национализм сайдарыгар кыах баар буолан иһэр. Биир партия салайыыта, аҥардастыы баһылыы сатааһына, бу күүстэргэ сайдалларыгар, тарҕаналларыгар төрүөт буолан кыах биэриэн сөп. Россия иһигэр утарыта турар күүстэр мунньуллан иһэллэр.

Армия аһара күүһүрүүтэ кэккэлэһэ олорор дойдуларга ыар баттааһыны оҥороро улаатта. Сэбиэскэй кэмҥэ атын республикаларга тарҕанан олорбут нууччалар баһылыыр былаастарын сүтэриилэрин сөбүлээбэккэлэр, күүс, көмө көрдүүллэрэ элбээһинэ, кыра, “Эйэҕэ күһэйии” сэриилэрин саҕалыырга төрүөт буолаллар.

Бу кэмҥэ Россияҕа утарыта турар күүстэр эмиэ мунньуллан, эбиллэн иһэллэр. Аһара күүһүрэн хаалбыт армиялаах Россияны Кытай сэриилэрэ эрэ кыайыахтара, тохтотуохтара диэн баҕа санаа атын, нууччалартан улаханнык куттанар дойдуларга үөскүүрүгэр сөптөөх балаһыанньа баар буолан иһэр.

Үөрэх, билии сайдыбытынан туһанан урукку, сүүрбэһис үйэ национализмын үөскээбит төрүттэрин билигин үөрэтэн билэртэн, аны оннук балаһыанньаҕа киирэн биэрбэт инибит диэн саныыллар эрээри, саҥа үйэҕэ, саҥалыы өй-санаа сайдыыта төһө да уратыламмыттарын иһин “Все новое - это хорошо забытое старое” диэн этиигэ дьон олохторугар тахсар уларыйыылар үгүстэрэ сөп түбэһэллэр.

Дьон аймах Аан дойду иккис сэриитэ үөскээбит төрүттэрин билэллэрин да иһин, саҥа, уруккуттан атын, уларыйбыт олоххо ураты көрүҥнээх национализм кэлэригэр бэлэмнэрэ суох. Өй-санаа хойутаан киирэрэ, “Өлөн иһэн өйдөммүт” диэн сахалыы этиллэрэ хаһан да уларыйбат, саҥа, тупсубут национализм хайдах көрүҥнээх буолан тахсара билигин биллибэтэ улахан уустуктары үөскэтэр. Ханнык баҕарар саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана өр сылларга олоххо боруобаланнаҕына эрэ биллэр, дьон бары үчүгэйин чахчы итэҕэйдэхтэринэ биирдэ үрүҥ, үчүгэй диэн этиллэр, олохторугар туһанар кыахтаналлар, онтон куһаҕана, харата биллэн таҕыстаҕына туораталлар, умналлар.

Сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрин тутуһуу эрэ саҥаттан саҥа саҥаны айыылар кэлэн иһэллэриттэн олоххо тосту уларыйыылар киириэхтэрин сөбүттэн сэрэтэр, харыстыыр аналлаах. (2,16).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Үлэ - олох үөрэҕэ. - Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. - 100 с.

2. "Туймаада саҥата" хаһыат. 1.12.2000.