Рона Алие
Алие Рона (төрөөбүт араспаанньата Диллигиль, 1921 сыллаахха төрөөбүтэ, Сирия — 1996 сыллаахха атырдьах ыйын 29 күнүгэр өлбүтэ) — турок норуотун биллиилээх артыыһа. Киинэҕэ уһуллара уонна тыйаатырга оонньуура.
Биографията
Алие Рона Сирияҕа Даръа диэн дьоҕус куоракка Рамиз бей диэн тимир суолун үлэһитэ уонна Сервиназ ханым диэн дьиэ хаһаайкатын дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Алие Рона Авни Диллигиль диэн бииргэ төрөөбүт бырааттаах этэ. Кини кэлин эмиэ биллиилээх артыыс буола үүммүтэ. Аҕата тимир суолга үлэлиир буолан, сотору сотору үлэлиир сирин уларыта сылдьара. Ол түмүгэр, кэлин тиһэҕэр ыаллар Стамбул куоракка көһөн кэлэн олохсуйбуттара. Алие Рона Бейоглу куоракка баар кыргыттар киэһээҥҥи оскуолаларын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ.
Кини 1930 -с сыллар саҕаланыыларыттан саҕалаан Кадыкея тыйаатырыгар артыыс быһыытынан үлэлээбитэ. Тыйаатырга дьоҕус уонна тэттик оруолларга оонньуура. Онно үлэлии сылдьан кэлин эрэ буолбут Зихни Рону көрсүбүтэ.
Киинэҕэ аан бастаан 1947 сыллаахха уһуллубута. Алие сүрүннээн иккис былаан оруолларын оонньуура. Кини амплуата куһаҕан дьахтар, куһаҕан ийэ этэ. Холобур, ол дьахтар оҕолорун буруйу оҥороно үөрэтэрэ уонна күһэйэрэ.
Алие барыта холбоон 204 киинэҕэ уһуллубута. Үс төгүл «Золотой апельсин» бириэмийэ лауреата буолбута.
Кини 1996 сыллаахха атырдьах ыйын 27 күнүгэр Стамбул Пендик оройуонугар олорон өлбүтэ. Караджаахмет кылабыыһатыгар көмүллүбүтэ.
Сигэлэр
https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%A0%D0%BE%D0%BD%D0%B0,_%D0%90%D0%BB%D0%B8%D0%B5