Пётр Петрович Колосов
П.П. Колосов
Пётр Петрович Колосов
Рентгенолог быраас
Рентген оччотооҕу Советскай Союзка саҥа үөрэтиллэр, бастакы туһаныллар сылларыттан кыттыыны ылбыт, быһата, олоҕун бүтүннүү анаабыт Саха киһитэ баара. Кини туһунан биир дойдулаахтарыгар, ыччатарга иһитиннэрэр наада дии саныыбын.
П.П. Колосов оҕо сааһа
Петр Петрович 1916 сыллаахха Хаҥалас улууһун II Мөҥүрүөн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бастаан төрөөбүт нэһилиэгэр Иван Егорович Скрыбыкин диэн аатырбыт учууталга маҥнайгы кылаастан төрдүһү бүтэриэр диэри, онтон 1931 сыллахтан Бүтэйдээххэ колхозтаах ыччат оскуолатыгар үөрэнэн 7 кылааһы бүтэрэр. Салгыы Дьокуускайдааҕы мединцинскэй техникумҥа үөрэнэр 1937 сылаахха бүтэрээт да, ити сыл Иркутскайдааҕы мединцинскэй институкка туттарсан үөрэнэ киирэр.
Эдэр сааһа
1941 сыллаахха бу институту бүтэрэн, врач идэтин ылар. Петры үөрэҕин бүтэрээтин кытта, 1941 сыллаахха Япония кыраныыссатыгар байыаннай врач чааска бырааһынан ыыталлар. Манна кини 1945 сыл куһунугэр диэри сулууспалыыр, Хайлар куораты ылыыга сэриигэ кыттар. Японияны кыайыы кэниттэн байыаннай врач П.П. Колосовы Арҕаа ыыталлар. Кини манна идэтинэн хас да сыл эҥкилэ суох сулууспалаан, бэйэтин үчүгэй бэлэмнээх специалист быһыытынан көрдөрөр. Онтон салгыы үөрэнэн рентгенолог идэтин баһылыыр, элбэҕи билэр-көрөр. Ити саҕана рентген саҥа олохтонон туттуллар буолан эрэр кэмэ. Петр Петрович саҥа идэтигэр эмиэ дьоҕурдааҕа көстөр. Онон ити сылларга Советскай Союз бастыҥ байыаннай врачтарын, үрдүк кылаастаах физик специалистарын кытта уһун кэмнээх чинчийэр-үөрэтэр командирвкаларга сылдьыһар.
Омук сиригэр үлэтэ
1955 сыллаахха Чехословакияҕа сылдьыһар. Маны таһынан хирурунан ананан, тус бэйэтэ тутан-хабан элбэх уустук операцияны оҥорор.
Олоҕун түмүгэ
Саха бастакы рентгенолог-враһа, медицинскэй сулууспа подполковнига П.П. Колосов талан ылбыт идэтинэн үлэлии сылдьан, Краснодар куоракка 1963 сыллаахха, баара-суоҕа 47 сааһыгар, ыалдьан өлбүтэ. Кэргэннээх, икки уол оҕолоох этэ. Кинилэр билигин Краснодар куоракка олороллор.
Ол гынан биири этиэххэ сөп, Петр Петрович Колосов байыаннай медицинскэй сулууспата, үлэтэ Саха эмтээһиҥҥэ дьоҕурдааҕын көрдөрөр элбэх холобурдартан биир чаҕылхайдара диэн.
Туһаныллыбыт литература
- И. И. Неустроев - "Саха сатаабатаҕа диэн суох" Дьокуускай к. 2000 с.
- Семен Петрович Колосов - интервью
Ыстатыйаны суруйда ХИФУ МИ-ЛД-104/2 устудьуона Байбал Тихонов
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |