Пити Адам
Адам Пити (ааҥл. Adam George Peaty, 1994 с. ахсынньы 28 күнүгэр Улуу Британия Аттоксетерыгар төрөөбүт) — Британия харбыы:ыта, аан дойду үс төгүллээх, Дьобуруопа аҕыс төгүллээх чөмпүйүөнэ, кылгас кэрчиккэ Аан дойду чөмпүйэнээтин үс төгүллээх үрүҥ көмүс призера, Содружество оонньууларын икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, 50 уонна 100 миэтэрэҕэ браһынан харбааһыҥҥа аан дойду рекордсмена.
Биографията
Адам Пити Дьобуруопа чөмпүйэнээтигэр аан бастаан 2013 сыллаахха кыттыыта эрээри, бириистээх миэстэҕэ тиксибэтэҕэ.
2014 сыллаахха Содружество оонньууларыгар 2 кыһыл көмүс уонна 1 үрүҥ көмүс мэтээлгэ тиксибитэ[1]. Ол кэнниттэн Дьобуруопа чөмпүйэнээтигэр кытта 4 кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. Онтун ааһан 50 миэтэрэҕэ браһынан харбааһыҥҥа аан дойду рекордун олохтообута. Аан дойду кылгас ууга (на короткой воде) чөмпүйэнээтигэр үс үрүҥ көмүс мэтээли иилиммитэ. Эмиэ ол сыл Адамы Дьобуруопаҕа сыл бастыҥ харбыыһытынан ааттаабыттара[2]
2015 сыллаахха национальнай чөмпүйэнээккэ 100 миэтэрэҕэ браһынан харбааһыҥҥа аан дойду рекордун олохтообута. Аан дойду чөмпүйэнээтигэр 100 миэтэрэҕэ харбааһыҥҥа бастаабыта[3]. Ол кэннэ полуфиналга 50 миэтэрэҕэ харбааһыҥҥа аан дойду рекордун олохтообута[4], оттон финалга тахсан эмиэ ити кэрчиккэ бастаабыта[5]. Эмиэ ити күрэхтэһиигэ булкаас эстэпиэтэҕэ үһүс кыһыл көмүс мэтээлин сүүйбүтэ уонна аан дойду рекордун олохтообута.
2016 сыллаахха Бразилия Рио-де-Жанейротыгар буолбут Олимпиадаҕа финалга 100 миэтэрэни барһынан харбааһыҥҥа 57,13 сөкүүндэнэн кэлэн, аан дойду рекордун олохтообута.
Быһаарыылар
Бу күөн-күрэскэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |