Палеоазиаттар
Палеоазиат омуктар эбэтэр палеоазиаттар (былыргы азиаттар) — билигин эргэрбит этнография тиэрминэ, нуучча этнограба (гипотеза быһыытынан) Л. И. Шренк Куриил уонна Дьоппуон арыыларыгар олохтоох хас да хотугу омугу (чукчалары, кэрээктэри, айналары уо.д.а.) бэлиэтээри айбыта.
Төрүөтэ
Туһунан бөлөххө араарыы төрүөтүнэн бу омуктар тыллара этнография, ительменнэр, кэрээктэр, кэриэктэр уонна чукчалар эрэ биир төрүттээхтэрэ быһаарыллыбыта, онон бу бөлөх билигин да хотугулуу-илиҥҥи палеоазиаттар диэн ааттанар, оттон тыллара чукотка-камчаатка тылларын кэргэнигэр түмүллэр. Алеут уонна эскимос тыллара бэйэ-бэйэлэрин ыккардыгар чугастар диэн үгүс чинчийээччилэр бэлиэтииллэр, уонна туспа бөлөххө киллэрэллэр. Дьүкээгир тылыгар ураал тылларын түҥ былыргы сорҕото баарын үгүс чинчийээччилэр бэлиэтииллэр, онно олоҕуран дьүкээгир тыла ураал-дьүкээгир тылын кэргэнин үөскэтэр дииллэр. Нивхэлэр тыллара ханнык да атын билигин баар тылга майгыннаабат.
Антропология өттүттэн
Тас көрүҥнэринэн палеоазиат омуктар майгыннаһар өрүттэрэ элбэх. Байкаал уонна арктика тииптээх монголидтар. Археология дааннайдара көрдөрүнэн Сибииргэ көстүбүт үөһээ палеолит стоянкаларын дьоно эмиэ монголоидтар. Генетика чинчийиилэрэ этэринэн монголоид көрүҥнээх былыргы киһи Киин Азияҕа үөскээбит уонна Сибииргэ Монголияны кытта тэҥҥэ эрдэтээҥҥи таас үйэҕэ олохсуйбут.
Омуктар тиһиликтэрэ
Палеоазаттарга маннык омуктары барыллаан киллэрэллэрэительменнэр, чуван, нивхэлэр, кеттэр уонна айналар.
Литэрэтиирэ
- Палеоазиатские народы // Большая советская энциклопедия : [в 30 т.] / гл. ред. А. М. Прохоров. — 3-е изд. — М. : Советская энциклопедия, 1969—1978.
- Шренк Л. И., Об инородцах Амурского края, т. 1—3, СПБ. 1883—1903;
- Левин М. Г., Этническая антропология и проблемы этногенеза народов Дальнего Востока. М., 1958.
Быһаарыылар
- ↑ БСЭ,Палеоазиатские народы