Оҕо литэрэтиирэтин тылбааһа
Оҕо айымньыта араас литэрэтиирэ көрүҥүн, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи уонна улаатан эрэр оҕолор кинигэлэрин холбуур. Оҕо литэрэтиирэтэ ускуустуба буолар. Уус-уран айымньы уонна ускуустуба (кинигэ, хартыына, муусука) оҕо майгыта-сигилитэ сайдарыгар улахан оруоллаахтар. Кинилэр оҕоҕо араас иэйиини уһугуннараллар, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаны олохтууллар.
Оҕоҕо аналлаах айымньы уус-уран сиһилиир ньыматын арааһа улаатан эрэр оҕо иитиитигэр сүдү суолталаах. Оҕо литэрэтиирэтэ улахан тыл маастардарынан айыллыбыт. Ол эрэн, оҕолор уопсай литэрэтиирэттэн ааҕалларын эмиэ сөбүлүүллэр. Холобура, А.С.Пушкин остуоруйаларын, И.А.Крылов үгэлэрин, А.В.Кольцов ырыаларын уо.д.а. А.М.Горький этэринэн “...оҕо литэрэтиирэтигэр айылҕа күүһэ, доруобуйа, уһун олох, эйэлээх буолуу, сайдыы ” – барыта баар буолуохтаах диэн этэр.
Омук дойдуларын оҕоҕо аналлаах айымньыларын биһиги К.И.Чуковскай, С.Я.Маршак о.д.а. суруйааччыларбыт көмөлөрүнэн билэбит. Маршак оҕо литэрэтиирэтигэр оруола улахан, кинини ордук оҕо суруйааччытынан ааҕаллар. Маршак тылбаастарын көмөтүнэн элбэх аангылыйа, шотландия айымньыларын билэбит.
Оҕо айымньытын тылбааһыгар улахан болҕомтону уурбут швед тылын үөрэхтээҕэ Гете Клингберг буолар. Учуонайдар этэллэринэн, оҕо оскуолаҕа киириэн иннинэ уус-уран айымньыны сырдык кырааскаларынан эрэ буолбакка, ис хоһоонунан эмиэ ордук интэриэһиргиир кэмэ буолар.
Ханнык баҕарар уус-уран айымньыны тылбаастыырга, ааҕааччылар өйдүүллэрин курдук, ааптар иэйиитин, ис санаатын тиэрдэ сатыыллар. Оҕо кинигэтигэр идиэйэни сүрүн дьоруой илдьэ сылдьар. Ааптар иэйиитин сүрүн дьоруой нөҥүө тиэрдэллэр. Биллэрин курдук, оҕоҕо айымньы дьоруойдара, иэйиилэрэ, туттуулара-хаптыылара улахан суолталаах. Дьоруойга сыһыаны оҕо ааптар кинини хайдах уобарастаабытыттан көрөн билэр. Ол иһин уобараһы сөптөөхтүк уонна өйдөнүмтүө гына биэриэххэ наада.
Тылбаасчыт оҕо айымньытын тылбаастыырыгар оҕо бу айымньыны хайдах ылынарын саныахтаах. Оҕо айымньытын тылбаастыырга хайдах иһиллэрэ ордук улахан оруоллаах. Үксүгэр кыра оҕолорго улахан киһи ааҕан биэрэр. Оҕо айымньытыгар тылбаастаммыт тиэкис уруһуйа оригиналыттан атын буолуон сөп. Оҕо литэрэтиирэтин тылбаастыырга, тылбаасчыт төһө кыалларынан оригиналыгар сөп түбэһиннэрэ сатыыр.
Оҕо айымньытын тылбааһыгар сүнньүнэн маннык ирдэбиллээх: 1) Оҕо айымньытын тылбаастыырга уобараһы хаалларыы. Оригиналга баар уобараһы хаалларыыга хас да ньыма баар. Уобараһы хаалларыы бүтүн айымньы тылбааһыттан тутулуктаах. Айымньы истиилэ тылбааһыгар уларыйар буоллаҕына уобарас эмиэ уларыйар. 2) Оҕо айымньытын тылбаастыырга истиил уратыта. Уус-уран айымньыга суругунан да, тылынан да элбэх саҥарыы туттуллар. Оҕо айымньытын идеятын, дьоруойдары чуолкайдык ойуулуохха, этиэххэ наада. Оҕолор аһаҕастык ылыналлар уонна санаарҕыыллар. 3) Оҕо литэрэтиирэтин тылбаастыырга эмоцияны сөпкө тириэрдии. Эмоцияҕа – үөрүү, хомойуу, кыыһырыы, долгуйуу, соһуйуу, оттон иэйиигэ – таптал, абааһы көрүү, убаастабыл о.д.а. киирсэр. Айымньыга ханнык эмэ киһи саҥата эмоцияны, иэйиини аҕалар. Ол иһин тылбаастыырга оригиналга баар иэйиини тылбасчыт тиэрдэ сатыахтаах. Онон, толору сөптөөх тылбааһы ыларга, айымньы ис хоһоонун үчүгэйдик өйдүөххэ, дьоҥҥо тиэрдиэххэ наада.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |