Оҕо күүтээччилэргэ 100+1 сүбэлэр
«Оҕо күүтээччилэргэ 100+1 сүбэлэр» кинигэттэн, 1998 сыл, Минск.
Ааптар Зайцев Сергей Михайлович, педиатр-быраас.[1]
Ийэ буолуу суолтата
Ийэ буолуу – бу хас биирдии дьахтар олоҕор суолталаах уонна эппиэтинэстээх түһүмэх. Ийэ буоларга бэлэмнэнии, кэрэ иэйии кыыска оҕо эрдэҕиттэн биллэр. Кырачаан кыыс тапталлаах куукулатын эбэтэр куоскатын ороҥҥо утута сытыарарыттан, истиҥ тыллары саҥарарыттан, ийэ оҕотугар анаан ыллыыр биһик ырыатын үтүктэн толороруттан.
Хас биирдии ийэ буолаары сылдьар дьахтар доруобай оҕону төрөтүөн, бүөбэйдиэн баҕарар. Онон хат дьахтар анал диетаны тутуһара доруобай оҕо төрүүрэ мэктиэлэнэр. Хат дьахтар тугу аһыырыттан кини төрүөхтээх оҕотун организма сөпкө сайдара тутулуктаах. Холобура, дьахтар аһылыгын рационугар белок уонна калорий тиийбэт түгэнигэр, бүтэһик үс ыйга оҕо мэйиитин сайдыытыгар харгыстары үөскэтэр, онтон фолиевай кислота итэҕэһиттэн оҕо тоноҕоһо токуруйуулаах буолуон сөп. Онон дьахтар оҕо күүтэр, төрүүр уонна төрөөһүн кэннинээҕи туруга төһө сөпкө аһыырыттан улахан тутулуктаах.
Хат дьахтар аһылыгын рационун таларыгар ханнык быраабылалары тутуһуохтааҕый?
1. Тоҕус ый устата эн оҕоҕор «ас саамай үчүгэй куһуогун» бэрсиэхтээххин.
2. Тэҥ калорийдаах астар хаачыстыбаларын сөпкө араарар буолуохтааххын. Холобур, 100 калорийдаах ууга буспут хортуоппуй 100 калорийдаах хортуоппуй чипсыттан туһата быдан элбэх.
3. Оҕо күүтэр дьахтар аччыктыа суохтаах. Эн аһыаххын баҕарбатаҕыҥ иһин, оҕоҥ аһыан баҕарарын өйдөө. Өскөтүн кыркаҕыҥ кыынньар (изжога) буоллаҕына, күннээҕи нуормаҕын алта кыра өлүүгэ арааран аһаа.
4. Сыата суох үүтү, эти талан сиэ, ыһаарыламмыт ас оннугаруугар буспут аһы сиириҥ ордук. Бутербродуҥ арыытын чараастык биһэн сиэ.
5. Калорийдаах, иҥэмтиэлээх астарыаһаа. Холобур, эриэхэни, авокадоны, хатарыллыбыт оҕуруот аһын уонна фруктаны элбэхтик сиэ. Бэйэҥ рациоҥҥар оҕо күүтэр дьахтар организмыгар толору эппиэттэһэр астары аһыыргын сүбэлиибит. Холобур, хаппыыста (С битэмиин, кальций), йогурт уонна лосось (белок, кальций), хатарыллыбыт абрикос (железо).
6. Сибиэһэй фрукта эйигин уонна оҕоҕун элбэх битэмиининэн хааччыйыаҕа, В битэмиин, минераллар, белок уонна клетчатка хат дьахтары сахарнай диабет кутталыттан көмүскүөхтэрэ.
7. Күннээҕи рациоҥҥар саахары, минньигэһи, бурдук астары сибиэһэй фруктанан солбуйар наада. Сибиэһэй фруктаҕа сыаната биллибэт битэмиин уонна минерал олус элбэх.
8. Дьиэ кэргэниҥ эн биир санаалаахтарыҥ «союзниктарыҥ» буолуохтаахтар. Бары биир диетанан-доруобай туһалаах аһылыгынан аһаан дьоллоох, доруобай дьиэ кэргэн буоларгыт, кэлин оҕолор улааталларыгар, үүнэллэригэр-сайдалларыгар туһалаах буолар.
9. Куһаҕан дьаллыктартан (кофеин, табах, арыгы, күүстээх эмп, наркотик) аккаастаныҥ.
Хат дьахтар кальцийга, А битэмииҥҥэ күннээҕи наадыйыыта
Кальций былчыҥ, сүрэх, саҥа сайдар ньиэрбэ утахтарыгар, хаан бөлөнөхсүйүүтүгэр, уҥуох тутулугар наадалаах. Эн кальцийы күҥҥэ түөрт дозаны эбии эбиниэхтээххин. Өскөтүн оҕоҕо кальций тиийбэт түгэнигэр ийэ аҕыйах кальцийы истэҕинэ, оҕо кальцийын ийэ уҥуоҕуттан толорунар. Ону таһынан элбэх кальций гипертонияны бохсор.
Биир күҥҥэ 4 ыстакаан үүтү иһэри сүбэлиибит. Үүтү сөбүлээбэт буоллаххытына курууска йогурту, сыыр куһуогун эбэтэр дьиэ иэдьэгэй сиэн күннээҕи кальцийынан организмҥын толорун. Онтон өскөтүн үүт аһы төрүт сөбүлээбэт буоллаххына кальцийынан баай астары: лосось, сардины, ууга буспут фасоль, хаппыыста, хатарыллыбыт фига, миндаль, ойуур эриэхэтэ, арахис, хатарыллыбыт фрукталар.
Хат дьахтар күөх үүнээйилэртэн, араҕас өҥнөөх оҕуруот аһыттан: дыня, моркуоп, сүбүөкүлэ отуттан, цикорий, салат от сэбирдэҕиттэн бүлүүдэлэри сиэтэҕинэ А битэмиини күннээҕи рационугар толорунар. А битэмиининэн хаппыт абрикос, араҕас персик, манго, папайа о.д.а.баайдар.
А битэмиин оҕо улаатар клеткатыгар, доруобай тириилэнэригэр, уҥуох кытаатарыгар, харахтарыгар сүҥкэн туһалаах. Күөх үүнээйилэр уонна араҕас өҥнөөх оҕуруот астара атын битэмииннэринэн эмиэ баайдар, холобур, Е битэмиин, фолиевой кислота, В6 битэмиин, минераллар уонна клетчатка толору баар.
Битэмииннээх, иҥэмтиэлээх аһылыгы аһаан ийэ уонна оҕо доруобай буолуҥ!
Туһаммыт литература:
Быһаарыылар
- ↑ «Оҕо күүтээччилэргэ 100+1 сүбэлэр» кинигэттэн, 1998 сыл, Минск. Ааптар Зайцев Сергей Михайлович, педиатр-быраас.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |