Оҕо буолан бүтүү
Киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата тус-туспаларын, икки өрүтүн үөскэтэллэрин оҕо улаатан истэҕинэ этигэр-сиинигэр уонна өйүгэр-санаатыгар киирэр уларыйыылартан билэбит.
Оҕо буолан бүтүү киһиэхэ хайаан да кэлэр уларыйыы буолар уонна “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өрүттээх тутулуктаах:
1. Эт-сиин улаатыыта.
2. Өй-санаа эбиллиитэ, сайдыыта.
Бу тутулуктары төһө кыайарбытынан дириҥник ырытан көрүөхпүт:
1. Эт-сиин улахан киһи курдук көрүҥнэниини кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ ситиһэр, арай кэмигэр аһааһын эрэйиллэр уонна киһитийии, киһи курдук көрүҥнэнии диэн ааттанар. Оҕо улаатан хааман, сүүрэн бардар эрэ киһитийиини ситиһэр.
Оҕо буолан бүтүү, оонньуу сылдьыыны хаалларыы, үөрэҕинэн, үлэнэн дьарыктаныы кэмэ оҕоҕо баҕарбатаҕын да иһин тиийэн кэлэр. Эт-сиин иҥэмтэлээх аһылыгы аһаатаҕына кэмигэр улаатан оҕо улахан киһи курдук көрүҥнээх буолууну өйө-санаата букатын сайдыбатаҕына даҕаны ситиһэр. Киһи курдук көрүҥнээх эрэ дьон баалларын сахалар “Киһи буолбатах”, “Киһи курдук көрүҥнээх” диэн өйө-санаата сайдыан сөбүн биллэрэн сымнаҕастык этэллэр, кэтэһэр санааларын хаһан да хаалларбаттар.
Оҕо этэ-сиинэ улаатан улахан киһиэхэ маарыннаатаҕына оҕо буолан бүтэрэ кэлэрин улаатан иһэн билэ сылдьыа этэ. Үлэҕэ-хамнаска үөрэнии сыыһа-халты туттунуулары, аһара барыылары суох оҥорон оҕо буолан бүтүүнү түргэтэтэр. Эт-сиин хамсаныыларга эрчиллэрин тэҥэ, өйө-санаата, буор кута сайдыыта түргэтиир, саҥа хамсаныылары баһылыыр кыаҕа улаатар.
Этэ-сиинэ үлэлии-хамсыы үөрэммэтэҕинэ даҕаны оҕо син-биир улаатар эрээри араас хамсаныылары оҥорор кыаҕа кыра буолан сытарын, олорорун сөбүлүүрэ элбиир. “Үлэ-олох үөрэҕэ” диэн этии хаһан да уларыйбат, үлэ эрэ омугу сайыннарар.
2. Оҕо буолан бүтүү өйтөн-санааттан тутулуга улахан. Өй-санаа сайыннаҕына, тубустаҕына, улаатан иһэн улахан киһи өйүгэр-санаатыгар уларыйдаҕына, киһи буолууну ситистэҕинэ оҕо буолан бүтүү биирдэ кэлэр. Өй-санаа ситэ сайдыбакка, кыра эрдэҕинээҕиттэн уларыйбакка хааллаҕына “Отох киһи” буолуу тиийэн кэлиэн сөп.
Оҕо буолан бүтүү саамай улахан уратытынан ким эрэ, улахан киһи илииттэн сиэтэ сылдьыыта, барыны-бары ыйан-кэрдэн биэриитэ тохтуур, ону-маны барытын оонньуу курдук санааһына суох буолар. Итини тэҥэ, куруук хайгыы, киһиргэтэ, өрө тарда сатааһын тохтооһуна, “улахан киһи курдук үчүгэйдик оҥор” диэн модьуйуу киириитэ оҕо буолан бүтүүнү биллэрэр.
“Кыра оҕо курдук” диэн этии бэйэтэ кыайан туһалаах быһаарыыны ылыммат, ким эрэ этэн, көрдөрөн биэрэрин кэтэһэ сылдьар киһини биллэрэр. Оҕону иитии хаалбытын бэлиэтинэн ийэлэрин эппитинэн, батыһа сылдьар эдэрдэр элбээһиннэрэ буолар.
Төрөппүт оҕотугар “Улаатан иһэҕин”, “Кыра оҕо буолан бүт” диэн этиилэрэ оҕо улахан киһи буолууну ситиһэригэр олук, баҕа санаа буолан кыра эрдэҕиттэн үөскүүллэрин ситиспит төрөппүттэр оҕолоро улааттаҕына санаарҕаабакка эрэ сылдьар кыахтаналлар.
Улахан киһи оҕо буола сылдьыбытын, оонньообутун хаһан да умнубат, быстах-остох өйдөбүллэр өйүгэр-санаатыгар иҥэн сылдьаллар. Ол барыта оҕо өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕинэ элбэх үгэстэр үөскээһиннэриттэн уонна умнуллубаттарыттан тутулуктаах.
Эстибит сэбиэскэй былаас кэмин саҕаттан оҕону атаахтатан, маанылаан иитии салҕанан баран иһэриттэн аныгы эдэрдэр иҥэмтэлээх аһы аһыылларыттан бары улааппыттарын да иһин өйдөрө-санаалара сайдан, киһи өйүн-санаатын кыайан сиппэттэр, оҕо буолан бүтэллэрэ тардыллар.
Ийэ оҕотун куруук кыра курдук санааһына, кыра оҕо аатынан ыҥыра сылдьара оҕо улахан киһи курдук сананарын, өйө-санаата тупсарын суох оҥорор, атаахтыырга үөрэтэр. Атаах оҕоҕо улахан киһи бэйэтэ быһаарынан сылдьар өйө-санаата букатын да киирбэт.
Улааппыт оҕону ийэ аһара көрөрө-истэрэ, аһата-сиэтэ сатыыра төһө да киниэхэ үчүгэйи оҥорбутун, сынньаппытын иһин оҕо буола сылдьары уһатарын иһин туһата суох. Ол курдук, киһи түүлүгэр ийэтэ көстөн, көрө-истэ сырыттаҕына аны ыалдьан хаалыан сөп.
Төрөппүт оҕотун кэмэ кэллэҕинэ улаатыннаран, улахан киһи курдук өйдөнөн-санааланан киһи буолууну ситиһэригэр, саҥа ыалы тэрийэригэр тириэрдэр ураты сыаллаах. Бу сыалын ситиһэригэр өй-санаа уларыйан биэриитин тутуһара ирдэнэр:
1. Оҕо кыра эрдэҕиттэн тугу барытын бэйэтэ сатаан табан оҥороругар иитии, үөрэтии.
2. Оҕо улаатан истэҕинэ үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэрин, олоҕор туһанарын ситиһии.
3. Улахан дьон араастаан дэгэттээн, үгэргээн саҥаралларын таба өйдөөһүнү үөскэтии.
Үлэҕэ-хамнаска үөрэнии оҕо этин-сиинин табан хамсатарыгар тириэрдэрин тэҥэ, сыыһа-халты туттубат буолууга иитэр, үөрэтэр күүһэ улахан. Ол курдук, өтүйэнэн тарбаҕын охсуммут, ыарыыламмыт оҕо сыыһа-халты туттубат буолууга түргэнник үөрэнэр.
Оҕо хаһан баҕарар саҥаны айыыны оҥоро сатыыр. Ол оҥорор айыыларыттан биир эмэ туһалаах буолан тахсар, онтон атыттара бары табыллыбаккалар, сыыһа-халты буолан тахсаннар куһаҕаны элбэтэллэр. Өй-санаа бу уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһаараннар өс хоһооно оҥорбуттар. “Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быһар” диэн өс хоһооно оҕо кистээн оҥоро сатыыр саҥаны айыытыттан улахан куһаҕан быһыы үөскээн тахсарын быһаарар.
Сахалар таҥараларын үөрэҕэ элбэх үлэһит дьоҥҥо ананар, ол иһин оҕону “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэн сыыһа-халты туттунууну аҕыйатар.
Оҕо буолан бүтүү ыал буолуунан түмүктэнэр. Ыал буолуу диэн киһи сааһа ситтэҕинэ хайаан да оҥоруохтаах, ситиһиэхтээх сыала-соруга буолар. Ыалы тэрийбит оҕо киһи буолууну ситиһэр, оҕо буолан бүтэр. Киһи айылҕаттан ыал буолууга аналлааҕын сахалар билэн “Аҥардас киһи” диэн этиини үөскэтэн туһаналлар.
Ыал буолуу кэнниттэн киһи өйө-санаата уларыйан, этин-сиинин көрдөбүллэрэ туоланнар өйө-санаата оннун булан киһи буолууну ситиһэр. Ол аата “Аҥардас киһи” диэн этин-сиинин баҕа санаата туолбакка эрэйдэнэр киһи ааттанар. “Кытыйанан, хамыйаҕынан кырбаһар” диэн этии эргэ тахсыбакка сылдьар дьахтар өйө-санаата хамсааһыныттан иһити, хомуоһу улаханнык тыаһатарын биллэрэр.
Оҕо иитиитигэр, киһи буолууну ситиһиитигэр ыал ылар оруола олус үрдүк. Ол курдук ыал эрэ; дьахтар уонна эр киһи “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуннара үөрэтэннэр, үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ оҕону үөрэтэллэр.
Киһи олоҕо үс суол кэрдиис кэмнэртэн хомуллар:
1. Оҕо саас. Оҕо улаатан киһи буолууну ситиһэр кэмэ. Оҕо төһө эрдэттэн үөрэнэн, үлэлээн-хамсаан киһи буолууну баһылыыр, ситиһэр даҕаны олоххо ситиһиини оҥорор кыаҕа эрдэлиир, улаатар. Оҕо саас ыал буолуунан түмүктэнэн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии саҕаланар.
2. Кыанар кэм. Кэлэр көлүөнэлэри үөскэтии, үлэҕэ үөрэтии кэмэ. Үлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлиир, оҥорор-тутар, баайы-малы мунньунар кэм буолар.
3. Кырдьыы, мөлтөөһүн кэмэ. Эт-сиин мөлтүүрүн тэҥэ, өй-санаа бытаарар, быһаарыыны ылынар кыаҕа кыччыыр. Киһи кыанар кэмигэр мунньубут баайынан-малынан табан туһаннаҕына, бу кэми ыарырҕаппакка эрэ аһарыан сөп. Сахалар бу кэми “Сылааска сытар кэм” диэн ааттыыллар.
Сааһырдахтарына элбэх оҕолорун бэлэмнэригэр сымнаҕастык сылдьар кырдьаҕастар бу кэмҥэ чахчы сынньаналлар. Ол иһин оҕону киһи быһыылаах буолууга иитии, эппиэтинэскэ үөрэтии үчүгэйин, туһалааҕын туһунан бу кэмҥэ кырдьаҕастар ордук билэллэр.
Онон оҕо улаатан иһэн бэлиэ кэмнэргэ оҥорор ситиһиилэрин билэ сылдьара олоҕун сыалын ситиһэригэр туһалыыр. (1,80).
Туһаныллыбыт литература.
1. Каженкин И.И. Сахаларга оҕону иитии, үөрэтии уратылара. – Дьокуускай: 2023. – 117 с.