Оҕоҕо аналлаах сахалыы задачалар
Оҕоҕо аналлаах сахалыы задачалар - оҕо математикаҕа дьоҕурун уонна логикатын кэҥэтэр, саха тылыгар интириэһин уонна билиитин сайыннарар задачалар. Сорох задачалар көрдөөх математика разделыгар киирсиэхтэрин сөп.
Задачалар холобурдара
Хас киһи үлэлээбитий?
Биригээдэ икки бааһынатыгар үүммүт хаппыыстатын хомуйуохтаах. Бастакы бааһына иккистээҕэр икки төгүл улахан. Биригээдэ дьоно бастакы бааһыналарыгар күн аҥара бары үлэлээбиттэр. Күн иккис аҥарыгар тэҥҥэ хайдыһыан икки бааһынаҕа үлэлээбиттэр уонна улахан бааһыналарын бүтэрбиттэр. Онтон иккис бааһынаҕа нөҥүө күн биир күнү тилэри үлэлээбит уонна бүтэрбит. Хаппыыста хомууругар барыта хас киһи үлэлээбитий? Биригээдэ хас киһилээх эбитий?
Эппиэтэ: Биригээдэ дьонун ахсаана иккигэ үллэһиллэр (четнай) чыыһыланан бэриллэр. Биригээдэ икки эрэ үлэһиттээҕэ буоллар, бааһына тэҥ диэн тахсыах этэ: 1)2+1=3 2)1+(1+1)=3 (3:3). Маннык ньыманан 4, 6, 8 киһилээх биригээдэ төһө сыһыаннаах сири хомуйбутун быһаарыахха сөп: 6:4, 9:5, 12:6. Сөбө: 12:6. Эбэтэр маннык сыһыаны оҥоруохха сөп x+1/2x=2(1/2x+2). Эппиэтэ 8.
Хайдах билэбитий?
Улахан үбүлүөйгэ үрүҥ көмүс значок сакаастаабыттар. Үлэни толорон, уон хааҕа тэҥ ахсааннаах гына хаалаан значоктары аҕалбыттар. Нөҥүө күнүгэр биир хааҕа баар значоктары уларытан, дьиҥнээх үрүҥ көмүстээҕэр 0,1 грамынан ыарахан металтан куппуттарын билбиттэр. Ханнык хааҕа баар значоктар уларытыллыбыттарын биирдэ ыйаан хайдах билиэххэ сөбүй?
Эппиэтэ: Хаалары биэстии гына ыйыыбыт, ол кэннэ ыйааһын икки өттүттэн тэҥҥэ биирдиини көҕүрэтэн ыарахан хааны булабыт.
Хас ботуруону?
Саас анды саҕана Күппээл Көстөкүүн өрүү икки саалаах бултуур: биирэ 12-с, иккиһэ 16-с калибрдаах. Кус кэлбитигэр ыксаан, 12-лээх ботуруоннарыгар 16-лаах хааны тоҕо тутан кэбиһэр. Саатар икки уостаах икки саата кураанах буолан биэрбиттэр. Күппээл Көстөкүүн ити булкуллубут ботуруонтан хаһы харбаатаҕына, биир саатын икки уоһун иитэн, түспүт кустары ытан кыахтаа5ый?
Эппиэтэ: Үс ботуруону ыллаҕына иккитэ эбэтэр үһүөн биир калибрдаах буолуохтара, онтон иккини эрэ ыллаҕына биирэ атын калибрдаах буолуон сөп.
Хас кус хаалбытый?
Күппээл Көстөкүүн сэһээккэтин иннинэн сэттэ кус түһүөхчэ түспэккэ ааһа көтөн эрдэҕинэ, туттуулаах муҥутаан, иккитэ ытан үһү түһэрбит. -Хайа, хас хаалла?- диэн, кирийэн олорор атаһыттан тиэтэл үлүгэрдик ыйыппыт. -Ээ, түөрт эрэ,- диэбит онуоха атаһа. Кырдьыга хас хаалбыта буолуой?
Эппиэтэ: Ууга 3 кус, тыыннаах 4 кус хаалбыт.
Сигэлэр
Тыл оhуора: Тыл оонньуулара. Орто уонна улахан саастаах оскуола о5олоругар/ Филиппова Н.И., Филиппов Г.Г. - Дьокуускай: Бичик, 2002. - 32 с., ил.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |